– Туохха барытыгар эн кыттыгаһа суох буолан иһэҕин! – диир Өкүлүүнэ, ис иһиттэн абаккарбыттыы.
– Биллэн турар! – Бааска, куолутунан, күн кыһалҕата суох хоруйдуур. – Тойотторум туох дииллэр да, онно айанныыбын.
– Оттон тойотторуҥ, баартыйа ыйыытынан олорор дьон, эйигин да туора хаамтарбатылар ини! – суоппар Бааска аһара кыһалҕата суоҕуттан Өкүлүүнэ ис иһиттэн кыйаханар быһыылаах.
– Ээ, мин дьыалам кыра! Батыллыбакка айаннаатахпына да баһыыба!
– Һ-м, барахсан! Толкуйуҥ тугун чычааһай? Холобура, биһиги билигин партия этиитин толоро, Өллөөххө былаан толоро, үлэлии баран иһэбит! Эн биһигини тиэйэн иһэриҥ быһыытынан, эмиэ сыһыаннааххын!
– Ээ даа?
– Оннук буолумуна!
– Чэ буоллун даҕаны! Ол эрээри эһиги үөрбүт-көппүт көрүҥҥүт төрүт суох. Ол аата партия этиитин кытары искитигэр соччо сөбүлэспэт буоллаххыт.
– Ээ, бу оннугар Дулҕалаахпытыгар барбыппыт буоллар… Хайдах эрэ санаам ити Өллөөххө олох тардыспат… Хайдах эмэ гынан сайыммыт ааһа охсоро буоллар! – Өкүлүүнэ ис иһиттэн ыараханнык өрө тыынан ылар.
– Эс, тоҕо инньэ диэтэххиний? Мин биир бэйэм күөх сайыммыт уһаатар ханнык диэн толкуйдаахпын, – Бааска Өкүлүүнэ диэки дьиктиргээбиттии көрөн ылар.
Ийэтигэр көтөхтөрөн олорор Баанньыска сиэбиттэн бирээнньик таһааран, онтуката хаппыта бэрт буолан, эмэ-эмэ сиэн барар. Куока көрөн ымсыырар.
– Бирээнньиккиттэн бэрсиий! – диир. Онуоха анарааҥҥыта, көҥөнөн, баһын быһа илгистэр.
– Оттон, саатар, кыратык, – Куока арахсыбат.
– «Суох!» диэтим буотта! – Баанньыска буолуммат.
– Оттон мин эмиэ сиэхпин баҕарабын ээ!
Куока, наһаа көрдөөн барбытыгар, Баанньыска тоҥолоҕунан киэр садьыйар.
– Бүт эрэ, нохоо! Сүгүн олор! – Өкүлүүнэ уолун Куоканы буойар.
– Оттон мин эмиэ бирээнньик сиэхпин баҕарабын ээ!
– Баанньыска, бэрсиэххиний? Туох ааттаах көҥөскүнүй? – Мотуруона уолун сэмэлиир.
Баанньыска, улаханнык баҕарбатар да, сиэбиттэн бирээнньик таһааран, Куокаҕа уунар. Анарааҥҥыта үөрэ-көтө ол бирээнньигин кэбийбитинэн барар.
– Хайа, нохоо, бирээнньиктэнэн, абыранныҥ дуу? – Өкүлүүнэ мичик гынар, уолун кэтэҕиттэн сыллыыр.
– Аһаа!
Улахан дьон күлсэн тоҕо бараллар.
Куусапка олорор дьон, саллааттар курдук, бука бары бириһиэн матырыйаалыттан тигиллибит кууркалаахтар. Уолаттар таах олоруохтара баара дуо? Мэниктээн, анньыалаһаллар эҥин. Ордук Лөглөө баппат. Силэпсиэптэр хороччу улаатан эрэр кыргыттарын, Любускалаах Лидыкканы, биллибэтинэн, нэксиэ кэллэҕинэ, кэйиэлии олорор. Кыргыттар ол аайы часкыйан иһэллэр.
– Ноо, уоскуй эрэ эн! Туох ааттаах кыра оҕоҕо дылы мэнигилээн хааллыҥ! – Ньукулай уолун буойбута буолар.
– Мас курдук көнөтүк олоробун дии, олох да мэниктээбэппин ээ! – Лөглөө обургу аҕатын диэки ырааһынан көрөн кэбиһэр.
Айан устатын тухары Маайа сирэйэ дьиппиэн.
– Хайа, туохтан бачча айылаах санаарҕаатыҥ? – Ньукулай тулуйбакка