Алыһардаах Аана. Коллектив авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Коллектив авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5781-8
Скачать книгу
буолбатыгар тиийэр.

      Павел Ефремов Борисов кэргэнэ Самсон Шергин кинээстиир буолаһыттан (Бастакы Тоҕус) Авдотия Саввина (1773 с.т.), оҕолоохторо биллибэт. Павел эдэрчи сааһыгар 1795 с. кэнниттэн, 1812 с. иннинэ соһуччу өлөн, кэлин ыытыллыбыт биэрэпистэргэ кини аата ахтыллыбат буолбут.

      Федот Ефремов сааһын 1850 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпискэ 50-на диэн суруйбуттар. Сааһа түөрт сыл эбиллибит. Кэргэнэ Дария Сидорова (1810 с.т.), оҕолоро: Семен (1831 с.т.), Максим (1833 с. т.), Николай (1835 с.т.), Агафия (1842 с.т.), Феодосия (1846 с.т.), Анна (1851 с.т.). 1858 с. биэрэпискэ Максим аата уларыйан Михаил буолбут.

      Федот бу оҕолоругар сыһыаннаах архыыптан үс дукумуону эрэ буллубут: Максим Федотов (кэргэнэ Татьяна Кириллова) кыыһа Анна (02.04.1882 с.т.), Семен Федотов (кэргэнэ Анастасия Петрова) кыыһа Мария (01.04.1883 с.т.) төрөөбүт миэтирикэлэрин уонна Максим Федоров 1891 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр өлбүтүн туһунан.

      Мантан атын кинилэргэ сыһыаннаах докумуоннары булбатыбыт.

П.С. Максимов, М.П. Григорьев, В.Ф. Николаев

      Кырыкыйдар: удьуор-утумун сонордоон. – Дьокуускай: Медиа-холдинг «Якутия», 2016. – С. 157–164.

      Иккис түһүмэх. Алыһардаах удаҕан төрдө-ууһа, аймахтара

      Ааттаммат ойуун

      Нуучча ыраахтааҕытын ыҥырыытынан саха ойууннара соҕуруу, Бөтөрбүүр куоракка, бара сыспыттарын туһунан балачча элбэхтик сурулунна. Бу боппуруос тус бэйэбэр чугаһын быһыытынан, мин эмиэ суруйан турабын. Онтубун өссө чуолкайдаан суруйарга сананным. Бүгүҥҥү суруйуубар сүнньүнэн Ааттаммат Ойуун туһунан кэпсиэҕим. Оччотооҕу архыып докумуоннарыгар бу ытык кырдьаҕас аата сурулла сылдьар, онон кини аатын суруктан булабыт. Ол гынан баран, Лүүчүн дьоно, ити сахалыы аатын ааттыы сатаамаҥ. Ааттаммат аата Ааттаммат буоллаҕа дии! Кини оччотооҕу суруктарга барытыгар Дакин диэн араспаанньанан киирбит. Ол аата араспаанньата Дакин диэн Дуоҕа Боотур аатынан барбыт. Дуоҕа Боотуру оччотооҕу докумуоннарга Дака, Даку диэн суруйа сылдьаллар. Оттон Дака, Даку диэн ааттан Дакин диэн араспаанньа үөскүүрэ чуолкай. Ааттаммат Ойуун Дуоҕа Боотур кыыһын аатырбыт Нэлчэкэ (Ньэлчэкэ) Удаҕан улахан уола буолар. Сааһынан таһааран, урут маҥнай Нэлчэкэни Дуоҕа сиэнэ буолуо дии саныырым. Ол гынан баран былыргы сэһэннэринэн маннык. Мин хос эһэм Николай Константинович Кондаков Лүүчүҥҥэ Парасковья Саввинованы кэргэн кэпсэтэ тиийбит. Онно Лүүчүн кырдьаҕастара эппиттэр: «Эһиги төрүттэргит Дуоҕа Боотур (Парасковья Саввинова өбүгэтэ) уонна Кырамай (Николай Константинович Кондаков өбүгэтэ) бииргэ төрөөбүт дьоннор этилэр. Онон билигин уруулуугут хас киһи үйэтэ ааспытын ааҕан көрүөхпүт. Онтон холбоһоргут-холбоспоккут туһунан түмүк оҥоруохпут». Ытык кырдьаҕастар ааҕан-суоттаан баран: «Эһиги уруулуугут Дуоҕа Боотур өттүттэн алта киһи үйэтэ ааһан, сэттис көлүөнэтэ саҕаламмыт. Оттон Кырамай өттүттэн биэс киһи үйэтэ араҕан, алтыһа саҕаламмыт. Онон эһиги холбоһоргут сөп буолбут эбит», – диэбиттэр. Онно Дуоҕа Боотур өттүттэн аахтахха, маннык тахсар. Дуоҕа Боотур – Нэлчэкэ – Күһэҥэй – Бытыгый – Чускуона – Анисия – Парасковья.