– Сэрэнэн сыһыаннас. Ол эрээри, урукку сыһыаҥҥын уларытыма. Быһаччы мөккүөргэ кииримэ. Сөптөөх кэмигэр, кини бэлиэтии көрөрүн курдук, үгүс өттүгэр сөбүлэґиигэ бар. Кинини аахсаргын, суолталыыргын көрдөрөргө дьулус. Бэйэтин наһаа үрдүктүк сананар, бэйэмсэх уонна бэрдимсик майгылаах. Биһиги идэлээхтэрбит оҥорбут психологическай мэтириэттэрин билсэн турар буолуохтааххын. Ону өссө төгүл үчүгэйдик үөрэт.
– Ону баара, кини биһикки ардыбытыгар алмааһы апчарыйааччылар ытаһа саайаллар быһыылаах. Кэнники кэмҥэ Шагаловтаах Мациев санааларын аһаҕастык өйүүр буолан иһэр. Ону оннооҕор мунньахтарга биллэрэн ааһыталыыр.
– Туох диэн ытаһа саайалларын билэ сатаа. Уоруйахтар кыттыгастара буолаарай? Кинини кэтиир туһунан «киин» сорудаҕа эмиэ кэлэн турар, – Чистяков кириэһилэтиттэн туран, Соттинцевка илиитин биэрдэ. – Чэ, мунньах буолара биэс мүнүүтэ хаалла. Кытаат, этэҥҥэ буол!
Ити Аппа анараа, киин диэки өттүгэр таас дьиэлэр балай эмэ тутуллан эрэллэр. Оттон бу өттүгэр таас тутуу хаһан кэлэрэ буолла?..
Ээ, кэллин да, кэлбэтин – ол миэхэ туох туһалааҕый?..
Долгуйар Дьокуускай Аппа уҥуор турар биир дьиэтин хоһугар симэн кэбиспит курдук толору эттээх-сииннээх, орто уҥуохтаах, икки дьабадьытынан намылыйан түһэр бытыктаах хара бараан киһи түннүгү одуулаан турар. Онтон эргиллэн, түннүк холуодатыгар көхсүнэн өйөннө. Өр буолбата, эмискэ биир ытыһын сутуругунан саайда.
– Тьфу-у!
Бүгүн ИДьМҥа тардыллан, Соттинцевы куоттаран кэбистэ дии! Шагаловтаах Мациев дьаһалларын толорбото. Бука, төбөтүттэн имэрийбэттэрэ буолуо? Сыыспыт. Сорудаҕы бэҕэһээ гостиницаҕа Соттинцев хоһугар арыгылыы олорон толоруохтаах этэ.
Киһи устуул кэтэҕэр ыйанан турар биир улахан сулустаах кителин сиэбиттэн кыра пакеты ылан имэрийэн, сытырҕалаан көрдө.
Оо, түбэһиннэрэн, Соттинцев арыгытыгар маны булкуйан кэбиспитэ буоллар! Этэргэ дылы, киһини кытта кини үөскэтэр кыһалҕата даҕаны сүтэр. Дьэ, хаарыан түгэн куотта. Аны Соттинцевы кытта иккиэйэҕин көрсүһэр түгэн көстөрө саарбах. Кыттыгастарбыттан туох диэммин куотунабыный? Бээ-бээ… Туох эрэ быһаарыы син биир баар буолуохтаах…
Эмискэ санаатын ситимин быһан, нөҥүө хоско төлөпүөн тырылыыр. Шахно таапачыкатын саллырҕатан тиийэн, туруупканы ылар:
– Алло? Даа, Шахно истэр, – онтон сөҥ саҥата сымнаан хаалла. – Венерабын даа? Сөп-сөп. Өйдөөтүм. Кэл-кэл, күүтэн олоробун, – туруупканы уурар.
Бу сырыыга бэрт чэпчэкитик дугунан, төттөрү хоско тиийэн, кителин кэттэ, трюмоҕа көрүннэ. Сиэркилэ ойоҕоһугар «Тет-а-тет» одеколон турарын ылан, харса суох ыстарынан тунаарытта. Астынан, муннун өрө анньан сытырҕаамахтаата, хараҕын быһыта симмэхтээтэ, баттаҕын, бытыгын тараанна.
Дьахтар аймах формалаах дьону сөбүлүүр. Ол – биллэр суол. Тоҕо диэтэххэ, поэт Александр Грибоедов эппитинии, кинилэр – патриоткалар. Һэ-һэ. Даа, арай баллаччы кэтиллибит таапычыканан сылдьара соччото суох эбит. Ону баҕас хайа даҕаны «патриотка» дьахтар сөбүлүө суоҕа.
Шахно