Сырыылаах суол эбит. Кэлэр, барар массыыналар элбэхтэр. Үксэ таһаҕас тиэммиттэр. Суол бэйэтэ даҕаны киэҥэ-куоҥа сүрдээх. Айылҕата да эриэккэс: суолу быһа түһэр үрэхтэр, үрүччэлэр дэлэйдэр, муосталаммыттара сырыыны сыыдамсытара чуолкай, киириилэр, тахсыылар да балайда уһуннар эбит, мас-от, үүнээйи арааһа барыта солбуйсар. Саҥа көрөр киһиэхэ кэрэ, дьикти көстүүлэр биир-биир солбуйсан иһэллэр. Айанныырга сэргэх дойду эбит…
Амма төһө ыраах эбитэ буолла диэн Бэриэт кэтэһэ испитэ. Син балайда айаннаатылар, халлаан хараҥарда. Сотору дьоно тохтоон, аһаан баран утуйар буоллулар. Дьонун кытта үөрэ-көтө аһаста, кэпсэттэ-ипсэттэ. Аммаҕа тиийэллэрэ төһө хаалбытын чуолкайдаспыта, билигин да балачча баар эбит. Бэриэт хайдах эрэ атыҥырыах санаата биллэн барбытын хам баттаан кэбиспитэ уонна тахсан инники сидиэнньэҕэ олорон утуйан хаалбыта.
Кэргэн кэпсэтэ баран иһэр киһи сүрэҕэ тэбэрэ кэмнээх буолуо дуо, халлаан сырдыыта уһуктубута. Кини бу оло-рон хайдах эрэ ыраах баҕайы айаннаабытын, дьэ, дьиҥнээхтик атыҥыраабыта, «маннык ыраах буолуо суохтаах» диэн санаа мускуйан барбыта. Сардаана аҕыйах чаас айанныыр гына эппитэ ээ. Солобуодаҕа тиийдэххэ кини дэриэбинэтэ кэккэлэһэ турар гына ахтара.
Солобуода… Солобуода? Бээрэ, Сардаана ханнык Солобуоданы эттэҕэй? Амма Солобуодата диирэ ээ. Оччоҕо мин ханнык Аммаҕа баран иһэбиний, бу? Атын Амма диэн эмиэ баара буолуо дуо? Солобуодата суох Амма? Оннук буолуон сөп эбит. Кини харааччы булкуллан хаалбыта…
Суоппардар сотору уһуктубуттара, өрө баллыгыраһа түспүттэрэ, өндөҥнөһөн туран кэлбиттэрэ.
– Атастаар, мин бу күтүөт киһи хайа Аммаҕа баран иһэбиний? Слобода диэн Амма баар дуо? – Бэриэт хабаҕырбыт суоппардар таһырдьаны былдьаһар кэмнэригэр ыксаабыт куолаһынан ыйыппыта.
– Оо, дорогой, олох да атын хайысханы туппуккун. Пахай, сатамматаххын! Биһиги Ґіһээ Аммаҕа баран иһэбит ээ, – аллара ыстанан түспүт дьон ыстааннарын тимэҕин ситэ сүөрбэккэ, чэпчэтинэллэрин да умнан күлсэн тоҕо барбыттара.
– Ол Ґіһээ Аммабыт диэн хайа диэки баарый?!
– Эн хантан сылдьар, хантан кэлбит сахаҕыный? Слобода Амматын билбэт саха баар эбит дуу?! – күлэллэрин тохтотон улаханнык соһуйбуттара.
Тугу эрэ баллыгыраһа туран чэпчэтинэн, дьэ, уоскуйан сүбэ-ама тобула сатаабыттара.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.