Ты охотно слушал меня, когда я читал тебе книжки «Лисичка-сестричка», «Курочка-ряба» и др. Тогда я восхищался, что хотя ты маленький, 3 года тебе было, но ты хорошо знал их и читал наизусть по картинкам. Наверно ты и сейчас так читаешь, а?!
Да, сынок! Это были хорошие дни: мы все были вместе… Сейчас я далеко от тебя, от родного дома…
Сынок! Ты спрашиваешь когда кончится война, когда я приеду домой? Сейчас наша Красная Армия наступает. Истребляет фашистов, бьет их, как бешеных собак. Фашисты – это не люди, а звери, но звери двуногие. Они убивают детей, женщин и стариков. Фашисты не хотят отдать наши города и села без боя. Их надо уничтожать и истреблять – тогда кончится война.
Сынок! Сталин сказал, что предстоит еще тяжелая война, требуется время и жертвы. Я буду здесь до самого конца. Мы истребим и уничтожим фашистов, этих гадов. Ради этого нам с тобой стоит перенести любые трудности. Ради этого не жаль было бы и умереть, хоть я и не хочу умирать, я хочу снова быть вместе с тобой, с Валей, с Надюшей – хочу слышать запах праздника в нашем доме…
Капитан Николай Алексеевич Аммосов Уус Алдан оройуонугар II Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини БСК(б)П Саха уобаластааҕы кэмитиэтин бырапагаандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччынан үлэлээбитэ. 1941 сыл олунньуга Москваҕа БСК(б)П Киин Кэмитиэтин иһинээҕи Ленинскэй кууруска үөрэнэ барбыта. Онтон сэриигэ ыҥырыллыбыта. 4-с стрелковай дивизияҕа политчааска батальон хамандыырын солбуйааччынан сылдьыбыта. Икки төгүл «Хорсунун иһин» мэтээлинэн уонна Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. Брянскай, Белорусскай уонна 2-с Прибалтийскай фроннарга охсуспута. Кулун тутар 3 күнүгэр 1944 сыллаахха Гомельскай уобаласка Красновка дэриэбинэҕэ геройдуу өлбүтэ.
ПЕТРОВ ВАСИЛИЙ НИКОЛАЕВИЧ
Хонооhойго!
Убаастыыр быраатым Хонооhой дорообо! Сылдьабын үчүгэйдик, үөрэнэбин. Эн суруккун туппутум, махтанабын үтүө… суруксут буолтуҥ туhунан. Yөрэн үчүгэйдик, күнү көтүппэккэ, сүрэҕэлдьээбэккэ. Кыhан уhулуччу нуучча тылын уруогар, ону кытта нууччалыы кэпсэтэргэр. Тугу билэргинэн баhылыы сырыт, оччоҕо үөрэниэҥ. Эн эдэргин, аччыгыйгын, эйиэхэ дьону-сэргэни кытта сылдьыаҥ, Саха эрэ сирбитинэн бүтүө суоҕа, оччоҕо бэйэҕэр үчүгэй буолуо туох да мэhэйэ суох. Эрэнэбин, таптыыр быраатым, мин этэрбинэн буолуо диэн хааллым эн убайыҥ
Убаастыыр ийэбэр Мотуруоска, аҕабар Ньукулайга, бырааппар Хонооhойго!
Солун кэпсиир суох эhиэхэ кэрэхсэллээх. Yөрэнэбин үчүгэйдик, доруобайбын. Бардым бэрт ыраах сиргэ, онон эhиги мин саҥа аадырыспын өтөр кыайан билбэккит буолуо. Сирбэр-дойдубар бүттэхпинэ бириэмэ баар буоллаҕына суруйуоҕум, сөптөөх кэм көhүннэҕинэ. Суолга да хайдах айаннаан иhэрим туhунан суруйуом.