– Ээ, билбэтим. Сакалаатын ылыа суох буолабын да, эмиэ аһынан кэлэн быстабын ээ. Сотору эппиэттэһэр эбит диэн «сайабылыанньата суруйуох, бииргэ олоруох» диирэ буолуо, – Ольга ол түгэни хараҕар ойуулуу охсон, күлэ санаата.
– Хайдах гыныаҥый, Ангелина, аҕаҕыт докумуона сатанан, кырдьык, барардыы тэриннэҕинэ бу диэки кэлэргитигэр тиийэҕит. Этэрин курдук, харчы өлөрөн кэллэҕинэ, ипотекаҕа киирэргит ордук буоллаҕа дии. Билиҥҥи кэмҥэ онтон атыннык дьиэлэммэккит, – Луиза кийиитин ааҥҥа диэри атаарарыгар санаатын этэ турда.
– Толкуйдуохпут, ийээ… Эһиэхэ кэлэн хааларбыт эмиэ хайдах эрэ дии. Иван Данилович туох дии саныаҕай? Саастаах киһи син биир оҕолор күүгээннэригэр мэһэйдэтиэ дии саныыбын. Санаан көрдөххө, олох табыгаһа суох дьаһаныы. Ийэбэр тыаҕа баран эриэхпин, хайдах үлэтэ суох олоруохпунуй? Ыйыттара сырыттым ээ, балыыһаҕа үлэ миэстэтин…
– Билигин тыаҕа үлэ миэстэтэ хантан кэлиэй? Оҕолоруҥ, улаатан эрэр дьон, манна үчүгэй тэрилтэҕэ түбэспиттэрин сүтэрэр эмиэ сыыһа. Ийэҥ анараа сиэннэрин кытта бодьуустаһан, түбүк бөҕөҕө олорор. Онно эбии буолума… Чэ, толкуйдаарыҥ. Аныгыскыга Максим булгу кэлистин. Эбэтэр мин бу күннэргэ эһиэхэ бара сылдьыам.
Луиза Никитична кийиитэ олох настырыанньата суоҕуттан санаата улаханнык түстэ. Хайдах даҕаны Иван Даниловичка балаһыанньаны кэпсииригэр тиийэр. Бу үлүгэр дьиэҕэ сиэннэригэр биир хоһу биэрэн олордо түһэри көҥүллүүр ини. Дайаанаҕа эппэт инилэр, ээ таах да, аҕатын кытта скайпынан, видео-сибээһинэн кэпсэтэ олорор ээ. Максимы кытта булгу кэпсэтиэххэ наада. Ийэтин кытта иккиэйэҕин хааллаҕына, туран куота көтөр үгэстэммитин дьиктиргии саныы сылдьар.
– Хайа, сэгэртээй, утуйар санааҥ суох дуо? – Иван Данилович хаһыатын туппутунан куукунаҕа кэллэ.
– Ээ, сотору утуйуом. Эн суораккын ис эрэ уонна сыта тур. Тиэстэ охсон кэбиһиэм, бэйэбит да сиэхпит, ити үлэлии сылдьар оҕолорго да бэриллиэ.
– Ангелина тугу кэпсиир? Уолаттар үчүгэйдэр үһү дуо?
– Үлэтиттэн кэлэн иһэн таарыйда. Оҕолорун оҕо саадыттан устудьуоҥка балта ылбыт буолан кэлэн барда. Максим түүн кэлэр быһыылаах дии.
– Сакаас элбээбит кэмэ эбитэ дуу? Билигин арыый аҕыйах да буолуон сөп эбит.
– Ити уолум дьэ дьиэҕэ бүгүрүтэ суох оҕо, аҕалара итинник буолбатах этэ. Онно холоотоххо, күтүөт Аркадий хачыгырайан олорор, өссө хотунуттан мөҥүллэр. Кыыспын кэлэ-бара буойа сатыыбын да, истибэт ээ.
– Дьэ, улааппыт оҕолор олохторугар киһи кыайан орооспото буолуо. Чэ, бүтэ охсон, эрдэ сытаар эрэ… – Иван Данилович Луизатын кэтэҕиттэн сып-сылаастык сыллаан ылла.
Дьэ, барахсаным сыллаан ылбыта сүрэҕим-быарым ортотунан киирдэҕэ үһү. Сып-сылаас тыыннаах, олоҕу наһаа сэргэхтик ылынар буолан, олорорго чэпчэки. Луиза бэйэтин араас кыһалҕалара суохтара буоллар, иккиэн наһаа үчүгэйдик, тапсан олоруо эбиттэр. Аньыы даҕаны, туох диэн эттэмий, оҕолорум сыыстара баар буоланнар, бу Орто дойду олоҕуттан, ийэ, эбэ буолбут үөрүүбүттэн дьоллонон