– Маама, арай мин бууннаан, айдааран турбут, барыгытын сымыйаҕа-албыҥҥа күтүрээбит буолуум, уулуссаҕа бэйдиэ барыым… оччоҕо ити ыаллар туох диэх этилэрий? Сөбүлүөхтэрэ үһү? Бука «иитиллэн-иитиллэн баран баҕайы үтүө дьүһүнэ ити баар» диэхтэрэ этэ буолбаат?! Ону өйдөөбөтө буолуо диигин? Мин эйиэхэ куһаҕан оҕобун дуо? Дуу, эн миэхэ холоон даҕаны ийэбин диэри гынныҥ дуу? Оттон Сырдыкпыт? Кини эмиэ оччоҕо солуута суох дуо? – дии-дии кыыһа, бэкээринэҕэ килиэп күүтэ турар дьахталларга сонун оҥостон, кинилэри сөҕөн-махтайан кэпсээбит ыаллара Аастыраны үүт-тирии үтүктүбүтүгэр, ийэтэ күлэн тоҕу барбыта.
Кырдьыга да оннуга. Сырдык эмиэ иитиэх кыыс, ол кырдьыгын эмиэ хоп-сип хонуутуттан, быстахха алҕас, ити үс сыл аҕас эдьиийин Ира айдаанын саҕана истибитэ, эмиэ тугу да саҥарбатаҕа. Кини майгыта оннук, намыын, ис-иһиттэн толкуйдаах, кыратыттан бэрээдэк хаата. Хайдах да атыннык ылыныах быһыыта суоҕа. Ол да гыннар кыыс муҥнаах син иһигэр арааһы санаабыта буолуо ээ, ким билиэй…
– Хата, маамаа, үһүөн олорон кэпсэтиэҕиҥ, дьиҥэр хайдах этэй? – Ира биирдэ, иитиэх оҕолор тустарынан кэпсэтиигэ иэҕэтэн, арааһа 17 сааһын эргин этэ быһыыта, ийэтин үүйэ-хаайа туппута.
Ити киэһэ иһиттэрин сууйан, муосталарын сото охсон баран кыргыттар хосторугар батыаккалаһан киирэн үһүөн өргө диэри бүкпүттэрэ. Аҕалара, суоппар киһи, үлэтиттэн кэлэн, суунан-тараанан баран тута киирэн сыппыта, устунан утуйбута. Кини хойут кэллэҕинэ итинник гынар үгэстээҕэ. Саҥа-иҥэ суох, сылайдым диэн аһааччыта суох, тута хаһыатын туппутунан утуйар хоско киирэн дьыбааҥҥа тиэрэ түһэр уонна сотору соҕус мунна тыаһаабытынан барааччы. Ону туруоран «ороҥҥор көс» диэтэххэ кыйаханарын иһин, Арыпыана оргууй аҕай чараас суорҕанынан, уһугуннарымаары сэрэнэн, үллүйэн биэрээччи.
Дьэ, ол бүөмнээн кэпсэтиигэ, бары да саастарынан тэҥэ суохтарын аанньа, кыргыттар ааттаах буоллахтара, истиҥ-иһирэх тыын сатыылаабыта. Арыпыана төһөтүн да иһин, бастакы кыыһын туһугар ордук туоххаһыйара таайыллыбыта.
– Ира-а, тоойуом, эн наһаа… хайдах дииллэрэ буолуой даа… сатаан да этиэ суох курдукпун, отой бу баар курдук чэҥ мэйиибэр көстөн тураҕын да, тылбар кыайан тиспэт эбиппин ээ… – Арыпыана кырдьык ыарырҕаппыта, чабырҕайын имэриммитэ.
– Наһаа кэбирэх! – тоҕо эбитэ буолла, Сырдык иилэ хабан ылан кыбыта охсубута.
– Эс, оннук буолбатах, оҕом кытаанах сүрүннээх ээ, бэйи. Туппутун кытаахтаһар,