Кэлэр кэмҥэ,
эбэтэр ааста?
Санаам буолардааҕа
ханна мунна?
Ааһар тапталга,
албын тумаҥҥа?
Санаам буолардааҕа
сандааран,
Сайар иэйиинэн
сыдьаайан
Сырдыгынан куппун
кууспута,
Сылаас уоһун
сүрэхпэр даҕайбыта…
Ол онтон ордук
көммүппүн
Отой өйдөөбөппүн
бүгүн.
ТҮГЭНИ АЙБЫККА
Күннэр түбүктэрэ,
күүрээннэрэ
күл буолаллар.
Күннэр үөрүүлэрэ күлүм-чаҕыл түгэҥҥэ
хаалаллар,
Түгэни айбыкка, үөрүүнү төрөппүккэ —
олох түмүгэ тиллэр.
Мин тыыным
сүтүө суоҕа.
Мин бүппэт тыыным
күөх уот буолан
күөдьүйэ
көдьүүстүү туруоҕа.
ТУОЛЛАХХЫНА
Эн баҕаҥ
барыта туолбут,
Барыҥ барыта
баар буолбут.
Эн кими да
кэрэхсэппэккин.
Эн кэрэ диэни
аны билбэккин.
ЫТЫК ТОЙГО – ЫҺЫАХХА
Айгыр-силик айылҕам
Айгыста тупсан турдаҕына,
Күөх унаар халлааҥҥа
Күн үрдүккэ күллэҕинэ,
Кутум-сүрүм уоскуйар,
Сүрэҕим-быарым манньыйар.
Сахам сирин сайына
Самааннык сайар кэмигэр
Ытык Тойго – Ыһыахха
Ыксалаһар Айыыларбар
Ыра санаам тиллэр,
Ыра баҕам туолар,
Санньыйбыт санаабар
Сахам тыына сүрэхпэр илэ тиллэр.
БУОЛААЧЧЫ…
Албын анна чычаас,
кырдьык анна дириҥ.
Куһаҕан өрүү дөбөҥ,
үчүгэй куруук үлэлээх
буолааччы, буолааччы…
Көлдьүн быһыы көпсөркөй,
албын быһыы халтархай,
Үтүө үрдэ үрүмэлээх,
сымыйа үрдэ сытыганнаах
буолааччы, буолааччы…
Дириҥтэн этэр чахчы тыл —
дилэй дьиҥинэн туолааччы,
Аараттан этэн алкыйар тыл —
албынынан айа тутааччы
буолааччы, буолааччы…
Түөкүн быһыы өрүү
төттөрүнү түөһэр түөрэхтээх,
Үтүө быһыы мэлдьи
үчүгэй үгэс үөрэхтээх
буолааччы, буолааччы…
Сиикэй сидьиҥ этии
сиппэтэҕэ сиэри силиктиир,
Буспут-хоппут этии
буолбуту-кэлэри кэрэһилиир
буолааччы, буолааччы…
Үтүө икки, мөкү икки
үөрэ-дьүөрэ
ини-биилэр.
Үрүҥ икки, хара икки
Үүт-үкчү
бии-биирдиилэр.
Хайырҕастаах
хара быарыҥ
хайатын ордорор,
Сүдүрүүннээх
сүбэ сүрэҕиҥ
сөбүлүүрэ тугуй?
Бэйэҥ билэргинэн,
бэйэҥ таларгынан
буолааччы,
Олоҕуҥ оҥоойуга
оннук туолааччы,
Оҥоһууҥ эйиэнэ
оннук буолааччы!
ИЭРЭҤ-СААРАҤ
Ытыам