– Антах биир сыл олорбуккун буолбат дуо? Уонна хайдах итинник саҥараҕын? Кэллэҕинэ да кэлэр буоллаҕа. Кэлбит киһини бука эн да буоллар үүрбэтиҥ буолуо, – ийэтэ сэмэлиирдии көрөр.
– Чэ, ийээ, бүттүбүт. Кэргэн тахсар санаа суох.
– Нарыйа, массыынаҥ кэллэ быһыылаах. Массыына тохтуур тыаһа иһилиннэ, – аҕатын сөҥ саҥата саалаттан иһиллибитигэр кыыс, остуолуттан ойон туран кириэһилэҕэ бырахпыт тирии сонун, суумкатын харбаат, таһырдьа ыстанна.
– Дьэ, итинник. Киһини кытта сүгүн кэпсэппэт. Сөбүлээбэт эрээри тугу гынаары бииргэ олорбутай? Төлөпүөнүнэн кэпсэппэт. Биир сыл олорбут да, саатар ыарахан буолбатах. Сааһа ыраатта, – Дария ботугуруурун быыһыгар иһитин хомуйа сырытта.
Нарыйа, УАЗ кэнники олбоҕор олороот, аргыстарын кытта күө-дьаа кэпсэппэккэ, массыына иҥнэл-таҥнал түһэригэр бигэнэн, утуйардыы оҥостон быар куустан тиэрэ түһэн олордо. Ийэтэ быйыл сайыны быһа Григорийынан иирдэ. От үлэтин саҕана, ийэлэрэ эрэ баарыгар кэлэн барбыт этэ. «Сүрдээх үчүгэй, номоҕон баҕайы уол. Саһарчы көрөн сахаҕа кырасыабай киһи. Үөрэҕэ суоҕа туох буолуой? Кылаабынайа, киһи быһыытынан үчүгэй буоллаҕына сөп. Бииргэ кыстаан баран, тоҕо сураҕа-садьыга суох сүтэҕин? Күһүн билсэ кэлиэх буолбута», – диэн кэпсээннээх тоһуйбута. Аҕата: «Хата, күһүн сыа сииһикпит», – диэбитэ. Күүтэллэр быһыылаах. Туох да буолбатаҕын курдук, киһи кыһыйыах, эрийэр буоллаҕа үһү. Түбэстэҕинэ, ийэтэ кэпсэтэр быһыылаах. Ийэтэ эрэйдээх билбэт, дьиҥ сирэйин билэрэ буоллар, атыннык саҥарыа этэ. Ону өҥнөммүт киһи курдук, барытын хайдах кэпсии сылдьыаҕай? Төрөппүттэрэ билбэттэр. Убайдара «табыллыбатаҕын» сэрэйэллэр быһыылаах. «Боруобалаан кэлэн көрдүн эрэ», – дэһэн эрэллэрэ. Мин дьоммор кэпсээбэтэхпин билэн наһаалаан эрэр. Ол эрээри кэлиэ суоҕа, кини да буоллар иһигэр дьаарханан эрдэҕэ. Нарыйа барытын ыраас илиистэн саҕалаан, күһүҥҥүттэн учууталлыырын тохтотон, улуус хаһыатыгар корреспонденынан киирбитин кэмсиммэт. Үлэлииргэ интэриэһинэй. Учууталлыырын сирбэт этэ да, хайдах эрэ оскуолаҕа киириэн баҕарбатаҕа, эбиитин улуус киинигэр миэстэ суоҕа. Тыаҕа барыан эмиэ тардыммыта.
Айыыналаах Сергей Николаевич уруккуларын курдук оскуолаларыгар үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Онтон Марина быйыл бэйэтин нэһилиэгин оскуолатыгар үлэлии хаалбыт. Айыына этэринэн, оскуолатааҕы табаарыһынаан бэртиилэр эрээри, Сергей Николаевич ыҥырара эбитэ буоллар үөрүүнэн төннүөм этэ диир үһү. «Таптаабат киһини хайыахпыный, күүспүнэн таптаппат буоллаҕым. Мин да тапталым туһугар охсуһа сатаатым да, кыайбатым», – диэбит. Кырдьыга да, оннук быһыылаах. «Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар» диэн өс хоһоонугар этэллэрэ оруннаах быһыылаах. Кини оскуолаҕа, университекка биир да уоллуун доҕордоспотоҕо. Үөрэҕин бүтэрэр сылыгар «кэргэн тахсыбатым, доҕордоһор уолум да суох, кырдьа барбыт кыыс дьылҕатын хатылыыр буоллум» диэн санааҕа кэлбитэ. Кыргыттара: «Дэриэбинэҕэ тиийээт да, нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттан, сытыыгын-хотуугун киллэрэн сырыт. Билиҥҥиҥ