Аҕыс уон алтатыгар
«Лазарет» эмтэрин
Астына испитим.
Үтүөрэн чөрөйөн
Бу кэлэн турабын.
Сарсын син барабын
Иккиһин фроҥҥа.
Дьэ, хайдах буоларын
Мин кыайан эппэппин:
Баҕар мин өлүөҕүм?!
Баҕар мин эргийиэм?!!
Оччоҕо Элиэнэ
Өрүһүм – эбэккэм
Үөрүүнэн көрсүһэн
Таҥнары уһаарыа.
Төрөөбүт куоратым
Якутскай иһигэр
Дьоллонон үөрүүнэн
Битийэ хаамыаҕым.
Тапталлаах ийэбэр,
Аҕабар киирэммин:
«Дорообо, мин ийэм.
Мин аҕам», – диэн этиэм.
«Өлбөккө эргийэн
Дьэ, кэллим», – диэхтиэҕим.
Дьэ хайдах буолбутун
Сиһилии кэпсиэҕим.
Өллөхпүнэ арай:
Мин ийэм, мин аҕам
Сэрии бүттэҕинэ
Оччоҕо билиэххит.
Суох аата суоҕунан
Суох буола туруоҕа.
Мин суохпун туоһулаан,
Ый тахсан кытарыа.
Оччоҕо саныаххыт
Бу ыытар ырыабын.
Нойосуус үөрэтэн
Ыллыаххыт куруутун.
Волгаҕа турабын,
Каналы көрөбүн,
Саныыбын өрүспүн,
Элиэнэ эбэбин.
Өҥөйөн көрдөххө
Харааран дириҥиэн!
Мин санаам кинилии
Ыаһыран харыастар!
Савва Иванович Тарасов 1918 сыллаахха Горнай оройуонун Солодок нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Мытаах нэһилиэгэр «Эргис» холкуоска суотчутунан үлэлээбитэ. 1941 сыллаахха фроҥҥа барбыта. 111 гвардейскай стрелковай пуолкаҕа 40 гвардейскай стрелковай дивизияҕа рядовой байыаһынан сылдьыбыта. 1942 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр Волгоградскай уобаласка Перекопка таһыгар буолбут кыргыһыыга геройдуу охсуһан өлбүтэ.
НИКИФОР КИРИКОВИЧ СЕДАЛИЩЕВ-ДЬҮӨГЭ ААНЫСТЫЫРАП
Кэргэнигэр суруктара
Бүгүн ыам ыйын 2 күнэ. Эйигин, доҕорбун ахтарым наһаа күүстээх. Ааспыт дьылларга 1 Маайы хайдах көрүнэн-нарынан, аһынан-үөлүнэн атаарарбытын саныыбын.
Быйыл оннук буолбатах. Армия усулуобуйатыгар бырааһынньыгы атаарыы бэрт боростуой. Эн бэйэҥ да билэриҥ буолуо быйылгы 1 Маай үлэ күнэ буолла. Ити барыта сэрии сабыдыала.
Мин фроҥҥа баран иһэн сурук суруйбутум. Ол сурукпун бу сурукпуттан эрдэ дуу, хойут дуу тутарыҥ буолуо. Бу да суругум сайын тиийэрэ буолуо. Бу суругум тиийэрин саҕана мин эбэтэр өлүөм, эбэтэр баас ылан госпиталга сытыам.
Биһиги аан маҥнай Ленинградтан уонча көс бэттэх тохтообуппут. Онно сэрии биһигиттэн 10–12 биэрэстэ сиргэ буола турара. Биһиги үрдүбүтүнэн самолеттар охсуһаллара, немец самолеттара халлаантан умайбытынан түһэллэрин хаста да көрдүм. Билиэн түбэспит немецтэри эмиэ көрөттөөтүм.
Маҥнай тохтообут сирбит дьэ быртах сир, барыта уу уонна бадараан. Онно отуу туттан биир нэдиэлэ буоллубут. Барбыт сыалбыт – Ленинграды босхолуурга көмөлөһөргө диэн этэ. Онон бүгүн дуу, сарсын дуу сэриини кэтэһэ олорбуппут. Ол олордохпутуна эмискэччи бирикээс кэллэ – атын сиргэ сыҕарыйарга. Тобукпутунан ууну, бадарааны икки суукка тухары кэһэн саҥа сиргэ кэлэн тохтоотубут. Тохтообут сыалбыт – уруккуттан төгүрүйүллэн турар немец 16-с