Хортуоска ыһаарыланан киэһээҥҥилэрин аһыы олорбут кыргыттар сүүрэкэлэһэн бардылар. Оля, чааскылаах чэйин туппутунан, таҥас ыскаабын иһигэр киирдэ. Бэрэбиэркэлээччилэр иккиэлэр эбит. Кимнээх баалларын бэлиэтэннилэр. Ону-маны туппахтаатылар даҕаны, кири булбатылар. Сааһыран эрэр узбечка баатанан орон сиһин сотон көрбүтэ – баатата харааран хаалла.
– Паал! – «быыл» диир быһыылаах.
Онтон таҥас ыскаабын аанын арыйда! Онно атахтарын хатыйа үктээн, саннытынан ыскаап эркинигэр өйөнөн, туох да кыһалҕата суох Оля чэйин сыпсырыйа турара. Дьахталлар соһуйан, кэннилэринэн чинэристилэр. Саҥата суох тахсан бардылар, тугу да ыйыталаспатылар даҕаны. Сотору буолаат, комендаан тиийэн кэллэ. Кини бу уопсайга үрдүттэн олорор, оҕо-уруу бөҕөтө. Комендаан Оляны үүрэн кэбистэ. Кыыстарын киэһээҥҥи уулуссаҕа хайдах соҕотох ыытыахтарай, үһүөн тахсан бардылар. Ол түүн тимир суол вокзалыгар хороччу олорбутунан хонон турарга быһаарыннылар. Таһырдьа хаара-самыыра биллибэт, сып-сытыы тымныы тыаллаах өксүөн.
– Биһиэхэ билигин бытарҕан тымныы… – Оля өрө тыынна.
– Саҥа дьылга бэлэмнэнэн бөҕөтө-ө… – Биэрискэ эмиэ өрө тыынна. Оля харахтарыттан бөдөҥ таммахтар мөлбөһө сүүрдүлэр.
– Саатар Саҥа дьылы дьиэҕэ көрсүбүт киһи-и… Аны бу манна вокзалга Саҥа дьыллыырбыт буолуо… – Биэрискэ кытта ытаһыан баҕарда. Харахтарын уута ыанньыйан, тохтуох буолан эрдэҕинэ, эмискэ Оля эттэ: «Саҥа дьыллыы дьиэбитигэр барабыт дуо?!»
– Барабыт дуо?! – кыргыттар һэк гына түстүлэр. Бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, саҥата суох чочумча олордулар. Онтон ойон туран, эмиэ саҥата суох, «межгород» төлөпүөнүгэр сүүрдүлэр.
Дойдуларыгар сарсыарда түөрт чаас. Дьоно аах суһаллык иккилии мөһөөҕү ыыттылар. Кыргыттар киэһэлик номнуо поезка олорон, Новосибирскай диэки куугуната турдулар. Онтон сөмөлүөтүнэн үс чааһы тулуйан көттөхтөрүнэ, кинилэри тоҥ, томороон, тумаҥҥа сууламмыт дьоллоох Дьокуускай куорат көрсүө! Ол кэннэ күлүмүрдэс маҕан хаардаах, аам-даам тумарык төрөөбүт дойдуларыгар тиийиэхтэрэ! Араас дьэрэкээн уотунан күлүмүрдүүр Ташкент сыл аҥаара эрэ харахтарын баайан, ырай дойдута буолан кубулунан көһүннэ. Билигин хараҥа түүл курдук, хара буруо курдук кэннилэригэр түллэҥнии хаалла. Төттөрү оборон ылыа диэбиттии, кыргыттар хайыһан көрүөхтэрин да сэрэнэллэр…
… Биэрискэ Чуурай диэн кып-кыра нэһилиэккэ учууталлыы сылдьар. Чуурай туспа сэбиэтэ суох, улахан сопхуос субай сүөһүтүн туруорар учаастага. Хаһааҥҥыта эрэ тип-тигинэс олохтоох нэһилиэк «бөдөҥсүтүү» кэмигэр эстэн-быстан хаалан, билигин дьон быстах кэмҥэ үлэлээн барар сирдэрэ буолан турар… Манна киин сиргэ иҥмэтэх-баппатах дьон тахсан, үрүҥ тыыннарын өрүһүнэн бараллар. Дойдуларыттан көспөккө хаалбыт аҕыйах ыал, сылгы-сүөһү ииттэн, кимнээҕэр чиҥник олороллор. Манна түөрт эрэ кылаастаах оскуола баар. Биэрискэ маҥнайгы кылаастан илдьэ сылдьар, быйыл оскуоланы бүтэрэн, бэһис кылааска