Олох оҕо оонньуута буолбатах. Татьяна Находкина. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Татьяна Находкина
Издательство: Бичик
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2013
isbn: 978-5-7696-3896-1
Скачать книгу
кэтэһэн олордо. Марина ытаан сирэйэ-хараҕа салбаҕырбыт, ыһыллыбыт кылгас баттаҕын көннөрөн өрүтэ аспахтыыр, остуол аттыгар турар олоппоско ыараханнык олордо. Айыына дьүөгэтин диэки ыйытардыы көрөн олордо.

      – Сергей секциялаахпын диэн спортзалтан тахса да соруммата. «Барыахха» диэн этэн баран учительскайга кэтээн олордум. Оҕолор сэрэйдилэр быһыылаах. Хаһааҥҥа диэри олоруохпунуй, үс чаастан учууталлар да кэлитэлээн бардылар, – Марина титирэстээбит куолаһынан кэпсиир. – Бары мин сирэйбин-харахпын көрөллөр. Кинилэргэ сип гыммыты ситиигэ тиһэр, сап гыммыты сапка тиһэр дэриэбинэ сонуна буоллаҕа. Көрөр харах, истэр кулгаах, этэр тыл оҥостон эрдэхтэрэ.

      – Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун тоҕо итинник куһаҕаннык саныыгыный? Сергейдиин биир тылы булбатаххытыгар ким да буруйа суох. Нарыйаны даҕаны сыыһа буруйдуугун, – Айыына, иһигэр төһө да дьүөгэтин аһыннар, кытаанахтык саҥарарга быһаарынна. Бу түбэлтэҕэ аһыммыта буола оонньоотоҕуна, кыргыттарын эриирдээх-бутуурдаах боппуруостарын эбии күүркэтэн, дириҥэтиэн эрэ сөбүн чуолкай өйдөөтө. Күннээҕи кыһалҕа эрэ курдук сыһыаннастаҕына табыллыыһы.

      – Нарыйа атаҕастаммыт-баттаммыт буолан барда дуу? Хоойго сытар холоонноох доҕордоох эрээри, тоҕо сокуоннайынан холбоспотуй? Сөбүлээн хоонньосто ини, – Марина хараҕын уутун сотторун быыһыгар бииргэ үлэлиир үөлээннээҕин быһа-хото саҥарарын тохтоппото.

      – Чэ, бэйэҕит быһаарсыҥ. Мин дьон тус олоҕор орооһуо суохпун дии санаатым. Нарыйа билигин кыыһыран, хомолтотун этэн барда. Этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп курдук. Оскуолаҕа үһүөн сылынан быысаһан кэлбиппит. Дьиҥинэн, үлэҕэ, үөрэххэ, олоххо, кэлин тиһэҕэр тапталга, бэйэ-бэйэбитигэр тирэх буолуохтаах этибит. Онтон биһиги көмөлөсүһүөхтээҕэр утарыта турдубут. Бөһүөлэккэ наар биһиги кэпсээммит буолла. Дьон киэһээҥҥи аһылыктарыгар кэһэ сылдьар кэпсээннэрэ, соһо сылдьар сонуннара буоллубут. Бары «хайдах буолаллар» диэбиттии, сирэйбитин-харахпытын кэтииллэр, – Айыына кыыһыран-абаран саҥарарын быыһыгар дьүөгэтин эмиэ да аһыммыттыы көрөр.

      – Онон туох диэри гынаҕын? Бары миэхэ хараххытын аалбыт буоллаххытына, мин барыам, күн сарсын дириэктэргэ сайабылыанньа суруйуом. Сергейи итинник көтүмэх буолуо дии санаабатаҕым буруйум үһү дуо?

      Эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥордо, – дии-дии, кыыс тохтоло суох сүүрэр хараҕын уутун соттор.

      – Ытаама, хайаҕыт да буруйа суох. Тапталтан киһи харалҕан буолар дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Дьылҕа хаан бэйэтэ билэн эрдэҕэ. «Холбоһуоххун» диэн былырыын этэ сатаан кэбиспиппин истибэтэҕин. Киинэҕэ көстөр, кинигэҕэ суруллар тапталтан дьиҥнээх олох таптала олох атын, уустуктардаах буоллаҕа, – саҥарарын быыһыгар Айыына дьүөгэтин санныттан кууспутугар Марина ыга сыстан, саҥа таһаарбакка ытаан киирэн барда.

III

      Саас. Кырыыһаттан таммахтар түһэн, оскуола кирилиэһэ уунан халыйбыт. Киэһэ дьыбар түстэр эрэ, сүрдээх халтараан буолар. Оскуолаттан киирэр-тахсар үлэһиттэр үөрэнээччилэрдиин бары кирилиэс өйөнөрүттэн