Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр. Галина Нельбисова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6091-7
Скачать книгу
оройуон киинигэр физмат оскуолаҕа ыытан кэбиһэн сыыстарбыттар дуу? Ол үөрэнэ сылдьан, дьиэтигэр сынньана таҕыстаҕына көмпүүтэртэн арахпакка мөҕүллээччи. Дьаакып аны майгытынан сымнаҕас этэ, уолун дьаһайа сатаан баран, бэйэтэ оҥорбут-туппут, бүтэрбит буолааччы. Кыыстара Оксана эмиэ олус атаахтык иитиллибит оҕоҕо киирсэрэ буолуо. Оннук улааппыта. Таҥара көмөтүнэн, эмиэ бэрт уолга тахсан баран, эдэрэ бэрт буолан дуу, онтун суолталаабат быһыылаах.

      Иван Данилович Ангелиналаах көһөн кэлэллэрин биир тыла суох өйөөбүтэ. Кыыһыгар эппит буолуохтаах, анарааҥҥыта, таайдахха, олус биһирии ылыммата ини. Тыый, Настяттан сурук кэлэн түстэ. Эмиэ, туох эрэ диэн дьээбэлээри гыннаҕа… Таайбыт курдук, «Убаастабыллаах Иван Данилович, Луиза Никитична, эһиги билсибит «Көмүс күһүн» түмсүүгүт сынньалаҥ киэһэбитигэр күүтэбит. Эҕэрдэлиэхпитин баҕарабыт, ханна буоларын, чааһын этиэхпит» диэннээхтэр. «Мустар сир булбакка сылдьабыт. Буолар түбэлтэтигэр Иван Даниловичкын тоҕонохтонон баран кэл эрэ, Луиза. Илэ көрөн, биһиги, өссө да соҕотохтор, эрэлбит күүһүрээрэй?!» диэбит Настя. Ээ, ким билэр, Иван Данилович наһаа баран испэтэ буолуо. «Ватсап да бөлөҕөр хайдах киирэн хаалбытым буолла, бука, эйигин көрсөр ыйаахпар ини…» – диэн күлэн эрэрэ. Куоракка олорор табаарыстара ыйыппакка да киллэрбиттэр үһү. Дьэ, кырдьык, бу миигин, кыһалҕалаах бэйэлээх тыа дьахтарын, көһөрөн киллэрэр быатыгар эбит.

* * *

      – Пахай, Бааска куоракка тахсан баран арыгылаан кэбиспит үһү. Люция Павловна кыыһыран ахан олорор. Үүрүөн да баҕарбыт быһыылаах. Полина муҥнаах буоллаҕына бу күннэри быһа, ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа, көрүдүөргэ өрө-таҥнары хааман таҕыста дииллэр. Киэһэ утуйар аата суох, вахта аанын өрө мыҥаан олорор үһү, – Евдокия көрүдүөртэн кэпсээн киирдэ.

      – Оо, оттон доҕорум оҥостон кыһаллаахтаан эрдэҕэ. Кэм буолуо, Бааска сыыһа үктээн биэрдэҕэ. Бу сырыыга бырастыы гыналлара саарбах. Ааспыт түгэнин, үүрүллэ сыспытын умнан кэбиспит дии. Бары кыһалҕалаах дьон бачча үчүгэй усулуобуйаҕа түбэһэн олороллорун хайдах да сыаналаабаттар ээ, – Ольга бэркиһээн төбөтүн быһа илгиһиннэ.

      – Билигин миэхэ били саҥа киирбит дьахталлартан биирдэстэрэ киирэ сылдьыах буолла. Нина Филипповналаахха олохтообут чүөчэлэрэ. Дьүөгэбин билэр эбит, кооперативнайга бииргэ үөрэммиттэр. Бэрт өр көрөн олорон баран ыйытта, «Дусяҕын дуо?» диэн. Онно олорон өйдөспүппүт, биирдэ төрөөбүт күҥҥэ түбэһиспиттээх эбиппит. Дора Никандровна диэн.

      – Ээ, бээ, тахсан эрэрим дуу… – Ольга оронуттан тураары илдьэ сыппыт хаһыаттарын хомунна.

      – Ольга, тахсыма ээ. Сибилигин аҕай төбөм ыалдьар диэбитиҥ дии, ханна хаама сылдьаары гынныҥ? Люция Павловна миэстэ чааһынан тыла-өһө кытаанах. Хайдах арахпакка ыйыттахтарай диэн кыыһырар да курдук, бүтэһигэр өссө «хоскутугар үһүс киһинэн ылаҕыт дуу?» диэбитигэр икки атахпынан куотан кэллим, – Евдокия күллэ.

      – Оо, кэбис этэ… Биһиги хоспут уонна анараа Матвеевналаах хосторо барыларыттан дьоҕустар. Иккилии киһиэхэ анаммыттар. Үһүс киһи киирдэҕинэ,