Саха фольклора. Группа авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6656-8
Скачать книгу
хамнатар

      Эргиэлимэ элэмэс,

      Харах хамнатар

      Халыан хара,

      Kөҕүл хамнатар

      Көндөрү көгөччөр,

      Кэтэх хамнатар

      Кэптэли кэрэ,

      Сиэл хамнатар

      Сиксиллимэ сиэр,

      Apҕac хамнатар

      Адырыын apaҕac,

      Хаппар хамнатар

      Хаамыылаах хара,

      Сүһүөх хамнатар

      Сүрдээхэй сүүрүк,

      Туйах хамнатар

      Туллук тypaҕac,

      Бас хамнатар

      Маанылаах маҥан,

      Таныы хамнатар

      Талыы дьаҕыл,

      Уҥуох хамнатар

      Улуу дьоруо!

Г.У. Эргис суруйуутуттан[13, 271 c.]

      Урууга уот оттор алгыс

      Алгыстаах аал уотум

      Аналлаах иччитэ,

      Алаас сыһыы

      Аҥаар быһаҕаһын курдук

      Араҥас маҥан дьаарбаҥнаах,

      Суоһана турар

      Суорба хайа быһаҕаһын

      курдук

      Суостуганнаах суостаах

      Суо хаан оһох дукдалаах,

      Алталаах атыыр сылгы

      Алын чөмчөкөтүн курдук

      Ала хааҥсаар хататтаах,

      Ханчааһын тый быарын

      курдук

      Хатан тэбиэр эстэриилээх,

      Хаардаах бугул саҕа

      Хардаҥ от саҕалаах,

      Түүтэх от курдук

      Түү иһигэй кыалаах,

      Буруо уоллаах,

      Кыым кыыстаах

      Кыырык төбө,

      Бырдьа бытык,

      Хатан суоһуйа,

      Хаан чаҕаан,

      Көмүс ураанньык,

      Күөнэ көҕөччөр,

      Алтан баһырҕас

      Аан Уххан Тойон эһэм,

      Тулуу бараан тойоно

      Туора чанчык

      Туораххай бахсы,

      Иэримэ дьиэ иччитэ

      Эрбэгэй баттах

      Иэрэгэй бахсы,

      Хотон уорук иччитэ

      Холбуу баттах

      Хотой бахсы,

      Тиэргэн иччитэ

      Тэриир баттах

      Тиэрэгэй бахсы,

      Туспа үрэх

      Туҥуй ыччата

      Тус бэйэбитигэр

      Туһааннаах кэргэн

      Буола кэллэ,

      Атын алаас

      Ала ыччат оҕото

      Анал бэйэбитигэр

      Аналлаах оҕо

      Буола кэллэ,

      Тас өттүбүтүттэн

      Таас уллуҥах киирдэ диэҥҥит

      Таһарахсыта

      Саныыр буолаайаҕыт,

      Туора өттүбүтүттэн

      Туос уллуҥах киирдэ диэҥҥит

      Туоххаһыйа саныыр буолаайаҕыт.

      Саха киһи

      Салаллар саргытынан,

      Урааҥхай саха

      Утумнаһар оҥоруутунан

      Алтан сэргэни анньа,

      Аал уоту айгыһыннара,

      Алаһа дьиэни ахталыта,

      Үрүҥ дьиэни үрэччилии,

      Хара дьиэни хараччылыы,

      Иэримэ дьиэни иччилии,

      Улаан түптэни олохсута,

      Сатыы бүкээҕи саайа,

      Тоҕой сэлэни тиирэ,

      Таалай тиэргэни тарҕата,

      Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттүү,

      Алгыстаах араҕас чэчири анньа

      Аттанан кэлбит

      Алгыстаах күнэ буолла.

      Күн Эбэлэрим,

      Күүккэйэ көрүмэҥ дээ!

      Айыы Эдьиийдэрим,

      Атыҥырыы санаамаҥ дээ!

      Дьонноһо