Саха саарына Тэрис. Группа авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5750-4
Скачать книгу
Алтайынан, Хакасиянан сылдьыһан кэллим. От ыйын сэттэ күнүгэр Хакасияҕа Сахсары ытык хайаҕа ол дойду ойууннара тоҕус өйдөбүлүнэн ыыппыт бэрт дьикти, киһи кутун-сүрүн тутар сиэргэ-туомҥа сылдьан кэллибит. Тэрис Сахсары диэн Өлүөнэ эбэ былыргы аата диэн этэрэ. Ыам ыйын 21 күнүгэр 1993 сылтан хас сыл аайы тиһигин быспакка Сайсары күөлгэ сиэр-туом ыытара, оттон билигин Уйусхаана салгыыр. Тэрис Сайсарыга, саха омук ытык Эбэтэ диэн, мэлдьи сүгүрүйэрэ.

      Афанасий Алексеевич «Саха сирин ытык сирдэрэ» социальнай-пилотнай бырайыагын Мэҥэ Хаҥалас ытык сирдэринэн саҕалыыр баҕалааҕын эппитэ. Миигин, Мэҥэ буоларым быһыытынан, ытык сирдэринэн маршрутта оҥор диэн көрдөспүтүгэр, 2015 сылга бахсыбыт, сэһэнньиппит Тэриһи кытта сылдьыбыт маршруппут суолун арыый кэҥэтэн оҥорбутум. Бу сайын атырдьах ыйын 16, 17, 18 күннэригэр Чүүйэ – Аллараа Бэстээх – Маандай – Дьаарбаҥ – Долоон – Моҕоллой – Урдаах – Томтор – Төҥүлү – Балыктаах – Матта – Дойду ытык сирдэринэн сылдьан олохтоохтору кытта санаа атастаһан элбэҕи билэн-көрөн кэллибит. А.А. Николаев историк быһыытынан олус дириҥ көрүүлэрдээх, инникитин ытык сир өйдөбүл тула үлэлэһэр, киэҥ, бырайыакка сыһыаннаах былааннардаах. Экспедиция тэрээһинигэр сылдьыбыт нэһилиэктэрбит баһылыктара көмө-тирэх буоллулар. Төҥүлүгэ, Балыктаахха түмсүүлэр Айыы итэҕэлинэн үлэлииллэр.

      Айыы итэҕэлигэр иитэр ытык киһибит, бахсыбыт Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис күннэтэ биһиги олохпутугар баар курдук, кини үйэлээх үлэтэ күн бүгүҥҥэ диэри биһигини, саха омугу, Айыы сиэригэр сирдии, өбүгэ үгэһигэр үөрэтэ, куппутун-сүрбүтүн уһугуннара турар. Тэрис саха кэнчээри ыччата үүнэригэр, сайдарыгар, туохха да кээмэйдэммэт духуобунай нэһилиэстибэни хаалларда.

      Тэрис олохтообут Айыы үөрэҕэ үөрэхтээһин, култуура, уйулҕа, тыа хаһаайыстыбата, доруобуйа уо.д.а. эйгэлэри кытта ыкса ситимнээх. Бу үөрэхтэн тирэҕирэн үгүс киһи сахалыы эйгэни үөскэтэргэ айа-тута сылдьар.

      Тэрис айбыт-туппут үлэлэрэ өй-санаа өрүкүйэр, техническэй сайдыы бара турар аныгы кэмҥэ саха норуота кутун-сүрүн сүтэрбэккэ, тутан хааларыгар тирэҕинэн, суолдьутунан буолаллар.

      Тэрис – сүдү киһи, кини алгыстаах санаата Айыы буолан Күн сиригэр норуотун сүрэҕэр мэлдьи сылаастык сылдьыаҕа. Кинини кэлэр кэнчээри ыччаппыт үрдүктүк сыаналыаҕа.

А.А. Холмогорова,Арчы дьиэтин методиһа

      Тэрис. Олоҥхолорго киһи анала

      2000 сыллаахха Л.А. Афанасьев-Тэрис саха дьонугар олус туһалаах, тус суоллаах үлэни толорбута. Бу үлэтин «Олоҥхолорго киһи анала» диэн ааттаан репринт ньыматынан тарҕаппыта. Кини билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону үөрэтиигэ үс суолу көрөр:

      1) Олоҥхолору хомуйуу (П.А. Ойуунускай, Г.У. Эргис, А.А. Попов, Г.М. Васильев, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, С.И. Боло, А.А. Саввин, В.В. Илларионов, П.Н. Дмитриев уо.д.а.);

      2) Олоҥхо саанырын (жанр) быһаарыы (А.С. Порядин, Г.У. Эргис, И.В. Пухов, В.В. Илларионов);

      3) Олоҥхолор сюжеттарын быһаарыы (И.В. Пухов, Н.В. Емельянов, В.В. Илларионов).

      Олоҥхолорго