Иэйик хоһуйа. Уххан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Уххан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6642-1
Скачать книгу
буламмыан,

      Омуна суох бэйэм сөҕөммүн,

      Оо, өйдөөтөҕүөм…

      Түүлбэр көттүм, илэ көттүм…

      Ыра санаабар эмиэ көттүм,

      Көтөр аакка элбэҕи көтүттүм.

      Оо, көтүттүөм…

      Сиргэ түһэн, сииктээх оту кэһэн

      Санаам буолардааҕынаан

      Сайар иэйии сарсыардатыгар

      Оо, хаамтарбыан…

      Сэргэстэһэ сэлэһэр сэгэрбин,

      Сиэттиһэр сэмэй доҕорбуон,

      Аттыбар, абылыыр аналбын

      Оо, көрдөрбүөн…

      Уйуктаах санаанан уйа туттан

      Эрэл санаанан эркин охсоммуон,

      Өйүм-санаам өһүөтүн уураммын

      Оо, олордорбуон…

      Итэҕэһи ситэри толорунан

      Итэҕэли сүрэххэ иҥэринэн

      Иэйэр куттуун иллэһэммин

      Оо, сырыттарбыан, этэҥҥэ…

      ТҮГЭН

      Түгэнтэн төрүүллэр түбэһиэх иэйиилэр,

      Түгэнтэн төрүүллэр үйэлээх үөрүүлэр.

      Түгэнтэн үөскүүллэр түөкүннүү санаалар,

      Түгэнтэн үөскүүллэр төрүт өйдөбүллэр.

      Түгэнтэн саҕаланар түһэн биэрии,

      төннөн иһии,

      Түгэнтэн саҕаланар кэскил кэлиитэ,

      туску туруута.

      Түгэҥҥэ биллэр бу олоххо ким кимэ,

                    туох туга,

      Түгэҥҥэ биллэр сымыйа албына,

                        кырдьык дьиҥэ.

      Түгэҥҥэ быһаарыллар ким өлөрө,

      ким тиллэрэ,

      Түгэҥҥэ быһаарыллар ким самнара,

      ким кыайара.

      Түгэни баһылаа эн бу күннээҕи

                          күлүм түбүккэр,

      Түгэни баһылаа эн бу уһун,

                    бу кыл түгэнэ олоххор.

      Түгэн диэн бу эн, бэйэҥ олороҕун.

      Түгэн диэн бу эн, олох буолаҕын.

      Түгэн анараата өлүү уонна тиллии,

      Түгэн анараата үрүҥ уонна хара.

      Түгэн диэн улуу күүс, идэлээх уус,

      Түгэн диэн айар-үҥэр таҥара!

      ИЙЭМ КЭТЭҺЭР

      Тулабар

      тулаайахсытар

      туймаархай туман

      тууйа тунаарыйар.

      Санаабар

      ыраах баар

      дьиэм буруота

      ыҥыра унаарыйар.

      Арҕааттан

      атыҥырас тыал

      атарахсыта

      аргыарыйар.

      Аттыбар

      айаным суола

      аһыммыттыы

      аҥаарыйар.

      Турабын,

      тумаҥҥа муннарар

      туоххаһытар санаабар

                              туймаара сууйуллан…

      Турабын,

      ийэбэр тиийээри

      истиҥ ахтылҕанынан

      иэйэ тууйуллан…

      Өссө биир

      үрдэл хаалла,

      сүрэхпин

      ахтылҕан аалла…

      Оол көстөр

      тумарык хайалар

      өргөстөрүн

      нөҥүө өттүлэригэр

      Төрөөбүт түөлбэм,

      чэрдээх тэлгэһэм,

      алаадьы сыттаах

      алгыстаах алаһам

      Ахтар айыыһыта

      айаннаан кэлэрбин

      ааҕа саныы,

      аймана кэтэстэҕэ.

      Онно,

      хотон кэтэҕэр,

      кыбыылаах отун

      кытыытыгар,

      Кырпа