– Ээ, ол саҕана буолумуна. Репрессияттан куттанан, былааска бэриниилээхтэрин көрдөрөөрү, киитэрэй киһийдэхтэр хобулаан дьаабыланнахтара дии. Билигин атын быһыы-майгы буоллаҕа… – Михаил, соччо-бачча хоҥоруутугар хоннорботтуу саҥаран эрдэҕинэ, Борогонов быһа түстэ.
– Кэбис, доҕоор, наһаа судургутук быһаарыма. Эн ити эдэргэр, дохсуҥҥар оҕустаран этэҕин. Хрущев «ириэриитин» тыына даҕаны сайа охсон эрдэҕэ. Эн биири кытаанахтык өйгөр хатаан кэбис: билиҥҥи киитэрэйдэр өссө эриллэҕэс ньымалардаахтар, уодаһыннаах киириилэрдээхтэр. Холобура, дуоһунаска үүнүөхтэрин баҕалаах карьеристар уонна конъюнктурщиктар саамай үрдүкү тойоттору кытта чугасыһарга бииртэн биир сонун албастары тутталлар. Бииргэ бултууллар-алтыыллар, ол-бу сылтаҕынан дьиэлэригэр ыалдьыттыыллар, бэл, преферанстаан аралдьыталлар.
– Ити, сорох кырдьаҕастар этэллэринэн, үйэ төһө да уларыйдар, былаас төһө да саҥатыйдар, дьон быһыыта-майгыта улаханнык уларыйбат үһү дии. Ону эн туох дии саныыгын?
– Ол – кырдьык. Сыл түөрт кэмнээх да, эмиэ хатылана турар. Итиитэ-тымныыта, ардаҕа-хаара, угута-кураана, үүнүүтэ-кэхтиитэ эрэ бэрт кыратык уларыйар. Былаас, политика да сол курдук ээ. Арай ити техника сайдыыта саҥаттан саҥа көрүҥнэринэн солбуллар. Ону батыһа, дьонуҥ да уустугуран истэхтэрэ дии. Ол эрээри, дьон баайгадуолга баҕата намыраабат, иҥсэтин-оботун маҥалайа аччаабат эбит. «Аска чугаһаатахха – иҥсэ көбөр» диэн саамай сөпкө эппиттэр. «Аппетит приходит во время еды». Ити алмааһы-көмүһү уоруу эмиэ онно маарынныыр ээ. Тутуллубакка, сатаан уордахтарын ахсын эбии имэҥирэн иһэллэр… Үрдэ суох хаһааҕа киирбиттии сананан…
– Абаҕам, саамай сөпкө быһаараҕын, мин көмүс бириискэлэригэр үлэлиир кэммэр итини илэ харахпынан көрдүм.
– Эн биир суолтан уһулуччу сэрэниэхтээххин. Түөкүттэр сирэйгэр олус бэртик сыһыаннаһыахтара, оттон кэтэххэр куһаҕаны оҥоруохтара. Быһата, кэтэххиттэн кэрбииргэ тууһугураллара эрэбил. Баллайар баһаам баайга-барыска баҕалаахтар киһи тыыныгар турары даҕаны кэрэйбэттэр. Ити – биирэ. Иккиһэ, бэйэлэрин хара санааларын ситиһэргэ араас сидьиҥ ньыманы туттартан туттунуохтара суоҕа. Үрдэ-анна суох холуннарыахтара, ол-бу оҕуруктаах үҥсүүлэри оҥоруохтара, дьону утары кигэн иэдээннээх иирээни тэрийиэхтэрэ. Бэйэм олорбут олохпуттан холобурдаатахпына, миигин «омугумсуйуук», «норуот өстөөҕө» диэн сордообуттарын-муҥнаабыттарын эйиэхэ урут кэпсээн турабын. Улахан политиканан буруйдаан, утарсааччыларын суорума суоллаабыттар элбэхтэр. Атын кыыбаҕанан кыайбатахтар сүрүн куоһурдара политиканан эргинии буоларын эн да билэҕин. Онуоха, билэр эрэ кыра, көмүскэнии, кырдьыгы булунуу – ол ыарахан.
Соттинцев үөһэ тыынан кэбистэ.
– Итини мин эмиэ амсайбытым. Өймөкөөн бириискэтин уоруйахтара арыллан эрэллэрин сэрэйээт, «омугумсук» Соттинцев атын омуктар көмүсчүттэрин сонордоон, үүртэлээн эрэр диэн, обкому «нөҥүөлээн», Киин кэмитиэккэ тиийэ үҥсүбүттэрэ.