Сотору соҕус буолан баран ити сылдьан барбыт дьон эмиэ тиийэн кэлбиттэрэ. Бу сырыыга дириэктэр Александра Иннокентьевна кинилэри бэйэтэ батыһыннара сылдьан оҕолор утуйар, ааҕар, дьарыктанар хосторун, саалалары уонна остолобуойу кэпсии-кэпсии көрдөртөөбүтэ, ол быыһыгар кэлбит дьон сорох оҕолору кытта кэпсэтэн ылаллара. Омос көрүүгэ бу үрдүкү тэрилтэлэртэн оҕо дьиэтин бэрэбиэркэлии, көрө-истэ кэлбит дьон курдуктар этэ. Оҕолор да оннук санаабыттара быһыылааҕа.
Остолобуой куукунатын кэтит остуолугар хас да обургу кыыс поварга көмөлөһөн хаппыыста кырбыы туралларын кэлбит дьон таас быыс нөҥүө таптыы, хайдах эрэ сонурҕаабыттыы одууласпыттара. Кыргыттар, төбөлөрүгэр кыра былаат баанан, бары баартыктаах туран, түргэн-түргэнник туттан үлэлииллэрин киһи эрэ астына көрүөх курдуга. Кэлбит дьон харахтара оҕолортон биир хороччу улаатан эрэр кыыска хатанна. Ити кэмҥэ Александра Иннокентьевна бэрт түргэнник поварга киирэн таҕыста, ол кэмҥэ ыалдьыттар бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэн, тугу эрэ быһаарса охсон ыллылар. Итиннэ тугу санаабыттарын Александра Иннокентьевнаҕа тута эппэтилэр уонна бэлиэтии көрбүт оҕолорун аатын да ыйыппатылар. Бу куукунаҕа үлэлии турар кыргыттартан биир чороччу улаатан эрэр оҕо номоҕон тас көрүҥүн, ис киирбэҕин кинилэр хайдах эрэ чугастык бэйэлэригэр ылыннылар уонна кинилиин билсэн, кэпсэтэн көрүөхтэрин баҕардылар. Оттон кинилэр манна сорук оҥостон кэлбит сыаллара-соруктара да ити этэ эбээт: харахтара сөбүлүү көөрбүт кыыстарын билсэн, кэпсэтэн, оҕо сөбүлэһэр буоллаҕына, бэйэлэригэр сыһыаран, иитэ ылыахтаахтар этэ.
Дириэктэр хоһугар маннык кэпсэтии буолла:
– Борис Гаврильевич, Мария Николаевна, биһиги олохпутун-дьаһахпытын көрдүгүт-биллигит. Дьэ, туох дии санаатыгыт? Биир эмэ оҕону сөбүлүү көрдүгүт дуо? – диэтэ директор Александра Иннокентьевна уонна хоруй кэтэһэн долгуйан турда.
Ыалдьыттар куукунаҕа көрбүт кыыстарын кытта кэпсэтэн көрүөхтэрин эттилэр.
– Онно хас да кыыс баара дии, хайаларын этэргит буолла?
– Кытыыга турар кыыс, – дии оҕуста Борис Гаврильевич.
– Ол Даша Ыларова диэн, кини төгүрүк тулаайах оҕо, төрдүс кылааска үөрэнэр.
– Кини туһунан кэпсээ эрэ. Хайдах, туох оҕонуй? Дьоно кимнээхтэр этэй? Биһиги кыыһы иккиэн сөбүлүү көрдүбүт ээ, – диэтэ Мария Ивановна.
– Биһиэхэ иккис кылааһы бүтэрбит оҕо иллэрээ күһүн кэлбитэ. Соҕотох ийэлээҕэ ол сайын өлбүт этэ, оскуолаҕа остуорастыы сылдьан. Оттон аҕата, булчут киһи, кини кыра эрдэҕинэ суох буолбут.
– Чугас аймахтардаах дуу?
– Оннук чугас да, ыраах да аймахтара суох, ол иһин манна кэлбитэ. Үөрэҕэр үчүгэй, олус кыһамньылаах, сэмэй. Биир бастыҥ оҕобут буолар.
Дириэктэр кэпсэтэ олорор дьонун тус олохторун-дьаһахтарын, тугу үлэлииллэрин, оҕону иитэ ыларга бигэ санаалаахтарын өссө чопчулаан ыйытта. Түмүгэр, бастаан бэйэтэ кэпсэтэн