Олох оҕо оонньуута буолбатах. Татьяна Находкина. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Татьяна Находкина
Издательство: Бичик
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2013
isbn: 978-5-7696-3896-1
Скачать книгу
ыарахан буолуом диэн куттаммаккын дуо? – Айыына дьүөгэтин үтэн-анньан көрөрүн тохтоппот.

      – Суох. Харыстанабын. Онно баҕас төбөбүн үлэлэтэбин, – Нарыйа хараастыбыт куолаһынан хардарар.

      – Оннук эрэ буоллун. Нарыйа, оттон Сергей Николаевичка сыһыаныҥ хайдаҕый? – дьиэлээх кыыс итии чэй кутан ыалдьытын иннигэр уурар.

      – Сергей Николаевичтыын ханнык да сыһыаным суох. Марина күнүүлээбитэ буола сылдьыан кэриэтэ, сайыны күүппэккэ, түргэнник холбоһуоҕун. Мин көрдөхпүнэ, Сергей Николаевич дьахтар аймахха бэйэтэ сытыы-хотуу, дьэллэм киһи быһыылаах. Хомууттана илигинэ кимниин баҕарар оонньоһуон сөп курдук көрөбүн. Онтон биир бэйэм үлэһит быһыытынан убаастыырын убаастыыбын эрээри, киниэхэ ханнык да истиҥ чуубустубам суох. Марина тоҕо оҥорон көрө-көрө миэхэ күнүүлүүрүй? – кыыс аны мин ыйытар уочаратым диэбиттии дьүөгэтин көрөр.

      – Сергей Николаевич кэлин Маринатыгар наһаа тоҥуй. Биһиэхэ кэлин олох сылдьыбат буолла, кыыс бэйэтэ күнүс-түүн диэн аахсыбакка кэтээн-манаан, элбэхтик эккирэтиһэн дьон хараҕар бииргэ сылдьар курдуктар. Сергей ийэтэ да тугу эрэ уорбалаан, Маринаны бэйэтэ ыҥыран, дьиэтигэр сырытыннарар буолан эрэр. «Көһөн кэл» диэн бэҕэһээ ыҥырбыт этэ.

      – Оттон оччоҕо барыаҕын, тугуттан тутуллар, – Нарыйа сэргэхсийэн, сирэйэ сырдаан кэлэр. – Мин да сымыйанан күтүрэнэн бүтүөм этэ.

      – Ама да буолтун иһин, ийэтэ ыҥырда диэн, уол бэйэтэ көһөрө кэлиэн иннинэ хайаан барыаҕай. Кини эмиэ бэйэтин убаастанар буоллаҕа. Киһи да уларыйар эбит. Былырыын Сергей Николаевич Маринаттан күнэ тахсара, тапталга билинэн да биэрэрэ. Бу буолар быатыгар Марина уол тапталын уйанын-хатанын олус уһуннук эллээн, Сергейин мүччү тутар кэрдиискэ кэллэ. Билигин барыта эйигиттэн тутулуктанан турар. Нарыйа, эн табыллыбатым диэҥҥин дойдугар барыаҥ этэ. Мин ис санаам, чэ, итинник, төһө да сөбүлүү истибэтэргин, ситэри иһит. Туох да диэ, Григорийдыын билигин кыһалҕаттан олороҕун, онон дьыала дириҥии илигинэ баран хаалыаҥ этэ. Тэҥэ суоххут. «Аҥаара – таҥара маһа, аҥаара – күрдьэх маһа» диэн өс хоһоонугар дылы буолан түһэҥҥит. Бөппүрүөк бүөтэ, хадаар хаата киһи. Ону билбэккэ дылы, өссө бэйэтин көрдөрөн иһиэҕэ. Оттон Сергей Николаевич, мин көрдөхпүнэ, эйигин кырдьык сөбүлээн эрэр быһыылаах, – Айыына түргэн-түргэнник тылыбыратарын быыһыгар кыыһын сирэйин-хараҕын сэрэхэдийбиттии көрөр.

      – Итини этээри ыҥырбыт эбиккин дии. Мариналыын сүбэлэһэҥҥит, кэпсэтэрбитигэр усулуобуйа тэрийэн, баччааҥҥа диэри оскуолаттан кэлбэт. Чэ, буоллун. Ол эрээри, үөрэх сылын түмүктүүр санаалаахпын. Туох эрэ улахан буруйу оҥорбут курдук куотар санаам суох. Григорийы да сиргэ-буорга тэпсэн, быраҕар туһунан толкуйдаабаппын. Киһилии холбоһон, ыал буолар санаалаах тиийдэҕинэ, үүрэн кэбиһиэм суоҕа. Онно суоҕунан мээнэ баайсыбакка, атын дьахтары көрбөт курдук Сергей Николаевичкытын тутуоххутун, – Нарыйа түргэн үлүгэрдик ойон туран сонун кэттэ, кыыһыран титирэс буолбут куолаһынан быһыта баттаан саҥарда. – Мин эйигиттэн