– Суох, Маайа, түүл буолбатах, чахчы.
Маайа өр ытаабытыттан эбитэ дуу, түүҥҥү салгын тымныйбытыттан эбитэ дуу, тоҥон дьагдьайан барар. Сүөдэр ону көрөн, эргэ кулун тириитэ сонун устан Маайа саннын саба уурар.
– Сүөдээр, миигин таптыыгын дуо?
Сүөдэр саҥата суох Маайаны кууһар уонна иэдэһиттэн уураан-сыллаан ылар. Маайа санаатыгар, түүҥҥү тымныы салгын итийбиккэ, түүҥҥү хараҥа сырдаабыкка дылы буолар.
Маайалаах Сүөдэр куустуспутунан туран кэлэллэр. Маайа санныттан эргэ кулун сон сиргэ «күр» гына түһэр. Уоллаах кыыс уос-уостара минньигэс бэйэлээхтик сыстыһаллар. Ойуур иһэ, кинилэр көрсүспүт дьоллорун мэһэйдээмээри, им-дьим иһийэр.
Ахтыспыт сүрэхтэр, бэйэ-бэйэлэрин билсиһэн, тэбис-тэҥҥэ тэбэллэр…
Иккис баһа
I
Маайа тыаҕа көрдүү тахсыбыт ынаҕа титиигэр тиийэн кэлэр. «Ынаҕа Маайаны куота сүүрэн кэллэҕэ», – диэн кыргыттар бастаан утаа кыһамматтар. Күн арҕаа тыа кэтэҕэр киириитэ, титиик иһэ борук-сорук буолуута кыргыттар ынахтарын ыан бүтэллэр. Маайа кэллэр кэлбэт.
– Маайабыт, Хотоонойун ыабакка, ойуурга тугу гына сырыттаҕай? – дэһэн кыргыттар, ынахтарын титиик далыгар, түптэлээх хааччахха үүртэлии-үүртэлии, ботур-итир кэпсэтэн бараллар. Салгын сөрүүдүйэр, түптэ буруота, күөх солко буолан, төгүрүк алаас иһигэр субуллан киирэр.
Сүөкүлэ кыыс Хотоонойу ыы охсон далга таһаарар уонна Маайа үүттээх ыаҕаһын хотунугар Ылдьаанаҕа киллэрэн биэрэр.
– Хайа, хотуок, Маайа ханна барда? – диэн Ылдьаана ыйытар.
Сүөкүлэ соһуйан муҥунан көрөр.
– Маайа дьиэтигэр суох дуо? Кэлбэтэ дуо? – диэн утары ыйытар.
– Хотуок, суох буолумуна, эһигини кытта ынахтарын ыы барбыта буолбат дуо?!
– Маайа, үс ынаҕын ыан баран, Хотоонойун көрдүү ойуурга тахсыбыта да, биллибэтэ дии.
– Ынаҕа кэллэ дуо?
– Маайа барарын аҕай кытта кэлбитэ. Биһиги Маайаны, ынаҕын булан баран, дьиэтигэр киирдэҕэ дии санаабыппыт ээ, – диир Сүөкүлэ кыыс.
Ылдьаана соһуйар: «Маайа ханна бардаҕай?» Онуоха эбии аҕалара Сэмэн оҕонньор быраабатыттан эмиэ хойутаата, билиҥҥэ диэри кэлэ илик. Ылдьаана, кыыһа аҥаардас сиидэс ырбаахынан эрэ сылдьарын өйдөөн: «Салгын сөрүүдүйдэ, аны оҕом тымныйан ыалдьыа», – диэн иһигэр куттана саныыр.
– Хотуой, ону тоҕо баччааҥҥа диэри эппэккэ сырыттыҥ? – диэн эмээхсин кыыһы сэмэлээн, мөҥөн барар. «Сүөһү күрүө намыһаҕынан, баай хамначчытын үрдүнэн көтөр үгэстээх» диэн саха өһүн хоһооно этэринии, Маайа тыаттан төннүбэтэҕэр Сүөкүлэ кыыс буруйдаах буолан хаалар.
Ити курдук кэпсэтэ турдахтарына аан аһыллар, быраабаттан дьиэлээх тойон тиийэн кэлэр. Маайа ойуурга ынаҕын көрдүү тахсан баран билиҥҥэ диэри киирэ илигин Ылдьаана кэргэнигэр кэпсиир.
Харатаайап оҕонньор, быраабаттан ыҥыыр акка сиксиллэн улаханнык сылайан, аччыктаан кэлбит буолан, Маайа хойутаабытыгар соччо кыһаммат.
– Ханна