Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3154-2
Скачать книгу
кытары оонньуу сылдьар… – эмиэ мин хоруйдуу охсубутум. Сонно тута, иһиттим-истибэтим диэбиттии, Намыынаптарга сүүрэн тиийэн, үрүмэччини сырсан, охто-охто, кыбыыга сүүрэкэлии сылдьар Биэрэни көтөҕөн мадьалытан аҕаллым. Баһылай иннигэр кэлэн турбуппар Биэрэ маҥнай утаа дьүһүнэ уларыйбыт, бытык иччитэ буолбут аҕатын, харахтарын кэҥэтэн атыҥырыы көрөн кэдэрис гынна.

      – Кэл, Биэрэ, кэл… – диэн аҕата илиитин ууммутугар кыыс мин эҥил баспар сыстан сирэйин кистиир, ол быыһыгар эмиэ да кылап-халып «бытык иччитин» одуулуур… – Кэл… – Баһылай икки илиитинэн Биэрэни көтөҕөн ылан, бырдах сиэн быдьыгыраабыт, тэскэйбит иэдэстэриттэн сыллаамахтаата… Биэрэ аҕатын биллэ, моонньуттан кууста, симиттэн буспут моонньоҕон курдук харахтара чоҕулуҥнуур. Сайын таска оонньуу сылдьар кыра оҕо сирэйэ хаһан ырааһырбыта баарай. Муннун төбөтүн чукаа хоруорбут сиэрдийэтигэр аалыммыта хап-хара буолбут, тэскэйбит иэдэстэригэр, күрдьүгэс уорҕатыныы хара дьураалар көстөллөр. Тириппит сүүһүгэр саһархай баттахтарын сүүмэхтэрэ ыһыллан сыстыбыттар, кыыс онтун көннөрө сатаан, лыах кынатын дьэрэкээн өҥө биһиллибит, кыракый, мыс курдук кирдээх тарбахтарынан кулгааҕын кэннигэр хаһыйа анньа сатыыр…

      Ахтыһыы маҥнайгы омуна ааһыыта дьиэҕэ киирдибит. Баһылай Биэрэтин муостаҕа түһэрдэ. Хортууһун устан тоһоҕоҕо иилэ бырахта, халтаҥ, суккун сонун устан ыйаата.

      Эбэм аһын үрдүгэр түстэ. Уҥучахтан сүөгэй халбыйан таһаарда, лэппиэскэ быста. Остуолга тимир нэлэгэргэ үөллүллүбүт быччыкы өрөһөлөммүтүн, тоҕо эрэ, биир-биир туппахтаан, эргитэн көрдө. Сүөгэй үрүҥнээх, сап-саһархай, итии чэйи кутта. Баһылай остуолга олорон кыратык аһаата.

      – Иһим ыалдьан уһуннук эмтэнним. Кыра-кыралаан борсонобун. Эмискэ элбэҕи сиэбэппин ээ… – диир.

      – Буолумуна… ыран-быстан иэдэйбиккин дии, – эбэм уолун аһынан саҥарар.

      Кыра Баһылай дойдутугар, дьиэтигэр кэлэн үөрбүтэ, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ дьүһүнүгэр көстөр, сэбэрэтэ сэргэх. Итии чэйин сыпсырыйан, сэмээр иһэр.

      – Уу, үчүгэйин, сүөгэй үүттээх дьиэм чэйэ, – мэктиэтигэр, таҥалайын чамырҕатан, амтаһыйан ыла-ыла ыйыстар. – Өссө кэм аматыйдым ээ, аат иһэ…

      – Оннук эрэ буоллун, таҥара көмөтүнэн, – эбэм холорукка турар таҥара мэтириэтин диэки көрөн ылар. Буҕараадыста Маарыйа уолун Курустуоһу көтөхпүт мэтириэтэ урут өрдөөҕүтэ муннукка ууруллубутунан турара. Арай ойоҕосторугар дьоройбут анал олбохторго буоскабай чүмэчилэр умайбатахтара ырааппыт быһыылааҕа. Кэлин саҥа былаас кэлбитин да кэннэ, кинини ким да устан ылан быраҕан кэбиспэтэх. Дьиэ киэргэлин курдук муннукка турбутун курдук турар, кимиэхэ да мэһэйдээбэт… Эмээхсин кириэстэммэт. Ол эрэн куруук таҥаратын ахтан аһарар үгэстээх: «Таҥара көмөтүнэн» – диэн тыллаах. Ардыгар: «Айыы тойон таҥара барахсан…» – диэн туох баар айыыларын, тойотторун, таҥараларын барыларын биирдэ холбуу ааттыыр.

      Биэрэ аҕатын тобугар көтөхтөрөн олорор. Сабырыйа үүммүт сэҥийэтин бытыгын дьиктиргээн көрөр.

      Баһыычаан