Кырыыстаах кылаат. Данил Макеев. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn:
Скачать книгу
оҥорор курдук этигит дии.

      – Ээ, бэрт кыра. Арааһа, көрбүрээтэрэ хаппырыыстыыр быһыылаах. Бөтүөхтээн ылар диир.

      – Чэ, оччоҕо остуолгун тарда тур. Суонньа билигин киирэр ини, – дии-дии, Ыстапаан сиһин имэринэ олордоҕуна, күүлэҕэ атах тыаһаата. – Дьэ, ити кэллэ.

      Аһылыкка ийэлэрэ остуолга кэллэ. Ыстапаан эрдэттэн былааннаабыт санаатын этэн, Маайа сарсын балыыһаҕа киирэн сыта түһэн тахсар буолла.

      Сарсыҥҥытыгар Киэсэ Махачкала массыынатынан ийэтин балыыһаҕа киллэрэн кэлбитин кэннэ, Ыстапаан уолун ыҥыран ылла. Бэрт ырааҕынан эргитэн, эһэтэ Хонооһой кистээбит көмүһүн туһунан кэпсээбитигэр Киэсэ балачча өр сөҥөн олордо, онтон ойон туран хоһугар киирэн магнитофон тутан таҕыста. Аҕатын таһыгар кэлэн олорон баран:

      – Аҕаа, эһэм көмүһүн ханна, хайдах сиргэ кистээбитин өссө сиһилии кэпсээ эрэ, магнитофоҥҥа уһулуом этэ, – диэтэ.

      Ыстапаан маҥнай хайдах эрэ мух-мах барыах курдук буолан иһэн, өссө биирдэ сиһилии кэпсээн баран:

      – Билигин ити көмүһү киһи туһаныа дуо? – ьдиэбитигэр:

      – Толкуйдуохха наада, толкуйдуохха, – дии-дии, уола тарбахтарын лачыгырата-лачыгырата, төттөрү-таары хаамыталаата. Ыстапаан уолун сирэйэ-хараҕа хайдах эрэ уларыйан хаалбытын дьиксинэ көрдө. Кэпсээбитин кэмсинэ санаан эрдэҕинэ Киэсэ:

      – Аны сааскыга диэри бириэмэ баар. Эн биһикки итини өссө үчүгэйдик сүбэлэһиэхпит, – диэн баран аны эһэтэ Дьааҥыттан хаһан, хайдах, ханан кэлбитин туоһуласта.

      Ыстапаан аҕата Дьааҥыттан күһүн, муус турбутун кэннэ, Тукулаан үрэҕин таҥнары батан, билигин Түүлээх нэһилиэгин киинэ буолан турар сири көрбү-түнэн Алдаҥҥа түспүтүн, онтон дойдутун булбутун туһунан кэпсээбитигэр, Киэсэ аҕыйах сыллааҕыта икки уол мунан сатыы биэс уонтан тахса хонук айаннаан кэлбиттэрин туһунан хаһыаттар суруйбуттарын өйдөөн кэллэ… Түүлээх бу кинилэр олорор сирдэриттэн аҕыс көс курдук буолуохтаах. Аҕатыгар мунан кэлбит уолаттар тустарынан кэпсээн эрдэҕинэ оҕонньор: «Аахпытым. Эн эһэҥ даҕаны ити суолунан киирбит буолуохтаах. Былыр айаннарын суола итинэн буоллаҕа дии», – диэтэ. Уоллаах аҕа итинтэн салгыы Дьааҥыга хаһан, хайдах тиийиэххэ сөбүн сүбэлэстилэр. Киэсэ самолетунан айанныыры тута сөбүлээбэтэ. Ким да билбэтинэн баран кэлиллиэхтээх. Онон сааһа кырдьык ордук буолсу диэн санааҕа кэллилэр. Түүлээххэ тиийэн, өрүс эстиэн иннинэ Алданы туораан, Тукулаан үрэҕин өрө бардахха тиийиэххэ сөп. Арай сааскы халаан уута, кыыл-сүөл эрэ моһуоктуо. Аттаах, ыттаах, саалаах-сэптээх киһи үчүгэйдик сырыттаҕына балтараа-икки ыйынан эргиллэн кэлиэн сөп курдук. Оннооҕор муммут уолаттар аһаүөлэ суох, суос-сатыы кэлбиттэр этэ дии. Көмүс кистэммит сирин көрдүү сылдьан киһи хараҕыттан дьалты буолуохха эрэ наада. Дьону көрүстэххэ туох диири эрдэттэн толкуйдаатахха сатанар. Оттон көмүһү хайдах туһанар туһунан сыыйа, сыта-тура ырыҥалыахха наада диэн кырдьаҕастаах эдэр сүбэлэстилэр.

      Ити күнтэн ыла Киэсэ өйө-санаата наар Дьааҥыга баран кэлии туһунан буолла. Суол-иис эрэйин, кутталын туһунан санааны көмүһү