Уоскуйан баран, кырдьаҕастарын илдьэ өтөхтөрүгэр барбыттар. Көрбүттэрэ, балаҕаннарын аана аһаҕас аҥайан турар эбит. Куттанан систэрин этэ кэдэриҥнии-кэдэриҥнии балаҕаҥҥа чугаһаабыттара, уоллара аан боруогун ситэ туораабакка эрэ, умса түһэн сытар эбит. Айаҕынан хаана барбыт. Охтоот да, тута өлбүт быһыылаах – мөхсүбүт быһыыта биллибэт. Хайыы-үйэҕэ муус кырыа буолан, адаарыччы тоҥмут киһилэрин сыарҕаларыгар тиэйэн дьиэлэригэр аҕалбыттар. Ириэрэн таҥаһын уларытаары сыгынньахтыы сылдьан көрбүттэрэ, көхсүн хараҕар улахан баҕайы, киһи ытыһын саҕа күөх баланах олорон хаалбыт. Ону көрөн оҕонньор олус аймаммыт: «Акаарылар, иччитин бараабыт өтөххө дугуйданаҥҥыт хаарыаннаах, соҕотох уолбун былдьаттаҕым», – диэн уйа-хайа суох ытаабыт. Чахчыта, уола сор суолламмытын сүрэҕинэн сэрэйэн баран, кыатана сатаабыт буолуохтаах. Оҕонньор эрэйдээх бүтүн киһини, буолаары буолан, соҕотох оҕотун сүтэрэн баран, тоҕо ытаабат буолуой? Бэрт өр ытаан, кудугун тоҕон баран: «Оҕом барахсан быстах оҥоһуулаах буолан былаҕайга былдьаннаҕа. Абааһы уолум көхсүн хараҕын дьөлү охсон кэбиспит. Эрэйдээҕим сыыһа, көхсүнэн хаана баран, тута бараахтаабыт».
Кэлин хас да сыл ааспытын кэннэ тыыннаах ордубут уолаттартан биирдэстэрэ: «Суорҕаны бүрүнэн олорон хотон иһиттэн наһаа улахан хара бэкир биһиги диэки кэлэн иһэрин хараҕым кырыытынан көрбүтүм да, кылана түһээт, таһырдьа буутум быстарынан ыстаммытым. Наһаа куттаммытым, куйахам күүрбүтэ, этим тымныйа түспүтэ, бастаан ханна да баарбын билбэт курдугум. Өтөх саҕатыгар тиийэн, тыын ылаары тохтуу түспүтүм. Ол турдахпына, Муҥутаан (уолаттартан биирдэстэрэ) хараҕын тиэрэ көрөн кэбиспит, аттыбынан сирилээн ааспыта. Мин кэнники буолан хааларбыттан наһаа куттаммытым да, эбии инним хоту тэбинэн кэбиспитим. Кэннибиттэн ким эрэ атаҕын тыаһа иһиллэргэ дылы этэ. Санаабар, абааһы субу аҕай ситэн кэлэн харбаан ылыах курдуга», – диэн кэпсээбитэ үһү.
УУ КУРДУК «ДЬОН»
Илин толооҥҥо бурдук быһа сылдьан, отуубутугар киэһэ чэйбитин иһээрибит, кутаа оттунан баран, наҕылыччы соҕус аһыы олорбуппут. Бөөдөҥкө уонна Чээмпэрэ диэн оҕонньоттор уруккуттан кэпсиир абааһыларын кэпсээбиттэрэ.
– Доҕоттоор,