Биллэрин курдук, 1632—1646 сылларга Саха сирэ бүтүннүүтэ Россия састаабыгар киирбитэ. Мантан ыла Саха сиригэр нуучча государствотын ис (административнай) тутула уонна бэрээдэгэ, суута-сокуона олохсуйан барбыта. Хара маҥнайгыттан нуучча хаһаактара олохтоох нэһилиэнньэттэн түүлээҕинэн дьаһааҕы (ясак) хомуйуунан дьарыктаммыттара. Кинилэр ханнык сирдэртэн, ханнык ааттаах дьоннортон дьаһааҕы хомуйбуттарын аналлаах сурукка-бичиккэ – дьаһаах кинигэтигэр киллэрэллэрэ. Онон Саха сиригэр ХVII—XVIII үйэлэргэ олорбут биистэри (племена), аҕа уустарын (роды), кинилэр олорбут сирдэрин ааттарын маннык дьаһаах кинигэлэриттэн эрэ булуохха сөп.
Нуучча государствотын ис тутулугар сөп түбэһиннэрэн, Саха сирин «Якутскай уезд» (1638 сылтан, ол аата «оройуон» диэн. – Н. Н.), оттон дьаһааҕы төлөөччүлэр олорор сирдэрин буоластар (ол аата «нэһилиэктэр» диэн суолталаах. – Н. Н.) диир буолбуттара. Маҥнайгынан дьаһааҕы хомуйбут атамааннар Иван Галкин (1631 сыл саас) уонна Петр Бекетов (1632—1633 сс. кыһын) дьаһаахтарын кинигэтигэр киирбит 16 буоластар ортолоругар Байаҕантай диэн аат суох. 1634—1635 сс. дьаһааҕы хомуйбут Иван Галкин испииһэгэр киирбит буоластар ортолоругар «Ботагайская с Алдана» диэн сир аата баар. Нуучча биллиилээх учуонайа Б. О. Долгих «Ботагайская с Алдана» диэн сири «может быть, Баягантайская» диэн тойоннуур, быһаарар. Онтон эмиэ Иван Галкин 1638 сыллаахха оҥорбут дьаһааҕын кинигэтигэр киирбит 32 буоластар истэригэр «Ба[я]гандайская (она же «Башайская») волость» диэн олох чуолкайдык ыйылла сылдьар. «Мы считаем… название Башайская – искажением названия Баягантайская», – диэн Б. О. Долгих олох итэҕэтиилээхтик быһаарар уонна суруйар (Б. О. Долгих. Родовой и племенной состав народов Сибири в XVII в. – М.,1960. – С. 354—355). Онон 1637—1638 сыллардааҕы кыһын дьаһааҕы хомуйуу кинигэтигэр Байаҕантай диэн сир аата аан маҥнай чуолкайдык ахтыллар уонна 1638 сылтан ыла сурукка-бичиккэ киирэн бары докумуоннарга бэлиэтэнэр буолбута. Кинигэҕэ маннык суруллубут: «Взято государева ясаку с багандайсково мужика 3 Борсу 10 соболей без хвостов да шубу соболью, рукава лисьи.
[Вз]ято Государева ясаку с багадайского мужи [ка] … гчигира (текст поврежден, недостает 1—2 букв) 10 соболей без хвостов» (Материалы по истории Якутии XVII века (документы ясачного сбора). Часть I. – М., 1970. – С. 14, 24, 26, 28). Бу курдук Байаҕантай диэн ааттаах сиргэ олорор нэһилиэнньэттэн дьаһааҕы хомуйуу саҕаламмыта. Мантан ыла Байаҕантай диэн сир буолас диэн ааттаммыта уонна бары кинигэлэргэ киирэр буолбута.
1639—1640 сс. кыһын дьаһааҕы хомуйбут Парфен Ходырев кинигэтигэр 34 буолас ыйыллыбыт, кинилэр ортолоругар 1639 сыл сэтинньи 10 күнүттэн (саҥа стилинэн сэтинньи 20 күнэ) ыла Байаҕантай буолаһа чуолкайдык ыйылла сылдьар (Б. О. Долгих. Ыйыллыбыт кинигэ, с. 355). Бу курдук Байаҕантай диэн административнай тэриллии маҥнай 1639 сыллаахха баар буолбута. Мантан ыла буоластар ааттара уларыйбакка кэриэтэ 80‐ча сыл устата турбута. Б. О. Долгих быһаарбытынан, 1640—1720 сс.