Кырыыстаах кылаат. Данил Макеев. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn:
Скачать книгу
бүтээтин кытары сотору буолаат ыһыахтаабыттара, онтон окко киирии сүпсүлгэнэ эмиэ ыган кэлбитэ. Биир киэһэ окко киириигэ аналлаах мунньаҕын ыыппыттара. Киэсэлээх онно улаханнык наадыйбат дьон билисибиэттэрин хасыһа сылдьыбыттара. Киэһэлик Баанньа мунньахтан кэлбитэ. Күүлэҕэ тардыллыбыт остуолга аһыы олорон мунньах хайдах барбытын кэпсээбитэ. Ийэлэрэ кимнээх звеноводунан анаммыттарын ыйыталаспыта. Былырыыҥҥыттан уларыйыы суох этэ.

      – Уйбаан Турантаайап уонна Тарабыыкын Мэхээчэ бу дьону былдьаһан этиһэ сыстылар. Уйбаан акка сыстаҕас, үлэһит оҕолору куруук эһиги ылаҕыт диэн айдааран турда. Ону Мэхээчэ истиэн да баҕарбат. Уолаттарбын биэрбэппин, убайдарын кытары сылдьыбакка хайаан эһиэхэ барыахтарай диир. Дьэ, онон, нохолоор, син дьон эбиккит ээ, – диэн баран Баанньа күлэн кэбиспитэ. Кини Киэсэлээх Артему өрүү сэнии санааччы. Тугу да сатаабат, кыайбат дьонунан ааҕааччы.

      Киэсэлээх үлэһит быһыытынан хайҕаммыт, өссө звеноводтар былдьаһан «бырта сыата» буолбут дьон эгди буола түспүттэрэ. Онтубутун дьоммут билиэхтэрэ дии санаан Киэсэ Артемкаҕа:

      – Сөтүөлүү барыахха эрэ, – диэбитэ. Киһитэ:

      – Чэ, – диэт, бэлисипиэтигэр сүүрбүтэ.

      Киэсэ тэрилэ «куругулуойдаан» сордуурун кэлин көлүөһэ ис буотараҕын онтон-мантан хомуйан оҥорбуттара үчүгэй буолбут этэ. Үрэххэ сырылатан тиийбиттэрэ: Артемка бииргэ үөрэнэр уолаттара уонна кыра оҕолор сөтүөлээн булумахтана сылдьаллара. Таҥастарын ньылбы тардынаат ууга ыстаммыттара. «Акулалаах» оонньоон бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэ сырыттахтарына, соҕурууҥҥу чүөмпэ уута өрө бүллүгүрүү түспүтэ. Туох тыаһыырын көрөөрү көҥүс үрдүгэр ойон тахсыбыттара. Чүөмпэ уута оргуйан эрэрдии бидилийэн аҕай эрэр этэ. Киэсэ хаһан эрэ лабыҥкыр күөлгэ баар дьикти харамай туһунан аахпытын санаан иэнэ тымныйталаан ылбыта. Эмискэ туох эрэ күөхтүҥү хараҥа уу үрдүгэр сүгүллэн тахсыбыта. Бары өрө уһуутаһа түспүттэрэ. Били баҕайы төттөрү тимис гыммыта, онтон тэлгэһэ аҥаарын саҕа хап-хара муус дагдас гына түспүтэ.

      Манна саас эрдэ бөһүөлэктэн чалбах уута халыйан киирээччи. Биирдэ уу баһар «Беларусь» систернатыгар уу оборторбута тардан ылан, халтарыйан чүөмпэ ортотугар киирэн хаалбыт этэ. Онно Соппуруонап Бааска хаайтаран хаалбытын быыһыыр, тыраахтары состорон таһаарар аймалҕаныгар оскуола оҕото барыта мустубута. Баасканы быа быраҕан соһон таһаарбыттара. Түгэҕэ чэҥ буолан киһи таба үктэммэт үлүгэрэ быһылааҕа. Тыы аҕалан, трос холбоон тыраахтары соһон таһаарыахтарыгар диэри оҕолор киинэ курдук көрөн турбуттара. Оннук уу анныгар хаалбыт муус бу бэс ыйын бүтүүтэ биирдэ күөрэйбитэ быһыылааҕа.

      Улахан уолаттар, оччону көрбүт дьон, хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн киирэн муус диэки харбаан күллүргэппиттэрэ. Тымныыкката сүрдээх этэ. Киэсэ мууска тахсан халты-мүлтү тэбинэ сылдьан кытыы диэки көрбүтэ: кыра оҕолор кинилэр харса суохтарын сөҕөн аллаһан аххан тураллара. Сотору тиистэрэ ыпсыбат буола титирэһэн, күлэн-салан айманан төттөрү харбаан тахсыбыттара. Өрүтэ ыстаҥалаан, төттөрү-таары сүүрэкэлээн ирэ түһээт