. . Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор:
Издательство:
Серия:
Жанр произведения:
Год издания:
isbn:
Скачать книгу
Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо сүгүрүйэр тоҕус дабатыылаах алгыс сиэрин-туомун оҥорбута.

      Тэрис Айыы үөрэҕэр хас биирдии Айыыга норуотун өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн, дьоҕурун-сатабылын, этин-сиинин сайыннарар, кэрэһилиир санаа кэрдиистэрин түмэн тиһик гынан сурукка-бичиккэ киллэрбитэ олус туһалаах. Бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар: сиэр-майгы сыһыана, олох тэринии, төрүт майгыны олохсутуу, ыал кэскилэ, арыгыны тэйитии, ыччаты тоҕус моһолтон сэрэтии туһаайыыта, төрүт алаас хамсаныытын тиһигэ, ытык сирдэргэ сыһыан, саастарынан Айыы туомнара ситимнээн өйдөнөр, ылынар гына кинигэҕэ барытын сааһылаан суруйбута норуотугар сүдү бэлэх – алгыстаах олоххо сирдиир үлэлэр.

      Лазарь Андреевич туруоруммут сыалын, санаатын тэрийэн олоххо киллэрэр сатабыллаах дьоҕурдааҕа.

      Сахалыы халандаарынан алтынньы ый түмсүүнү төрүттүүр, или олохтуур суолталаах. Айыы үөрэҕинэн былыр бу кэмҥэ Улуу добдурҕа буолара, онтон аныгы кэмҥэ эти-сиини көрүнэллэр, санааны билсэллэр, саҥа былааннары оҥороллор, уруккуну кэриэстииллэр, кэлэри кэрэһилииллэр диэн өйдөбүллээх. Ол сиэринэн 2006 сыл алтынньы ый 14 күнүгэр Дьаҥхаады нэһилиэ-гин олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн, И.И. Шамаев салайааччылаах «Саха омук» общественнай киин, Л.А. Афанасьев-Тэрис, А.Н. Павлов-Дабыл түсчүттэрдээх, «Үс кут» общественнай түмсүү өйөөһүннэринэн Дьаарбаҥҥа Айыы Боотурдар ааттарын үйэтитэр баҕаттан өйдөбүнньүк «Улуу Ил» – ытык сэргэ туруоруллубута. Үс кутунан иитиллибит, айыы сиэрдээх-майгылаах, сүдү күүстээх Айыы Боотурдар сырдык тыыннарыгар сүгүрүйүү сиэрин-туомун Л.А. Афанасьев-Тэрис бэйэтэ ыыппыта. Тэрис Улуу Ил өйдөбүлэ алгыстаах санаанан салалларын туһугар кэнники сылларга эмиэ Дьаҥхаадыга тахсан сиэр-туом оҥорбута, кэпсэтии ыыппыта уонна саха буоларбыт быһыытынан уол оҕону төрүт үгэһинэн иитэргэ Айыы Боотурдар, Улуу добдурҕа өйдөбүллэрэ сүдү суолталаахтарын бэлиэтээбитэ. Бу тэрээһиҥҥэ үлэлэспиттэрэ Дьаҥхаады нэһилиэгин баһылыктара Ф.И. Тимофеев, И.Э. Яковлев, оскуола дириэктэрдэрэ А.А. Стручков, В.Н. Стручков, нэһилиэк олохтоохторо Д.К. Кочкин, Д.Д. Соловьев, Д.Е. Тарабукина, «Төлкө» түмсүү салайааччыта И.И. Румянцев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы А.Н. Находкин, олоҥхоһут, алгысчыт П.М. Тихонов, Дьокуускайдааҕы Арчы дьиэтин үлэһиттэрэ, историческай наука кандидата П.П. Петров, ХИФУ профессора Г.С. Попова-Санаайа уо.д.а.

      2015 сыллаахха чөл олоҕу тарҕатар «Төлкө» эр дьон уопсастыбаннай тэрилтэ, И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолата «Улуу Ил» тэрээһин программатыгар «Боотур омооно» күөн күрэһи киллэрбиттэрэ. Бырайыак ааптара төрүт култуура учуутала Дорхоон Дохсун буолар.

      «Боотур омооно» бырайыак ис тыыннаах, ис эйгэлээх, бэйэтэ ис-иһиттэн тахсан кэҥээн иһэр. 2018 сыллаахха Дьокуускай куорат Күөх Хонуутугар Айыы Кыһатын иһинэн баар «Өһүө» аҕалар түмсүүлэрин өйөөһүннэринэн 4-с төгүлүн тэриллэн, «Боотур Омооно» өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымҥа ыытыллыбыта. Маннык үлэ уол оҕо төрүт сахалыы сиэринэн-майгытынан ис кыаҕын