Арчикаан кырыйда, кини тугу да гынар кыаҕа суох, ону өһөн эрэр харахтарынан одуулуура эрэ. Икки оҕуруктаах санаалаах оҕонньоттору кытта уола Дьэрбэ утарылаһар кыаҕа суоҕа. Даҕанча кэлиитэ киниэхэ урукку, кичимэ санаатын уһугуннарбыта: икки эдэр хоһууннар Дьэрбэлээх Даҕанча эмиэ урукку кини Бакамда курдук, Мэлмэнэй иҥсэтигэр, Илээҥки уодаһыныгар эдэр-чэгиэн өйү-санааны сатаан утары туруоруохтара буолуо дуо? Туматтар олохторун хааннаах ыллыктан туоратыахтара дуо?
Уу чуумпу ортотугар сэргэстэһэ уҥа диэки турар холомоҕо тугу эрэ оҕо ийэтиттэн ыаһыйалаһан ыйытар хатан саҥата Арчикаан санаатын быһан кэбиспитэ.
– Ийээ, тоҕо кыһыл соҥҥун кэттиҥ?
– Дьоммут булуулана бардылар, суохтар. Кинилэри солбуйаары.
– Ийээ, тоҕо алаҥаалаах нимчикаҕын ыллыҥ?
– Дьоммут суоҕар тыыммытын мананаары.
Хаҥас холомоттон атын оҕо ытыыр саҥата иһилиннэ.
– Ийээ, ийээ, өссө аһыам этэ, топпотум.
– Дьоммут ас аҕаллахтарына, оччоҕуна тото аһыахпыт. Тулуйа түс.
– Дьоммут хаһан кэлиэхтэрэй?
– Сотору.
Үһүс түһүмэх
Илбис түүнэ
Хара суор халаахтыыр
Түҥ хараҥа түүн тууйа сабардаан тиийэн кэлбитэ. Уулаах ыарахан былыттар, түүлээн эрэр таба кыыл өрөҕөтүнүү, быһытталана-быһытталана, сиргэ тиийэ халыйбыттара, куттаммыттыы хаптайа дьылыйбыт тордохтор урааларыттан иҥниэх курдук намылыспыттара. Эмпэрэ сыыр анныгар сытар күтүр улахан күөл хараҥа кытылларын кырбыыр тыаһа бүтэҥитик биллиргээн иһиллэрэ.
Сарыы тордохтор саамай ортокуларыгар тыстаах-баттахтаах хара эһэ даппытын үрдүгэр сытан, Ньырбачаан утуйан биэрбэтэҕэ. Кини, тордохтор тастарыгар төһө да чуумпутун иһин, аллараа күөл араастаан түллэҥнии, иҥсэлээх долгуннарынан өрүтэ көбүөхтүү сытарын иһиллиир этэ. Бу үөһэ кырдалга чугунаабыт чуумпу уонна алларааҥҥы күөл бааллыра сытара хайдах эрэ кини уутун уйгуурпута. Ньырбачаан уот өттүгэр убайа Өрөгөчөй хоһуун, бу түөрт уон ураһа тоҥ биистэр баһылыктара, саннын байаатыгар тиийэ түспүт ыас хара баттахтаах, сааһын өрөгөйүгэр сылдьар эдэр киһи, тиэрэ түһэн утуйа сытара.
Ханна эрэ ыраах хараҥа тыалар үрдүлэринэн хара суор халаахтаан ааста. Бачча түүн эмиэ туох суора сылдьар?
Ньырбачаан сааһа уона эрэ этэ. Аҕата, ийэтэ өлүөхтэриттэн ыла кини убайынаан иккиэйэхтэр. Дьонуттан мэлийэн баран, убайа бу дойдуттан барбакка уһуннук олорбута. Бары да, бу үгүс балыктаах, өлгөм бултаах кэбэри сөбүлээннэр, барыахтарын баҕарбаттара. Күөл, өрүс олус эмис үгүс балыктаахтара, хара тыалара үгүс бултааҕа. Бу дойдуга кэлиэхтэриттэн ыла үөр табалара үксүү турбута, кыра оҕолоругар тумуу да киирбэт буолбута. Баҕар ол иһин эбитэ буолуо, биир сиргэ уһуннук тэһийэн-тулуйан олорбот дьон уһуннук тохтообуттара. Ньырбачаан ону хантан билээхтиэй? Арай киниэхэ манна, бу түргэн сүүрүктээх өрүс, ыраас уулаах улуу күөл икки ардыларыгар сыыйа тардыллыбыт үрдүк кырдалга оонньуурга, сүүрэргэ-көтөргө