Алыһардаах Аана. Коллектив авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Коллектив авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5781-8
Скачать книгу
Сибири в XVII веке. – М.: Изд. АН СССР, 1960. С. 464–465). Аны туран ити докумуоҥҥа тоҕо эрэ Туоҕа дьоно ханна да ахтыллыбатах. Бука, кинилэр тоҕустарга киирэ сырыттахтара. Бу икки сабаҕалааһынтан хайата сөбө-сөтөгөйө буолла?

      Иккис сабаҕалааһын арыый да ылыннарыылаах соҕус. Хаҥаластар саҥа сирдэргэ олохсуйалларыгар, биллэн турар, олохтоох уустары, биистэри кытта уруу-аймах сыһыаныгар киирэллэрэ. Ол эрээри, олохтоохтордуун булкуһан, симэлийэн хаалбакка, хата, төттөрүтүн кинилэри бэйэлэригэр тардан, сыһыаран, түөлбэ ахсын бас-көс дьон буолаллара. Дуоҕалаах, баҕар, саҥа сирдэри баһылыыр анал соруктаах кэлбиттэрэ буолаарай? Төһө даҕаны үһүйээннэргэ бу дьон Тыгыны кытта иирсэн баран, күрээн кэлбиттэрэ диэн кэпсээбиттэрин иһин, атын санааны этэр омнуоланыа суохтаах. Тоҕо диэтэххэ, Дуоҕалаах сүөһүлүүн-астыын, оҕолуун-дьахтардыын көһөн кэлбиттэр. Ким да кинилэри эккирэппэтэх, кэлин даҕаны ирдэһэ кэлбэтэх. Аны туран бу кэлии дьон саҥа сирдэригэр олохтоохтук оҥостон олохсуйаллар эбит, киһи-сүөһү төрдө буолаары. Онон бу хаҥаластар күрүөйэхтэргэ майгыннаабаттар. Хата кинилэр бу эргин хаҥаластар сабыдыалларын күүһүрдэргэ анаммыт курдуктар. Баҕар, оннук соруктаах көһөн кэлбиттэрэ буолаарай?

      Сахалар Бүлүү диэки Дуоҕалаах быдан иннилэриттэн олохсуйбуттара үһүйээннэргэ ахтыллар. Сэһэн Дьэрэмэй «Тойон Түһүмэн алгыһынан» кинигэтигэр (Дьокуускай, 2001) киирбит номохтор кэпсииллэринэн, аатырбыт Арыылаах алааһыгар Дуоҕалаах саха дьахтара кэргэннээх, бэйэтэ табалаах, сахалартан төрүттээх сир түннүгэ Оойочоону көрсөллөр. Оойочоон өрүс аллараа өттүгэр олорор Дьорохойдоох сахаларын күтүөттэрэ. Оойочоон Дуоҕалаахха Эҥсиэлиттэн Ырыган Ыллыга диэн сиринэн кэлбит сүүрбэттэн тахса саха баарын туһунан кэпсиир. Кинилэргэ Дуоҕа Оойочоонунан илдьит ыытар: «Кыстык туттарга көмөҕө кыһаллабыт», – диэн. Ол илдьити тутаат, Сэһэн Силик баһылыктаах Ырыган Ыллыгын сахалара Дуоҕа Кучаҥҥа кыстык тэринэр үлэтигэр бука бары кэлэн көмөлөспүттэр. Н.Ф. Егоров суруйбут номоҕунан, Дуоҕа Лүүчүн эмээхсин кыыһын Үрүмэччини кэргэн ылбытыгар, Баай Эбэҕэ олорор кыыс таайа эдэр ыалга сылгы-ынах сүөһү биэрбит. Онон сылгы-ынах сүөһүлээхтэр Лүүчүн эргин Дуоҕалаах иннилэриттэн бааллар эбит, арай, ахсааннара аҕыйаҕа буолуо. Биһиги эмиэ итинник түмүгү кытта сөбүлэһэбит.

      Сэһэн Дьэрэмэй кэпсиир номохторугар Улахан Ампара баһылыктаах Хорой Табалар биистэрэ табалаах сахалартан төрүттээхтэр дэнэр. Лүүчүҥҥэ уонна кини тулатынааҕы сирдэргэ даҕаны табалаах сахалар тоҕо суох буоллахтарай? Бааллара буолуо. Дуоҕалаах тиийэллэригэр Лүүчүн кырылас тоҥус дойдута буолбатах курдук. Олохтоохтор, хаҥаластар кэлиэхтээхтэрин билбит, күүппүт курдук, күүс-көмө, көх-нэм буолан, үөрэ-көтө көрсүбүттэр диэххэ сөп. Үһүйээннэр, сыныйан аахтахха, Дуоҕалаах тиийиэхтээх түбэлэригэр тиийбиттэр, төрүттүөхтээх түөлбэлэрин төрүттээбиттэр диэн санааны үөскэтэллэр. Хаҥаластар бэйэлэрин дьиҥнээх соруктарын (сабыдыалларын күүһүрдэр, ил тэринэр соруктарын) кистээннэр, Дуоҕалаах иирсэн,