Мин, ыал улахан оҕото, кыра сааспыттан дьаһайарбын сөбүлүүр этим. Ол да иһин буолуо, үлэбин старшай пионер баһаатайтан саҕалаан, үс нэһилиэккэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругар управдом салайааччытынан, баһылык солбуйааччытынан өр сылларга үлэлээн, билигин СӨ Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын дьокутааттарыгар көмөлөһөөччүнэн 6 ыҥырыыга үлэлээн кэллим. Бу күҥҥэ эдэр, эрчимнээх, сытыы өйдөөх, саҥа суоллары арыйар норуот дьокутаатыгар Мичил Кимович Николаевка көмө, сүбэ-ама буоларбыттан дьоллоохпун. Биһиги сыал-сорук туруорунан дьон олоҕо тупсарыгар, дьоллоох олох кэлэригэр туруулаһан араас хайысхаларынан үлэлэри ыытабыт.
Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев дьон туһугар ыытар үлэтин сэҥээрэбин, хайгыыбын, тугунан эрэ көмөлөспүт киһи диэн сыалтан бу суорумньу үлэтин өйдөөн сүбэ-ама буолабын. 2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылын көрсө Сахабыт сиригэр олорор киһитин ахсаана 1 мөлүйүөн буоларыгар бу суорумньуһуттар элбэх өрүттээх үлэни ыыталлар.
Суорумньуһуттар наһаа элбэх үлэни көрсөллөр, ыытар тэрээһиннэрин ардыгар бэйэлэрин харчыларынан тэрийэллэр. Мин «Ил Эйгэ» айылҕаҕа дьиэ кэргэнинэн сынньанар туристическай комплекска иккитэ суорумньу тэрээһинин ыытыһан турардаахпын. Варвара Васильевна, Сергей Гаврильевич Трубиннар бэйэлэрин кыахтарынан, аһаҕас халлааҥҥа араастаан мындырдаан, айылҕа матырыйаалынан оҥорон туппут тутуулара киһи хараҕынан көрөн үөрэр, дууһалыын сынньанар комплекса буолбут. Бу тэрээһини тэрийэрбитигэр Ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин Афанасий Семенович Владимиров салайар эрдэҕинэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьахталлар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Анжелика Егоровна Андреева, өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕалар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Айхал Иванович Габышев үлэбитин өйдөөн, туох кыалларынан көмөлөһөн тэрээһиммит сыалын сиппитэ. Маннык салайааччылар баар буолан, санаабыт көнньүөрэн үлэлии-хамсыы сырыттахпыт.
Биһиги бу комплекс салайааччыларыгар кэргэннии Варвара, Сергей Трубиннарга наһаа махтанабыт, баҕарбыт баҕа санаалара туола турдун, доруобай, чөл туруктаах олоҕу, элбэх үтүө санаалаах ыалдьыты, өссө да сайда, туругура турдуннар!
Суорумньуһуттар бары дьоҕурдаахтарын мин көрө-көрө үөрэбин: ким эрэ ыллыыр, ким эрэ үҥкүүлүүр, ким эрэ тэрийэр, хомоҕой тыллаах буолар. Ол иһин түмсэ түһэн мунньахтаан Ассоциация тэриниэххэ, бары түмсүөххэ диэн Евдокия Петровна Бочкареваны-Налыйа Хотуну салайааччы оҥостон үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ тэрийэр, үлэлиир усулуобуйа табыгастаах буоллаҕына эрэ, көдьүүстээх үлэ тахсыан, көрдөрүү үрдүк буолуон сөп. Ол инниттэн бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан баар буоларын туһугар болҕомтону ууран, саҥа бырайыактары олоххо киллэрэн араас өрүттээх үлэни ыытабыт.
Баҕа