Уйгур. Сайа Михалева. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Сайа Михалева
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6098-6
Скачать книгу
буоламмын, мин өссө төгүл соһуйан өрө көрө түспүтүм уонна онтубуттан кэмчиэрийэн, «ол тапталы кэпсиир эбит дуу, суох дуу…» диэн санаалаах саҥата суох кэтэһэн олорбутум.

      Үйэ тухары биир сиргэ мунньулла турбут уу таһымныы туолан, хаайан турбут быһыты кэмэ кэллэ диэн кэбирэх сиринэн тоҕо көтөрүнүү, Уйгур кутугар-сүрүгэр бу тухары иитиэхтэммит санаа-оноо бастаан ордук сылаас, ордук күндү кэмнэр өйдөбүллэрин кэритээт, сүнньүн булан, очурдаах олох умсугутан илдьэ бара турар кэпсээнин устар сүүрүгэр кубулуйбута… Кырдьаҕас киһи долгуйан ылар сиригэр эйэлээхтик чарылыы сыппыт таас үрэх ардыгар харгыга охсуллан халдьыгыраан ыларыныы, истэн олорооччу кулгаахпар батан киирбэт тыас буолан, иһирдьэ-таһырдьа дьалкыһыйан ылара…

III

      …Мэлэкэни үрэх баһа дииллэр эрээри, биһиги саҕана от-бурдук бөҕөтө үүнэр, киһи-сүөһү ууһуур-тэнийэр, туох да ааттаах дойду этэ буоллаҕа. Ону ити таах хаалларан кэбистилэр. Хайа уонна булда-алда… Мин 1916 сыллаахха төрөөбүппүн. Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан кус-куобах диэн баран муннукка ытаан, олоҕум оччотооҕу дьолун онтон булан, дурда дугуйданан, ойуур-тыа эҥээрдэнэн улааппытым. Миитэрэй диэн аҕалаахпын, Сүөкүлэ диэн ийэлээхпин, балыстаахпын, бырааттаахпын. Улахан уола буоламмын дуу, ийэм миигин олус таптыыр, атаахтатар да этэ. Сарсыарда аайы ымманыйа-ымманыйа сыллаан уһугуннарарын хаһан даҕаны умнубатаҕым, умнубаппын.

      Айахпытынан тутайар диэни билбэт этибит. Булт, мас көтөрүн этэ, көмүс хатырыктаах бастыҥа, үрүҥ ас эгэлгэтэ, анаан туттуллар эмис идэһэ, хобордооххо сырдьыгыныы буһар арыылаах алаадьы, суорунаттан бу тахсыбыт бурдугунан лэппиэскэ, тар, отон-дьэдьэн саха ыалын остуолугар солбуһа тардыллан иһэр этилэр.

      Саҥа олох сонуннара, саҥа былаас дьаһаллара бастаан утаа биһиэхэ, кырдьык да үрэх баһыгар, арыый хойутаан кэлэллэр быһыылаах, ыйаахтар-дьаһаллар сүүс бырыһыан туолбаттара да буолуо. Ыал үксэ бэйэтэ бас билэр сүөһүлээх, сылгылаах, бары бултуур, балыктыыр сэптээхтэр. Мин өйдүүрбүнэн, олус байан буруйу сүкпүт да, олус дьадайан өрө тутуллубут да суоҕа. Хоростор диэн кыахтаах аймах Бодойбоҕо эт-арыы, түүлээх тиэйэн илдьэн мэнэйдэһэн, чэй-табах, таҥас-сап аҕалан атыылыыллара. Дүҥүрдэрэ дүрбүйбүт, кыаһааннара кылыгыраабыт ааттара ааттаммат кырдьаҕастар илэ хаамса сылдьаллара, сорохторо кэрэх мастаах кэриилэргэ хараллан да сытталлар, бити-билгэни кытта холбоһон, син биир тыыннаах дьон олохторугар орооһо сылдьар курдуктара. Сотору-сотору мэнэрийэн ыһыллаҥнаан туран кэлэр эмээхситтэргэ этиттэрэн, ол сытааччылар илдьиттэрэ ханнык баҕарар ыал аанын, түүн-күнүс сэрэппэккэ арыйан киирэллэрэ. Лаппаахы ойуун диэнтэн былаастар дүҥүрүн, кумутун былдьаан тураллар. Онно ордук атаҕастаабыт дьону оҕонньор бэйэтэ билэринэн дьаһайталаабыт, онон дүҥүрдээхтэри утары охсуһуу тохтообута быһыылааҕа.

      Мин Лаппаахы ойуун ытык дабатарын көрбүттээхпин. Ханнык да хаҥыл сылгы сыһыйан, кини уунан биэрэр чабычахтаах кымыһын иһэн киллиргэтэр этэ. Дьиҥнээх ойуун этэ, сиэтэҕинэ – сиир, абыраатаҕына – абырыыр.

      Онон