II
Киэһэ борук-сорук буолан эрдэҕинэ Харатаайап кулуба Сыгынньах ойууну дьиэтигэр аҕалла. Ат тутар уол ойуун кыырар таҥаһын, дүҥүрүн дьиэҕэ киллэрдэ.
Ханнык эрэ улахан мааны ыалдьыт кэлбитин курдук, остуол муҥунан ас тартылар, арыгы туруордулар. Ойуун остуолга олорон аһыан иннинэ биир үрүүмкэ арыгыны аҕалан, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, уокка кутта. Имик-самык умайа сытар уот өрө күлүбүрүү түстэ. Аһаары остуол аттыгар олорор дьон, арыгыны куттахха уот күлүбүрүүрүн төһө да уруккуттан биллэллэр, ити Сыгынньах ойуун куппут арыгытыттан оһох уота күлүбүрээбитин туспа, иччилээх курдук көрдүлэр, эттэрин сааһа аһыллан ылла.
Ойуун киһи аһаата диэхтик соччо аһаабата. Арыгыны биир эрэ үрүүмкэни истэ.
– Мин туттар малларбын куурда ууруҥ эрэ, – диэн дьон аһаан бүппүтүн кэннэ Сыгынньах ойуун соруйда.
Харатаайап кулубаны кытта барса сылдьыбыт уол ойуун кыырар таҥаһын уонна дүҥүрүн ылан уот иннигэр кирээдэ маска куурда уурда.
Бу күннэргэ Маайаны көрдөөн сыраларын бараабыт хамначчыт уолаттар, кыргыттар таһырдьааҥҥы туруорбах балаҕантан киирдилэр. Дьиэ иһигэр, өлбүт киһи сытарын курдук, им-ньим буолла. Дьон «кырдьаҕас» туох диирин, хайдах хамсанарын кэтээн олордулар.
Аһаабыт остуолларын хомуйан бүппүттэрин кэннэ, өр соҕус кэтэһиннэрэн баран, ойуун хамсатын күлүн тэбээн тобурҕата-тобурҕата:
– Эрэйдэнэн көрүөх муҥум буоллаҕа, – диэн сөҥ-сөҥнүк саҥарда.
– Кыһалҕалаах дьон көрдөһүүбүт оччо, – диир Харатаайап.
Ойуун дьиэ аанын саптаран, оһох иннигэр олбох уурдаран баран эттэ:
– Таҥаспын таҥыннарыҥ, көлөбүн аҕалыҥ!
Икки эр киһи кэлэн ойуун кыырар таҥаһын кэтэртилэр, дүҥүрүн ылан туттардылар.
Сыгынньах ойуун өр соҕус дөйбүт курдук барыаран турда. Онтон эмискэ дьигис гынан ылла, кыырар таҥаһын кыаһааннара лыҥкынастылар, дүҥүрүн тыаһа ньиргийдэ. Сыгынньах ойуун, сири сыллыахха айылаах ньүксүччү туттан баран дүҥүрүн охсон дьигиһитэ-дьигиһитэ, олбоҕун үс төгүл эргийдэ. Тохтуу түстэ. Онтон, эмиэ дүҥүрүн дөрүн-дөрүн охсо-охсо, аргыый аҕай олбоҕор олордо. Дүҥүрүн тобугар тиэрэ уурда. Хатан баҕайытык иһиирэн сирилэттэ, тиэрэ ханарыйа-ханарыйа дьааһыйда. Тохтуу түһээт, аны чөкчөҥөлөөн чобурҕаата, кэҕэлии этэн куккууктаата. Дьэ ол кэнниттэн, эмиэ дүҥүрүн охсон ньиргитэ-ньиргитэ, абааһыларын ыҥыран кутуран барда. Кини хас саҥаттан-саҥа абааһытын ыҥырдаҕын аайы саҥата-иҥэтэ, быһыыта-тутуута, киэбэ-киэлитэ уларыйан, тыла-өһө улам иччилэнэн истэ: ороҥҥо олорор дьон санааларыгар, дьиэлэрин иһин толору абааһылар мунньуһуннулар. Ойуун абааһыларын барыларын ыҥыртаан киллэртээн баран, дьэ туран, Аал уот, Аан дойду иччилэриттэн: «Аартыктаргытын арыйан биэриҥ», – диэн ааттаста. Итиэннэ дүҥүрүн айаннаан эрэрдии дэгэрэҥнэтэн охсо-охсо:
– Күн сирин дьоно көрүҥ, орто дойду дьоно истиҥ! Мин бэйэлээх, суптугур тумустаах, субуруйбут кутуруктаах, соһохтоох түүлээх Сур бөрө буоламмын,