– Эн оскуолаҕа даҕаны чахчы үчүгэй «немка» этиҥ… – Рита эмиэ күлэ-күлэ хоруйдаата. – Хата, иһит, эһэбит билигин Дьокуускайга кэлэ сылдьар ээ.
– Мирнэйтэн кэлбитэ дуо?
– Онтон. Онно олорор дии. Манна гериатрия киинигэр, бэйэтэ этэринии, «абырахтана-ибирэхтэнэ» кэлбитэ.
– Оо, олус бэрт дии! Ритка, эн миигин кинини кытта көрүһүннэр эрэ. Мин бэртээхэй ыстатыйа суруйуох этим. Эһэҥ отой герой эбит дии!
– Ээ, Мариша, кини сэрии туһунан ахтарын сөбүлээбэт ээ. Уонна оттон оҕонньор оҕонньор курдук буоллаҕа. Таах даҕаны билигин бэтэрээннэр күнтэн күн аҕыйаан иһэллэр…
– Кытаат-кытаат, Ритка! Дьүөгэм котоку, сатаммат-хайаабат диэмэ.
– Чэ-чэ, сөп-сөп. Сарсын бара сылдьыахпыт.
– Sehr gut, сэгэрим! Auf wiedersehen!
Дьокуускай кытыыта. Гериатрия киинин палаатата. Орон аттыгар турар олоппоско эдэр дьахтар олорор.
Кини суумкатыттан блокнот, уруучука хостоон, туумба үрдүгэр уурда. Онтон диктофонун хостоон холбоото.
– Биир, икки, үс, устуу бара турар…
– Оттон мин бу бэҕэһээ ойоҕоспун тоһутан кэбистим дии… – оҕонньор, хайдах эрэ буруйдаммыттыы, симиктик мичээрдээтэ. – Онтон атын кырасаабыссабын, мэлдьи буоларын курдук, киирэр аан кирилиэһигэр көрсүөм этэ буоллаҕа… Ону баара, сууна сылдьан халтарыйан алдьанным…
– Уой да! Оччотугар эн булгуччу сыттаххына сатанар эбээт, Василий Давыдович! – дьахтар, аймана түстэ да, тута хомуммутунан барда. – Болдьоһон бараммыт кэлин көрсүөхпүт, эн ама буоллаххына…
– Бэйи, тохтоо-тохтоо, тоойуом, кэпсэтиибитин салгыахха, – оҕонньор симиктик, ол эрэн, чиҥник эттэ. – Мин хайыы үйэ аҕыс уон сэттис хаарбын санныбар түһэрдим. Бэйэм турукпун, эппин-хааммын олус үчүгэйдик билэбин. Эн, тоойуом, итэҕэй, мин бу билиҥҥи турукпуттан тупсан да, мөлтөөн да барар кыаҕым суох. Сиэним кыыска тылбын биэрэн турабын, эйиэхэ олохпун-дьылҕабын саас-сааһынан кэпсиибин диэн. Ол тылбын тутуу былдьаһан толордохпуна сатанар. Ол мин оҕолорбор, сиэннэрбэр, хос сиэннэрбэр уонна бары айыы дьонугар эппит кэс тылым буолуоҕа. Сөпкө этэҕин, мин ахтыыбын-кэпсээммин «пропаганда дуу, кими-тугу эрэ саралааһын дуу буолбакка, ааспыт олох тыйыс чахчытын эт-хаан сорҕото буолар» диэн. Биһиги эйэни харыстыах тустаахпыт. Мин бу ахтыым, бу кэпсиирим кинигэ буолан тахсарын ол иһин баҕарабын. Ити эн сиэним кыыһы кытта этэргит курдук, аны төһө эрэ сылынан, мин ахтыыбар олоҕуран, чахчы бааччы киинэ устуохтара. Ким-туох билиэ баарай? Эһиги, аныгы дьон, биһиги кырдьыкпытын билиэх тустааххыт. Улуу Кыайыы саллаатын кырдьыгын. Эйэ уонна Сэрии, Олох уонна Өлүү быыстара-арыттара ханан дьирбиилэнэн ааһалларын өйдүүр туһуттан…
Оҕонньор, биир кэмник саҥара-саҥара, сүр холкутук туран, бинсээгин ылан кэттэ, биллэ чачараабыт аас баттаҕын ытыһынан ньылаарыта имэрийдэ.
Оттон кини ахтыытын суруйуохтаах дьахтар, тэтэркэй уостаах айаҕыттан биир тылы алҕаска да мүччү тутан таһаарбакка, итини барытын соһуйбуттуу одуулаан олордо. Быһыыта, хайдах-туох диэҕин, тугу гыныаҕын кыайан тобулбата.
– Чэ, кырасаабысса, көрүдүөргэ барыах, ааспыкка кэпсэппит сирбитигэр. Оннук гымматахпытына, бу палаатам мохсоҕоллоро эмиэ ордук санаан, ордугурҕаан иэдэйиэхтэрэ, таҥхайа кырдьыбыт бөөхүллэ маннык кэрэ бэйэлээхтиин өөр да өр сэлэһэрбин көрөн-истэн! – оҕонньор тэбэнэттээхтик симириҥниир хараҕар кыымнар кылахачыһан ыллылар уонна, саһыгыраччы күлээт, аан диэки хардыылаата.
Дьахтар, хайдах эрэ эмискэ уһуктубуттуу халыкынайан, онтун-мантын суумкатыгар хаалаата да, кинини кэнниттэн батыһан тоһугураан иһэн, аан аттыгар тохтуу биэрээт, төттөрү хайыста.
– Көрсүөххэ диэри! Этэҥҥэ буолуҥ!
Холл. Дьыбааҥҥа суруналыыс дьахтар уонна оҕонньор олороллор. Икки ардыларыгар дьыбааҥҥа диктофон сытар. Дьахтар, сөп-сөп, блокнотугар суруйан элэҥнэтэр, оччоҕо уруучуката биир кэм эйэҥэлээн олорор. Оттон оҕонньор, хараҕын быһа симэн ыла-ыла, хааһахтан хостуур курдук тохтоло суох кэпсээн суккуйар. Арай ол хараҕын симэн ылар кэмигэр, чочумча тохтоон, ханна эрэ букатын атын эйгэҕэ барбыкка, бүгүҥҥү чахчыттан ырыых-ыраах тэйбиккэ дылы буолар.
– Дьэ, хайдах эбитэ буолла, туох эрэ этитиилээх төрөөн-үөскээн киһи-хара буолбутум эбитэ дуу, хайдаҕа дуу… Этэргэ дылы, таҥара бэйэтин хоонньугар уктан харыстаан, араҥаччылаан… Адьас киһи сымыйаргыан курдук, олус табыллан, сатанан, бииртэн биир мүһэли-моһолу мүччү түһэн испитим. Сэрии быдан инниттэн, эрдьигэн сааспыттан иччини-абааһыны да, айыыны-таҥараны да итэҕэйбэт этим. Мааркыһы уонна Лиэнньини итэҕэйэрим. Онтон сэриигэ биир түбэлтэ буолбута, онтон ыла мин,