Алыһардаах Аана. Коллектив авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Коллектив авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5781-8
Скачать книгу
да ямские подводы и на них пригодные и кормовые деньги давать. А по справке с росходною книгою сего 730 году, показаньем тунгусам кормового жалованья генваря за 28 да мая по 5 число по 2 копейки на день выдано с росписками, в том числе Кытанаху шаману по 19 число мая же месяца. Подканцелярист Григорий Калашников».

      Бу докумуон быһыытынан, Санкт-Петербурга дворянин Дмитрий Кычкин салалтатынан Сылаҥ ойууна Кэрэкээн уола Кытаанах, Орто Бүлүү Лүүчүнүн ойууна Жолодой Дакин, Кэлтээки аҕатын ууһун дьоно Нямтуга Авранчин, Мияул Луксигин, Витимка, Хатылы нэһилиэгин киһитэ Топича Маянин барыахтаах эбиттэр.

      Онон Бүлүү сириттэн ойууннары уонна тигиилээх сирэйдээхтэри көрдөөһүн салгыы ыытыллыбыт. Онно Үгүлээт аҕатын ууһуттан Тулкига Урулин, Топича Маянин, Ардах Куреяков диэн тоҥустар булуллубуттар. Манна урут Топича Маянины Хатылы нэһилиэгин киһитэ дэммитэ, аны Үгүлээт киһитэ буолан таҕыста. Ону бу докумуонтан көрүҥ: «Далее комиссар Иван Шангин сообщает, что для сыску шаманов и «шитых рож» отправлены служивые люди. (Написал 21 декабря 1730 году). Комиссар Верховилюйского зимовья Петр Кутуков 7 января 1730 года пишет Полуэктову: ».... от тунгусов Фугляцкого роду посланы три человека, а именно: Тулкига Урумин да Типича Маянин да Ардах Куреяков с семьями.... а шаманов от тунгусов или от якутов того в указе его императорского величества ясно не показано, и, оные назначенные тунгусы посланы из Верховилюйского зимовья с вышеописанным нарочным посыльщиком Семеном Аммосовым да при нем в провожатые служилые люди Алексей Кобелев, Петр Дехтерев, и велено им оных тунгусов три человека шитых рож с семьями объявить в Якутскую воеводскую канцелярию стольнику и воеводе Ивану Ивановичу…» (ЦГА Я-С ССР. Ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л. 1–2).

      Орто Бүлүү кыстыгын (зимовье) комиссара Дмитрий Канаев тохсунньу 24 күнүгэр 1730 сыллаахха тигиилээх сирэйдээхтэри: Намтугуну, Маянуну, Витимка Куявыловы ойохтору, икки ойууну Жолодой Дакины, Тоҕус нэһилиэгин ойуунун, Чикем Дябикины ойохтору Дьокуускайга ыыталаабытын туһунан суруллар: «Комиссар Средневилюйского зимовья Дмитрий Канаев 14 января 1730 года пишет Полуэктову: »…к высылке в означенную канцелярию шитых рож – трех человек с женами, а именно: Кельтякульского роду Намтугу с женою, Мисяула с женою, Витимку Куявылова, а шаманов двух человек: Лучинской волости Желодая Дакина с женой, Тогуйской волости Чикема Дебякина с женою…» (ЦГА Я-С ССР. Ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л. 4–5).

      Якутская воеводская канцелярия сообщает дворянину Дмитрию Кычкину, что комиссар Средневилюйского зимовья Дмитрий Канаев »…выслал трех тунгусов шитых рож: «Кельтякульского роду Намтугу, Мисяула да Витимку Куявылова с семьями да трех человек шаманов Лучинской волости Желодая Дакина с женой, Тогуйской волости Чикема Дебякина с женою…» (ЦГА Я-С ССР. Ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л. 5).

      Өр саамылаһан, талан бараннар Санкт-Петербурга илдьэргэ Үгүлээт тоҥуһун Топича Маянины, Мукес Маржин, Кытаанах Налин диэн ойууннары, Намтага Мисяул, Витимка Куявылов диэн тоҥустары, Жолодай Дакины ойохтору илдьэргэ быһаарбыттар,