– Туох эрэ ураты кистэлэҥнээҕэ буолуо… Ону билбэттэр буо…
– Оннук ырата ини…
– Аныгы да хотуурдарга табыллыбыта олус сытыы. Атыылаһарга сатаан талыахха наада, – Намыынап чахчы билэр киһи быһыытынан дьонугар сүбэлиир. – Биир «бэчээтинэн» тахсыбыт, тэҥ нүөмэрдээх хотуурдары ыйааһыҥҥа ууран көрүллэр, сатаан, табан хатарыллыбыта чэпчэки, тыаһа-ууһа лыҥкынаан отой ураты…
– Эн билэр киһи билээрдэҕиҥ, сорох оннук ыатаран ыаспайдаабат.
– Чэ, эн даҕаны Балаҕаччы маҥхааһайыгар хотуур атыылаһаргар атыыһыт Сүөдэри сүүһүн көлөһүнэ бычыгырыар диэри сүүрдэр курдук буолааччыгын дии. Муҥур уһукка тиийэн оҕонньор дэлэҕэ часкыйыа дуо, һэ-һэ-һэ…
– Оннук ырата буолуо, – Быралгы мүчүҥнээн ылар.
– Ол сэби-сэбиргэли ыатарара диэн кыра, Быралгыҥ дьахтары ыатарарын өттүнэн дьэ чахчы эр бэрдэ, – Дьабадьы Хабырыыл Ньукулайы хаадьылаан, күлэн үрүҥ тииһэ кэчигириир.
– Бээ эрэ, дьиэ таһынааҕы сонун хааллын, – Намыынап өттүгэстээн баран күөх оту быһа тардан ылан ыстыы сытар Кыра Баһылайга туһаайан: – Баһылай, хайдах-туох дойдуга сылдьан кэллиҥ, бэйэҕиттэн истиэҕи кэпсээ эрэ, – диир.
– Ээ, киһи кэпсиэҕэ туох кэлиэй…
– Үлэ боруона диэн ыарахан буолуохтаах.
– Бу айылаах балаһыанньа кытаанаҕар, туох үчүгэйэ кэлиэй. Арыый да чэгиэн киһи син сылдьыа этэ буо, испинэн аһааҕыран хаалан… Туох да аһын аанньа аһаппат, үргүлдьү аһарабын. Кыайан аһаабат киһи, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тулуйан сылдьыбат.
– Дьэ ол тугу сиэтэллэр?.. – Улахан Баһылай токкоолоһор.
– Астара да туох аанньа буолуой, биир үксүн ону да сөбүлээбэккэ иһим моһуогурда ини. Мииннэрэ диэн – хаппыыста уута, килиэп оҕото, биирдэ эмит эпсээҥкэ хааһы дуома сиигин, ол-бу буолар-буолбат, туох да иҥэмтиэтэ суох уу-судураакы аһылык. Онтуларын да кыайан сиэбэппин, иһим төрүт сөбүлээбэт, бэйэм тугу биэрэллэринэн сиэхпин баҕарабын да кыаллыбат. Барытын харса суох бордурҕатан иһэр киһи син тулуктаһыа да этэ буо. Хата бэрт баҕайы майгылаах, миигиттэн балыс, саҥа кэлбит взвод хамандыыра нуучча уола баара олус хотторбуппун көрөн: «Санчааска баран көрдөр», – диэбитигэр, өс хоту онно тиийбиппин, быраас дьахтар көрөөт-истээт да сонно эмтэнэр сирдэригэр утаарбыта. Госпиталга балтараа ый сыппытым кэннэ бу дойдубар ыыттылар… Ыйааһыным аҥаарын кэриҥин сүтэрбит этим…
– Тоҕо сүрэй, доҕор… – Намыынап сөҕөр.
– Саха аһа диэн кырдьык, анараа дойду аһылыгар холоотоххо чыҥха атын буоллаҕа, – диир Дьабадьы.
– Искиттэн-үөскүттэн, эккиттэн-хааҥҥыттан тутулуктаах, сорохтор туох да буолбакка аһыыллар.
– Сэрэйдэххэ, үлэ да кытаанах үлэ ини? – наар Намыынап Хабырыыл үксүн ыйыталаһар.
– Биһиги холкуоспут үлэтэ да онтон итэҕэһэ суох. Манна дойдугар буолан син сээкэйи, бэйэҥ төрөөбүт аскын үссэнэргиттэн тулуйаҕын