Дьолу түстээччилэр. Э. Н. Семенова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Э. Н. Семенова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6102-0
Скачать книгу
баран аҕаларыттан көҥүллэтэн ыһыах тэрийэн, утуу-субуу баай уолаттарга кэргэн тахсыталаабыттар. Оҕонньор баай ыаллартан халыым ылан баайа хаҥаатаҕа, үөрдэҕэ. Ыһыаҕы кыргыттар тэрийэллэригэр «Кыыс ыһыаҕа» диэн ааттаабыттара эбитэ үһү. Түмэппий Борисов бэйэтэ Мордьууска Хабырылла диэн киһиттэн төрүттээх, эһэтэ Дабыыкын диэн Сыҥаах нэһилиэгэр Улахан Сыһыыга олорбут киһи.

      Мин 2019 сыл сайыныгар Национальнай архыыпка Бороҕон инороднай быраабатын кинигэтигэр ити Түмэппий Барыыһап туһунан матырыйаал булбутум. Сыҥаах нэһилиэгэр олорбут. Чаччыына эбит. Сир туһуттан улуус кулубатын кытта иккитэ сууттаһа сылдьыбыт. Мин бэйэм Борисов Борис Ивановичтан төрүттээхпин. Аҕам Ньурба драматическай тыйаатырын артыыһа, Щепкин аатынан театральнай училищены бүтэриэҕиттэн Ньурба куоракка олорор, үлэлиир. Кини аҕата, эһэм, Иван Константинович Борисов Уус Алдан Кэптэнитигэр олорбута. Кини аҕата Константин Петрович Борисов-Мурун Көстөкүүн эмиэ Лөгөй нэһилиэгэр олорбут, орто сэниэ ыал эбитэ үһү. Көстөкүүн аҕата Петр Петрович Борисов диэн, Сыҥаах нэһилиэгин киһитэ. Петр Петрович ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар олорбут киһи. Кини туһунан миэхэ 2005 сыллаахха архыып үлэһиттэрэ булан биэрбиттэрэ. Киниттэн үөһэ дьону булбатах этилэр. Онон таайарбынан, Петр Петрович аҕата Мордьууска Хабырылланы кытта бииргэ төрөөбүт Түгүнүүр Бүөтүр диэн баайтан төрүттээх быһыылаах. Аҕатын аата да ону ыйар – Бөтүрүөбүс диэнэ. Түгүнүүр Бүөтүр сүөһүнэн байбыт, ойуунумсуйар киһи эбитэ үһү. Көмүллүбүт сирэ биллэр. Аһара байан «кыйдатыы» туомун ыыттарар эбит. Бу туом быһыытынан, сүөһүнү кый ыраах ураҕастаах аттаах уолаттар үүрэллэр уонна онно хааллараллар. Түгүнүүр аҕата Дабыыкын арааһа ХVIII үйэ бүтүүтүгэр, ХVIII—ХIХ үйэлэр кирбиилэригэр олорбут киһи буолуохтаах, номох быһыытынан, Дьокуускайга баран нуучча атыыһытыгар хамначчыттаабыт. Номоххо ол туохтан буолбута этиллибэт. Ол аата, Түһүнэй аҕа ууһа ол саҕана сүрдээҕин дьадайа сылдьыбыт кэмэ буолуон сөп эбит. Түһүнэй диэн ХVII үйэ иккис аҥаарыгар олорбут киһи аҕа ууһун тойоно, кинээс, аҕата эмиэ кинээс Окто диэн киһи, Лөгөй биитэ. Лөгөй, биллэрин курдук, нууччаларга утарсыбатах, «шерт» (сиэр, андаҕар) биэрэн баран онтун кэспэтэх аҕа ууһун тойоно. Атын тойоттор нууччалары утары өрө турууларыгар кыттыбатах, нууччалар сахалары утары сэриилэһэллэригэр эмиэ кыттыспатах. Архыыпка көрдүүрбэр миэтирикэҕэ өбүгэлэрбин булбатаҕым. Өр кэмнээх, анал күүстээх үлэ наада быһыылаах.

      Түһүнэй бэйэтэ «Общественный строй якутов» диэн Токарев кинигэтигэр ахтыллар. Ол курдук, ХVII үйэ иккис аҥаарыгар Мэҥэ сиригэр Дьаарбаҥ кытылын таһыгар Солук Боотур диэн Бороҕон ууһун бухатыыра биир мэҥэ киһитин, көмүскэнээри, алҕас ох саанан табан өлөрбүт. Ону мэҥэлэр, ол киһи аймахтара, иэстэһэн Суола үрэх таһыгар бороҕоттор бас киһилэрэ остуруоктан улууһугар айаннаан истэҕинэ, ох саанан дьөлүтэ ытыалаан өлөрбүттэр. Онтон сылтаан Түһүнэй икки сүүсчэкэ киһилээх мэҥэлэргэ (Бодоевтар аҕа уустара) саба түһэн Бороҕон сиригэр сүөһүлэрин үүрэн барар, дьону билиэн ылан чаҕар оҥостор. Түһүнэйдэр, бадаҕа, ХVIII үйэ ортотугар эбэтэр иккис аҥаарыгар христианствоны