Эдьиийим дьүөгэтин кытары сиэттиспитинэн уу кытыытынан хаамыталыы сылдьан көрдөхтөрүнэ, кинилэртэн олох чугас биир дьахтар сөтүөлүү сылдьар эбит. Хайдах эрэ балык курдук дьикти баҕайытык харбыырын муодарҕаан кэтээн турбуттар. Арай дьахтардара, кинилэр диэки хайыһаат, түөһүгэр диэри ууттан быган туран, ыҥыртаан илиитинэн сапсыйбыт. Иһиттэхтэринэ, «манна кэлиҥ, наһаа үчүгэй!» диирдии саҥарар үһү. Тута эдьиийим ааҕы туох эрэ күүс иннилэрин диэки хаамтарар курдук буолбут. Өйдөнөн кэлбиттэрэ, олус дириҥҥэ киирэн хаалбыттар… Эдьиийим барахсан үрүҥ күн сырдыгын иһин охсуһуута саҕаламмыт. Аны туран, кини кыайан харбаабат. Уу анныгар биирдэ баар буолбутун эрэ өйдөөбүт. Ууну ончу иһиэ суохтаахпын диэн, тыынын хаайа сатаабыт. Тимирэн иһэн көрдөҕүнэ, күнэ үөһэ күлүмнээн көстөрө үһү. Эдьиийим, өйүн сүтэриэн иннинэ, туох баар санаатын түмэн үрдүк күүстэртэн көрдөспүт. Түлэй-балай баран истэҕинэ, уу түгэҕиттэн туох эрэ өрө анньарга дылы буолаатын кытта, өрүс үрдүгэр дагдас гыммыт. Уоннааҕытын өйдөөбөт. Кытылга тахсан баран, биирдэ тыынын ылбыт. Үс уол соһон таһаарбыттар үһү. Өллө диэн эрдэхтэринэ, хата эдьиийим өйүгэр кэлбит. Дьүөгэтэ туох да буолбатах, бэрт эрэйинэн бэйэтэ харбаан тахсыбыт.
Дьиктитэ диэн, ол дьахтары кинилэртэн ураты ким да көрбөтөх. Эдьиийим ууга тимирэн эрдэҕинэ, «халлааҥҥа сылгы кистээбитэ уонна ол кэнниттэн кыыс ууттан күөрэйэн тахсыбыта» диэн кэлин дьон кэпсээбиттэр.
Сэрии эрэ иннинэ буолбут түбэлтэ. Сайын ортото, от үлэтин үгэнэ этэ. Аҕам өрүс уҥуор оттуу сылдьара. Мин ийэбиниин холкуос пиэрмэтин сайылыгар хас да ыалы кытта дьукаахтаһан олорбуппут. Ийэм ыанньыксыттыыра. Холкуос сүөһүтүн кытта бэйэбит аҕыйах ынахтаах этибит. Арай биир киэһэ саамай үүттээх ынахпыт кэлбэтэ. Ийэбиниин үлэбитин үмүрүтүөхпүтүгэр диэри – мэлигир. Хайыахпытый, түүннэри көрдүү барыахпыт дуо? «Сарсын кэлэр ини» дии санаан утуйдубут. Сарсыныгар даҕаны ынахпыт суоҕун курдук суох. Ийэм үүттээх ынаҕын сүтүктээн санаа бөҕөҕө түстэ. Миигин күнүскү ыам кэнниттэн көрдүү барарбар соруйда. Мин, төһө да уончалаах эрэ киһи буолларбын, бүтүн ынах сүтэрэ биһиэхэ охсуулааҕын өйдүүрүм. Чэйдии охсоот, ынахпын көрдүү бардым.
Бастакы омуммар сүүрүү-хаамыы былаастаан чугас алаастары бүтүннүү кэрийдим да, булбатым. Ити сырыттахпына, киэһэрэн барда. Мин тэйиччи сытар алаастары кэрийэр санааланным. Бэрт уһуннук хаамтым. Сылайдым, аччыктаатым. Үөн-көйүүр бөҕө түстэ. Ону ол диэбэккэ «ынахпын эрэ булбут киһи» диэн баҕа санаалаахпын. Сайыҥҥы күн саҕахха саста. Халлаан боруҥурда. Мин олох сылайан иэдэйдим.
Арай биир кыракый соҕус алааска ампаар дьиэ турарын көрдүм. Сырам-сылбам эстэн, ол дьиэҕэ киирэн, борук-сорукка наара ороннор баалларын көрөн, хаҥас диэки бардым, онно сытынан кэбистим. Сылайбытым бэрт буолан, тоҥорбун да билбэккэ, утуйан хааллым. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, түүл эбитэ дуу, илэ эбитэ дуу, киһи саҥата иһилиннэ: «Нохоо! Мантан тур! Атын сиргэ баран сыт!» – диэтэ. Хаста да хатылаата.