Хараҥа сискэ. Урсун. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Урсун
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5477-0
Скачать книгу
доруобуйата көнө быһыытыйан, урукку үлэтигэр төннөн, биригэдьиирдээн, маастардаан, арыый хамнас өлөрөр буолан, харчынан уонна баһыылканан быспакка хааччыйара. Хам-түм уоппускатыгар кэлэн барара. Ол эрээри аҕалаах эрээри, аҕата суох буолар кыһалҕатын соҕотох уол, Костя, ити сылларга толору билбитэ. Онуоха эбии тыа дьоно оҕолордуун, улаханныын, эмиэ уруккуларын курдук, ханнык эрэ Тэмэйэринэн хаадьылыыллара күүһүрбүтэ.

      Билигин аҕата суох буолар кыһалҕатын билэ сылдьар Костя уол, дьон этэринэн, дьиҥэр, аны икки аҕалаах аатырбыта. Биирэ – бэйэтин киэнэ, куоракка хаалбыт аҕата Уйбаан, биирэ – били хаадьы гынар Тэмэйэр Миитэрэйдэрэ – айбыт аҕата.

      Быһата, кини бу күн сирин көрбүтүгэр ол айбыт аҕата Тэмэйэр өссө үтүөлээх үһү!

      Миитэрэй сэрииттэн бааһыран эрдэ кэлбит. Холкуоска биригэдьииринэн, бэл бэрэссэдээтэли солбуйааччынан үлэлии сылдьыбыт. Хаста да кэргэннэммит. Барыта уон үс оҕоломмут. Ону таһынан, дьон кэпсээнинэн, Костя курдук дьылҕаламмыт хас да оҕо баар үһү. Дьон ону билэн тойуктарыгар туойар, ырыаларыгар ыпсарар эбиттэр. Этэргэ дылы, Тэмэйэр тыыннааҕар атыыр сылгы курдук аатырбыт, элбэх сокуоннай уонна ону таһынан да оҕоломмут эрдьигэн эбит.

      Оттон аҕата Уйбаан Арҕаа сэриигэ үс сыл сылдьан, Дьоппуон сэриитигэр эмиэ кыттан, дойдутугар икки кыыстаах кэргэнигэр 1946 сыллаахха эргиллэн кэлбит. Онно кыһыл хааннаах, кугастыҥы баттахтаах, сырдык харахтаах биирдээх бэдик бэрт диэн бэйэлээхтик оонньуу олороро үһү. Онуоха Уйбаан, холку муҥутаан:

      – Хайа, бу хантан кэлбит киһиний? – диэбэтэх. Кэлин даҕаны атыҥырыы, атарахсыта көрбөтөх, кэргэнин кыһарыйбатах. Хата, быһыыта, холбостохторун утаа төрөөбүт, үс саастааҕар куордаан өлбүт Коля диэн уолун оннугар кэлиэхтээҕин кэлбит киһи курдук ылыммыт. Костя, аҕыс сыл ата сылдьан баран, куоракка аҕаларыгар иккистээн киирбиттэригэр, маҥнай утаа туора баҕайытык иһиллэр «Уйбаан» диэн аатынан ааттыы түһэн баран, сыыйа үөрэнэн, оҕо эрдэҕинээҕитин курдук, «аҕаа» диир буолбута. Аҕатын таптыыр, оннооҕор атаахтыыр этэ. Оскуоланы, университеты, аспирантураны, кэлин партийнай оскуоланы, аҕалаах буолан, кыһалҕаны көрсүбэккэ бүтэртээбитэ. Кэргэннэммитэ, оҕоломмута.

      Биирдэ сааһыары, иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, дьиэтигэр тиийбитэ, ийэтэ хара бэкир киһини чэйдэтэ олорор эбит. Уол көрөөт, били Тэмэйэр Миитэрэй диир киһилэрэ кэлэн олорорун тута билбитэ. «Дорообо!» – диэт, хоһугар ааспыта. Таҥаһын уларыттан тахсан, суунан остуолга тиийбитигэр ийэтэ:

      – Бу аҕаҥ Миитэрэй кэлэн олорор, дорооболос! – диэбитэ. Костя иккиһин дорооболоһордуу илиитин ууммута. Миитэрэй хара үлэттэн чэрдэммит баппаҕайын ыга тутаат:

      – Хайдах олордуҥ? Бу туохха киирдиҥ? – устудьуон киһи чобуотук ыйыппыта.

      – Үчүгэй… – диэбитэ Миитэрэй.

      Онуоха ийэтэ:

      – Аҕаҥ оҕолор миитэрэпкэлэрин көрдүү архыыпка киирбит. Аһаан баран, хата, сирдээн биэр эрэ, – диэбитэ.

      – Ыһы! – диэн Миитэрэй соругун таба эттэрэн сөбүлэспитэ.

      Ити