Биэрискэ Махсыымын «дөйбүт киһи», «замухрышка» диэбиттэриттэн өһүргэнэн, тугу да саҥарбата. Ол икки ардыгар Махсыым таһырдьаттан киирэн кэллэ. Хаһаайкаттан ыраах, оһох иннигэр кыра олоппоско олорунан кэбистэ, дьыалата хаахтыйан эрэрин тутатына таайда.
– Тоойуом! Кыратык таска тахса түс эрэ, мин бу кыыстыын кэпсэтиэм этэ! – Аана долгуйан, саҥата тыҥаабыт. Махсыым тыастаахтык ойон туран, ааны «лип» гына быраҕан, тахсан барда.
– Маама-а! – ийэтин диэки куһаҕаннык көрөөт, Биэрискэ эрин сырыста. – Махсыым! Максиимка-а!
Уол УАЗ-игар кирэн олороотун кытта, Биэрискэ сүүрэн кэлэн хабыынаҕа хатааһынна, массыына аанын тыаһа «лап» гынна. Уол саҥата суох ыйытардыы көрөн ылла. Кыыс ахсарбатахтыы ийэтин дьиэтин диэки сапсыйан кэбистэ. Массыына эстэр тыаһа кыыкынаата уонна бадараана бэлиэр кууран эрэр уулусса устун бырылыы турда – билсэн-көрсөн бүттэхпит ол…
Оҕолор соччото суох сирэйдэриттэн дьоно аах туох буолбутун тута сэрэйдилэр. Били, ыһыах кэнниттэн, от саҕаланыан иннинэ, уруу ыһыаҕа тэрийэн, киэҥник-куоҥнук малааһынныах буолбут былааннара ыһыллан, букатын мунан хааллыллар. Махсыым иннинэ икки кыыс оҕолоох, соҕотох уоллаах ыал уруу тэрийэн көрө иликтэрэ. Кыра кыыстара кэргэннэммэккэ сылдьар, улаханнара уруута суох ыал буолан, хоту баран олорор. Оттон Биэрэ соҕотох оҕо, бииргэ төрөөбүттэрэ суох. Онон уруурҕаһар үөрүүлээх, бэлиэ түгэннээх буолуо этэ да… Оҕолор урууттан кыккыраччы аккаастаннылар.
– Эс! Хайдах ыт-кус курдук холбоһон хаалаары гынаҕыт? Биһиги бэйэбит да аймахтарбытын ыҥыран, билсиһии малааһына оҕотун баҕас тэрийээ инибит! – диэн Татыйыына кыыһырда.
Эдэрдэр ыгдаҥнаһан кэбистилэр. Малааһыннарын күһүҥҥүгэ анаатылар.
Аана бииргэ төрөөбүттэрэ суох, кыыһын булумньунан, эрэ суох төрөөбүт аҥаардас дьахтар. Өрөбүл күн күүлэтин иннигэр сылабаарын күөдьүтүнэ сырыттаҕына, тастыҥ эдьиийэ Сөдүөрэ тиийэн кэллэ.
– Хайа, туох сонун? – Сөдүөрэ кыыкынас-сааҕынас саҥалаах. Моҕохтоох модьу моонньун килиэккэ ойуулаах от күөх ноһобуойунан сотунна. Онтунан кып-кыра көлөһүн таммахтара бычыгыраан тахсыбыт муннун, сүүһүн сотунна, уонча оҕо тиирэ тэппит иһин көннөрүнэн, үрүҥ кырааскалаах, өйөнөрдөөх ыскаамыйаҕа олохтоохтук оҥостон, ханна да ыксаабат киһи быһыытынан, өтөрүнэн хоҥнон туруо суох айылаахтык сыстан, олорунан кэбистэ.
– Күүлэҕэр көспүккүн дуу? Арыыйда эрдэ диэммин мин көһө иликпин.
Буолары-буолбаты, дьиэ иһинээҕини сэһэргэһэн баран, Сөдүөрэ кэлбит соругун быһаарсаары туоһуласта:
– Хотуой, Аана, кыыһыҥ чуурайдар Саҥарбаттарын уолугар эргэ тахсан барбыт үһү буолбаат, ону тоҕо кистээтиҥ, хаһан иһиллиэ суоҕун?
– Ээ, миигин «остуолланан» хобугунаһан эрдэххит! Сирэйэ-хараҕа хайдах эбит диэн көрө кэллиҥ дуо?!
– Эс! Эн бу хайдах буоллуҥ?! – Сөдүөрэ соһуйа иһиттэ. – «Остуолланан» буола-буола!