Дьиэм олус чугас этэ. Куоттахпына, дьиэбэр киириэхтэрэ, дьонум көрөн куттаныахтара диэн санаалаахпын.
Абааһыларбар уун-утары бардым. Дьулайбытым сүр. Ону хайыам баарай? Тыыннаахтыы сииллэр үһүө. Оннооҕор сэрии уотугар киирэн тахсаллар. Утары бардахпына, абааһы бэйэтэ сүтэн хаалыахтаах эбэтэр атын сиринэн туораан биэриэхтээх. Инним диэки аны сүүрбэччэ хаамыыны барарым буоллар! Биэ Тириитэ алааһы куулатынан Суолаҕа киирэр суол араара. Ол арахсыыга диэри абааһылар иннилэригэр түһэн хаалбыт киһи. Сирэйбин умса туттан баран, инним хоту баран иһэргэ сананным.
Киһи куттаннаҕына, атаҕа кыайан хаампат буолан, кыаһыланан хаалар курдук буолар эбит этэ. Дуоннаах сири хоруппаппын. Биир кэм тэпсэҥнии турар курдукпун дии саныыбын да, онтукам олох кыаллыбат. Субу кэлэн эмискэ үрдүбэр саба түһүөхтэрэ дии саныыбын да, кинилэр диэки хайыспыппын билбэккэ хаалабын. Сүллүүкүнү хараҕын үрдүгэр хааһа суохтар диэн кэпсииллэрэ, бу «дьонум» эмиэ хаастара букатын суох, ол эрээри син киһи курдук сирэйдээххэ дылылар. Ону сирийэн да көрбөтөҕүм, наар харахпын умса тута сатыырым.
Суол арахсыытыгар мин урут тиийдим. Санаабар, кириэстэнэргэ дылы гынным, арахсыы суолунан сүүрэн тэбинэн кэбистим. Атахтарым босхо барбыт курдуктара. Тыахан оҕонньор өтөҕөр биирдэ баар буолан хаалбыппын бэйэм даҕаны өйдөөбөппүн.
– Абааһыларыҥ эйигин эккирэппэтилэр дуо?
– Суох. Сатаналар хайа диэки барбыттара буолла. Суолтан арахсан иһэммин хараҕым кырыытынан көрбүтүм: миигиттэн баара-суоҕа уонча хаамыылаах сиринэн суол устун иһэллэрэ. Дьоҥҥо куттаммыппын биллэримээри, ыалга сылдьыбакка, тэлгэһэлэрин ортотунан киирэн, түгэҕинэн эргийэн, ыалларбар барбытым.
– Оттон Арамаан хайдах көрбүтэй?
– Кини бэрт ыраахтан көрбүт этэ. Сайылык ортотунан Нуучча тумулугар истэхтэринэ көрөн, улаханнык куттаммыт этэ. Уодай Сэмэн да ол дьону көрбүт буолуохтаах. Онтукаҥ кыһыл бассабыык ээ, абааһыны көрдүм диэн кэпсиэ дуо? Туох сатаналара сылдьыбыттара буолла? Дьиктиргиэхпит иһин, кинилэри бары биир күн көрбүт этибит. Кэлин ким да көрбүтэ биллибэт. Быһыыта, ханна эрэ баран иһэн таарыйбыт «дьон» буоллахтара, – диэн Буочча Миитэрэй кэпсээнин бүтэрбитэ.
Биһиги бары даҕаны дьиктиргээбиппит. Балайда, саҥата суох олорон, чэйбитин иһэн сыбырҕата олорбуппут. Тулабытыгар хараҥаран, халлааҥҥа бачымах курдук сулустар хойдон барбыттара. Киэһээҥҥи чуумпуга биһиги саҥабыт, чугастааҕы ойуун уҥуохтаах бырааҥҥа эҥсиллэн субу баардыы дуораһыйара. Эмиэ абааһы туһунан кэпсэттэххэ буоларын курдук, кэннибитин да хайыһыахпытын дьулайа олорбуппут.
ҮС ҮРҮЙЭ ТӨРДҮГЭР
Сааһыары кыһын. Хайалар быыстарынан хайа солоон түһэр үрэҕи өксөйөн, Уодай Уйбаан атыыһыт наадатынан сыарҕа атынан айаннаан испит. Күн киэһэрбит. Онуоха эбии, былыттаах буолан, хайалар быыстара