С. Петров диэн элбэх кэрэхсэбиллээх сабаҕалааһыннардаах ыстатыйа автора Байкал күөл аатын баай аҕа диэн тылтан тахсыбыта буолуо диэн суруйбута (Чолбон. – 1995. – № 6. – С. 175). Ити кини байыгы-баайаҕа омук баарын ахтан көрбөккө, сахалыы Баай Аҕа ууһа диэнинэн муҥурдаммытыттан тахсыбыта чахчы. Дьиҥэр, баайаҕа (л), былыргы вариант, баар, баигул (итинник Чулым татаардара ааттанар эбиттэр) буолуо, диэнтэн баайҕал – байҕал диэн тахсыан эмиэ сөп буоллаҕа… Баайаҕалар сорохторо Байкал күөлүнэн, Элиэнэ баһынан, кэлиэхтэрин эмиэ сөп.
Багдарыын Сүлбэ ыстатыйатыгар, Далан «Тыгын Дархан» романыгар, Е. Д. Андросов кинигэтигэр ахтыллар Баайаҕа нэһилиэгин төрүтэ Баай Аҕа диэн киһи аата умнуллубут баайаҕа бииһин аатыгар сөп түбэспитэ буолуо. Итини чинчийээччилэр «норуот этимологията» диэн ааттыыллар.
Баайаҕа уонна Байаҕантай диэн өйдөбүллэр ыырдара киэҥ, быдаарыйар былыргыга, билиҥҥи сахалар үөйбэтэх да сирдэригэр тиэрдэ, норуоттар таабырыннаах историяларын хайан көрөргө ыҥыра, сирдии тураллар.
Баайаҕалар манна кэлэн, ханан тэнийэн, туспа улуус буолан, Саха сиригэр үөрэх-сайдыы киинин үөскэтэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллиилээх дьону биэрбиттэрин туһунан Е. Д. Андросов кинигэ суруйда. «Баай аҕа ууһа Баайаҕа» ааҕааччыга элбэх сонуну тиэрдэр, астык кинигэ. Былыргы төрүттэрим туһунан мин публицистическай поэма суруйан, «Чолбоҥҥо» бэчээттэттим.
Баайаҕаттан тахсыбыт норуот талааннааҕа, саха орнаменнарын чинчийээччи, дэгиттэр уус Б. Ф. Неустроев бу нэһилиэк Кутаама үрэҕэр Илин эҥээр тимирин уустара төбүрүөннээн олорбуттарын – нэһилиэк түҥ былыргыттан сайдыылааҕын мээнэҕэ тоһоҕолообот. Кини Баайаҕа тимир уустарын туһунан кинигэ суруйар, уустар туттар кистэлэҥнэрин бар дьонугар тиэрдэр санаалаах. Байаҕантайдар саха норуотугар киллэрбит кылааттара чопчуланыытыгар Б. Ф. Неустроев уонна Е. Д. Андросов кинигэлэрэ биллэр-көстөр оҥкулу охсуохтара диэн эрэниэххэ сөп.
Онон, баайаҕа диэн тылтан тахсыбыт Байаҕантай диэн историческай аат умнуллан, быраҕыллан хаалара сатаммат. Билиҥҥи түөрт улуус (Уус Алдан, Таатта, Томпо уонна Өймөкөөн) устун ыһыллыбыт байаҕантайдар төрүт уус ааттарын үйэтитэр туһугар кыһаныахтаахтар. Ол курдук, тоҕо сатаныа суоҕай Тааттаҕа «Байаҕантай» диэн агрофирма эбэтэр нэһилиэк баар буолара? Дьону-сэргэни муннарардыы тоҕо, холобура, Уус Таатта, Алдан нэһилиэгэ диэн ааттаныахтаахтарый? Историческай кырдьыгы төнүннэрэн, Байаҕантай нэһилиэгэ диир, ама, сөп буолуо суоҕа дуо? Эбэтэр Саха сирин киинигэр Дьокуускайга Байаҕантай диэн ааты туох эрэ биллэр-көстөр тутууга дуу, уулуссаҕа дуу иҥэрдэххэ?
Итинник элбэх ыйытыылар үөскүүллэр.