Алыһардаах Аана. Коллектив авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Коллектив авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5781-8
Скачать книгу
истибит номох сэһэниттэн быһа тутан киллэрэбит. «Уол оҕо төрөөбүтүн тоҕус хонук туолуута саха урааҥхай сиэринэн аҕата Туоҕа Боотур алгыс алҕаабыт: «Бу оҕом аар-саар аналыгар айыллан үөскээтэ. Орто бараан дойдуга олох олорорго үрдүк айыылар анаабыттар. Онон хаппар хаппаһын хараана Хатан Хаппас диэн буоллун», – диэбитэ үһү. Хаан Хатан Хаппастан бастакынан Тойон Соҕоччо төрөөбүт. Бу улахан киһи тохсус оҕотунан уол оҕо төрөөбүт. Кыратыттан ыарыһахтыыр, ол гынан баран биир киһи үйэтин толору олорбут, олоҥхоһут улуута, алгысчыт аарымата, кэпсээннээх кэрэһитэ, сэһэннээх силигэ Сэһэн Ньэкээн (Ньээкэҥниир) төрөөбүтэ эбитэ үһү. Бу киһиттэн бастакы сүһүөх хоту Тоҕус эбэтэр Бастакы Лүүчүн дьоно-сэргэтэ үөскээбит». Сэһэн Дьэрэмэй бу номоҕу кимиэхэ ордук анаан суруйбутун чопчу бэлиэтээбит: «… номох сэһэммин хоту Тоҕустар, түөрт Лүүчүн дьоно-сэргэтэ, тоҕус туспа төрүттэрин туһунан иһиттиннэр, сэргээтиннэр…».

      Билиҥҥи киһиэхэ Лүүчүн тоҕо хоту Тоҕус диэн ааттаммыта өйдөммөт соҕус. Былыр сахалар өрүс түһэр (алын) өттүн хотунан ааҕаллара. Оттон Лүүчүн сирэ-уота тоҕустартан Бүлүү өрүс сүнньүнэн аллара диэки сытарынан хоту Тоҕус дэннэҕэ. Былыр түөрт Тоҕуһу – түөрт Лүүчүн, Лүүчүнү – хоту Тоҕус дииллэрэ биһиэхэ кэрэхсэбиллээх. Оччотугар лүүчүннэр уонна тоҕустар аймахтыы буолан тахсаллар. Онон да буолуо, кинилэр тоҕустар сорох аҕа уустарыгар бас-көс дьонунан буоллахтара.

      Дьэ, бу лүүчүннэри кытта бэрт былыргыттан алтыһан олорбут тоҕустар кимнээх этилэрий? Бастакы сабаҕалааһыны аҕалабыт. Саха саарына Багдарыын Сүлбэ 1998 с. Дьокуускай куоракка «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Үс…Сэттэ…Тоҕус…» диэн кэрэхсэбиллээх үлэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Тоҕустар тустарынан сиһилии ырытан суруйбут. Онно суруллубуттан биһиэхэ сыһыаннаах сорох түгэннэри киллэрэбит. «Г.У. Эргис «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» (М.–Л.: Изд. АН СССР, 1960) бастакы чааһыгар Андросов диэн фольклору хомуйааччы 1940 с. Мэҥэ Хаҥалас Маҥнайгы Мөҥүрүөнүн 65-тээх киһитэ П.Д. Марковтан суруйбут үһүйээнэ киирбит (С. 159). Онно ити сиргэ урут Таҕыс диэн омуктар олорбуттара үһү, олору Чэҥкэгэр Эҥин диэн киһи хоту кыйдаабыта үһү дэнэр. Ити этнонимы быһаарарыгар Г.У. Эргис, Таҕыс диэһин, бука эрэ, Тоҕус диэни аакайдаан саҥарыы буоллаҕа буолуо диэбит. Оттон аны Я.И. Линденау «Описание народов Сибири» диэн биллэр үлэтигэр Мэйик, Чочу, Үөдүгэй, Таҕыс уустара Нам буолаһыгар холбоммута («причислены») диэн суруйбутун киллэрбит. Онон Таҕыс – Тоҕус биис ууһа диэн биһиэхэ былыр үйэттэн ыла баар, уонна Мэҥэ сириттэн кыйданан баран, Нам сирин ааһан, Бүлүүгэ тиийэн, олох сирин булбут эбит быһыылаах», – диэн түмүккэ кэлбит Багдарыын Сүлбэ (С. 141). Оттон Мөҥүрүөн уруккута Илин Хаҥалас сирэ. 1860 с. диэки Хаҥалас улууһа арахсан Арҕаа уонна Илин Хаҥаластар буолбуттарын санаттахха, тоҕустар уонна лүүчүннэр биир хаҥаластар эбиттэр. Маны өссө 2007 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Саха биис уустара» кинигэттэн ситэрэн биэрэбит: «Тоҕус бииһэ диэн кэпсииллэринэн 9-с төгүл тоҕолоох тоҕой сэлэ олохтоох, Туоҕа-баатыр баһылыктаах Тоҕус бииһэ буолар» (С.