Таптал уонна дьүккүөр. Гавриил Адамов-Сайдам. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Гавриил Адамов-Сайдам
Издательство: Айар
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2021
isbn: 978-5-7696-6093-1
Скачать книгу
тойуктарын тула кэҥээбитэ. Бүлүү эҥээр ыччат дьон өбүгэ үгэһин умна иликтэрин илэ бааччы көрдөрбүттэрэ. Оттон илин эҥэртэн биир да оҕо оһуохайга холонон көрбөтөҕө.

      Бэриэт ыһыахтан эрдэ соҕус төннөр, лабораториятыгар киирэн биир тобула сатыыр боппуруоһун бэрийэр, бэрээдэктээн кумааҕыга киллэрэр санаалаах этэ. Ол эрээри кини Сардаананы көрсөн, билсиһэн тардыллыбыта, анарааҥы дьыаланы олох да умнан кэбиспитэ. Кыыс тас көрүҥэ, сымнаҕас, сылаас майгыта, килбик эрээри ис-тиҥ мичээрэ барыта уол санаатын хоту этэ. Кини маннык кыыһы көрдүү, кэтэһэ сылдьыбытын бүгүн билиммитэ.

      Кинилэр Петялаах уопсайдарыгар тиийэн бэйэлэрэ, онно баар сквергэ балайда олорбуттара, кэпсэппиттэрэ.

      – Олус үчүгэйдик сырыттыбыт дии, – Сардаана ыйытар харахтара эппиэти күүтэллэрэ чахчы этэ.

      – Мин тус бэйэм олус астынным, – Бэриэт утары көрбүтэ. – Ордук эйигин кытта билсибиппиттэн, – диэбитэ уонна кыыс илиитин ылан бобо туппута. Сардаана илиитин сулбу тарпатаҕа, онтон эр ылан, үөрэн буолуо: – Сардаана, мин дьиҥинэн эрдэ төннүөх буолбутум ээ, кыра үлэ баара, – диэн билиммитэ.

      Кыыс быһа түһэн ыйыта охсубута:

      – Оттон тоҕо төннүбэтиҥ?

      – Оттон эйиигин көрсөн, кэпсэтэн, – кини бобо тутан олорор илиини ибигирэтэн ылбыта. – Дойдуҥ Амма туһунан кэпсээҥҥин сөбүлээн, эйигин кытта бииргэ сылдьарбын биһирээн умнан кэбиспиппин дии.

      – Оо, дьэ, мөҕүллэриҥ буолуо, – кыыс туох эрэ буруйу оҥорбут киһи курдук икки ытыһынан иэдэстэрин бобо харбаммыта.

      – Эс, туох да мөҕүллүү суох. Бэйэм оннук үлэлээччибин, өрөбүл күннэргэ. Хата үөрдүм ону умнубуппуттан, эйигин кытта күнү быһа бииргэ сылдьыбыппыттан, – Бэриэт үөрбүтэ чахчы этэ.

      – Ээ, чэ бэрт, – мөҕүллүү буолбатын сэҥээрбит курдук буолбута гынан баран Сардаана, дьиҥинэн, Бэриэт кинилиин сылдьыбытыттан эмиэ үөрбүтэ.

      Кини бу Бэриэт диэн муокас баҕайы ааттаах уолу күн бүтүүтэ олус сөбүлээбитэ, «бастакы көрүүттэн таптал» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ дуу диэх курдук санаа биллибитэ. Уол туһунан билиэн-көрүөн баҕарар санаата батарбакка ыйыппыта:

      – Бэриэт, эн тоҕо маннык муокас баҕайы ааттааххыный?

      – Дьэ, ити бэйэтэ туспа сэһэн. Өбүгэбитигэр итинник ааттаах баар эбит. Ону өйдөөн аҕам иҥэрбит, ийэм утарсан көрбүтэ үһү.

      – Бэриэттээн иһэри урутаан билэр-көрөр киһинэн ааҕааччылар дии. Дьиҥинэн бэрт аат эбит ээ, Бэриэт, – кыыс сэҥээрбитин биллэрбитэ.

      – Ити ааппын үлэбэр уолаттарым Вперед диэн уларыппыттара, аны кэлин наар инньэ диэн ааттыыр буоллулар.

      – Хайа-а, наһаа сөпкө, бэркэ тылбаастаабыттар буолбаат, – Сардаана өрө көтө түспүтэ, бэрт истиҥник күлэн чачыгыраабыта. – Наһаа үчүгэй аат дии, Вперед! – кыыс тойон эрбэҕин чочоҥноппута. – Вперед, Вперед, – дии-дии, ойон турбута, икки илиитин халлаан диэки өрө ууммута.

      – Сардаана, аргыый! Кэл бэттэх, – Бэриэт кыыһы илиититтэн харбаан ылбыта, бэйэтигэр тардыбыта, кууһан ылбыта, кулгааҕар сибигинэйбитэ. – Уоскуй.