Хараҥа сискэ. Урсун. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Урсун
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5477-0
Скачать книгу
сороҕун аҕаллахха маннык:

      – Элбэх оҕолоох буолан, бөһүөлэккэ симиллибэккэ, субан сүөһү көрөн, наар тэйиччи баар Балаакканан, Ынахсытынан олохсуйбутум. Оҕолору аһатаары тайахтыырым. Хата, Байанайым кэмиттэн кэмигэр син өлүүлүүрэ. Оттон балыгы, күстэҕи, мундуну туулуурум, быспат этим. Ону таһынан кэм ынахтаах, үрүҥ астаах буоллахпыт.

      – Эрдэ кэргэннэнэр үчүгэй эбит – оҕолоруҥ сотору улааталлар, туһа дьоно буолаллар. Эн курдук үөрэҕи батыспаталлар да, бары иннилэрин көрүнэр үлэһиттэр, уолаттар сылгыһыттар, тиэхиньикэҕэ да сыстаҕастар. Оту-маһы кыайа-хото булунар дьон. Инньэ гынан кырдьар сааспар көмөлөрө элбэх.

      – Эн, Костя, кэллиҥ да, илин дойдугар тута кэриэтэ ааһаргын истэбин. Наһаа дойдумсах киһи үйэтэ кылгас буолар… Уонна онно киһи олорботоҕо ырааппыт, өтөхсүйбүт сиргэ тоҕо бара тураҕын? Тугу көрөөрү? Мин дойдубуттан тэйбитим түөрт уонча сыл буолла да, бара сылдьар санаам суох (Итини Миитэрэй, арааһа, бэйэтин уонна Костяны харыстаан этэр быһыылаах).

      – Эн тоҕо элбэҕи суруйан, бэчээттэтэн испэккин? Мин көрүүбэр, эн ситэ үлэлээбэккэ сылдьаҕын. Ону-маны түбэстэхпинэ ааҕабын… Алта кылаас үөрэхтээх буоллаҕым (Ити аата оҕонньор уолун туһунан син билэ, ааҕа сылдьар эбит).

      – Айылҕа хамсыырын-харамайын кэтээн көрдөххө, бэл үрэх балыга өйдөөх курдук. Бараайыны туора биир сиринэн наар илимниир буоллахха, төннүү балыга илимҥэ киирбэт. Чүөмпэтигэр төннөн, кыстаан хаалар. Оттон ол сиргиттэн арыый аллара үттэххинэ, эмиэ туппутунан барар.

      – Сэриигэ бастакы ыҥырыыга барбытым. Онно да хас да оҕолооҕум. Онон өлөр баҕам суоҕа, байыаннай үөрэххэ, фроҥҥа барбакка, балачча уһуннук сылдьыбытым. Өйдөөн көрбүтүм, кэнники турбуттары элэниэйкэ курдук маһынан быһа анньан, «инникилэр фроҥҥа аттанаҕыт, кэнникилэр хаала түһэҕит» дииллэр эбит. Мин, ону өйдөөн, үксүгэр кэнники өттүгэр туран иһэбин. Ол иһин кыайтарыы, чугуйуу кэмигэр тута барбаккабын, арыый уһаан, арааһа, ордон кэллэҕим буолуо… Атаакаҕа киирэн иһэн, уҥа илиим тарбахтарын быһа ыттаран госпитальга сыппытым. Ону буоллаҕына, хамандыырым: «Эн, наака, бэйэҥ ытыммыккын, бэрэдиитэлистибэ оҥостубуккун», – диэн баайсыбыта. Ама, бэйэм бэйэбин хайдах ытына туруомуй? Көр, кыра үөрэхтээх, нууччалыы аанньа билбэт киһини итинник атаҕастыыр этилэр. Ол иһин туох да мэтээлгэ, наҕараадаҕа түһэрбэтэхтэрэ, бэл бэтэрээн аатын ылбытым да аҕыйах сыл буолла… Биһиги, бастакылар, чугуйуу кэмигэр түбэһэммит, өлбөтөхпүтүгэр баһыыба, наҕараада туһунан оччолорго өйгө да суоҕа. Балыйдаллар да, хайыахтарай, бааһырбытым быһыытынан дойдубар ыыппыттара… Уот сэрииттэн тыыннаах кэллэҕим дии уонна туох наада? Кэлин оҕолор туруорсан бэтэрээн оҥорбуттара…

      Ити курдук уһуннук кэпсэтэн, тахсан быраһаайдаһан, Аркадийдаах Костя баран иһэр сирдэригэр ааспыттара. Балачча тэйэн иһэн, Аркадий эппитэ:

      – Дьэ, Костя, хайдах да мэлдьэһиннэрбэт биир түгэн баар – ол куоласкыт тембрэ. Адьас үүт-үкчү! Онон, чахчы, айбыт аҕаҥ эбит!

      Дорҕоону чинчийэр композитор идэлээх Аркадий Самойлов ити этиитэ Костяҕа Миитэрэй айбыт аҕата буоларын