– Романтика дии! Ким да үктэммэтэх ыырдарынан кэрийии, баҕар, ол сылдьан алмаас, кыһыл көмүс сирдэрин булан, улахан арыйыылары оҥоруоххун сөп.
– Оо, ол киһи аайы тиксибэт дьыала буоллаҕа.
Уол бу олорон кыыс адьас субу, аттыгар сэгэспит сииктээх уостарыттан, сүүһүгэр түспүт баттаҕын сүүмэҕиттэн уонна хаһан да билбэтэх духуутун сыта туймаардарыттан өй-төй курдук буолуталаан ылла, сүрэҕин тыаһа иһийбит хоско барытыгар иһиллиэхтии күүскэ тиҥиргэччи тэбиэлиир, күөмэйэ кууран, салгын да тиийбэт курдук… Эмискэ кыыһы кууһан уураан ылбытыгар биирдэрэ соһуйан чинэрис гынна, итиэннэ күүскэ садьыаланан уол илиитин төлө оҕуста:
– Кэбис, итинник гыныма, эн туох да куһаҕаны оҥоруо суох буолан тылгын биэрбитиҥ дии?
– Ксенья, мин эйигин маҥнай көрүөхпүттэн сөбүлүү көрөбүн, оттон бу сыллыы сатаабыппын бырастыы гын, аны итинник гыныам суоҕа, ол эрээри сөбүлүүбүн диэбиппэр ама буруйдаах буолуом дуо, аата абааһы көрөбүн диэбит буоллаҕай…
Кыыс мичээрдээтэ, тугу да хардарбата, арай уһун кыламаннара сапсыҥнастылар. Балачча олордулар да, кэпсэтии ыллыгын-суолун булбакка, симиктик кыламныыр төлөнө умнулунна.
Уол: «Орон оҥорон биэриим, утуй», – диэбитин кыыс аккаастанна, онон иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр өйөнөн хороччу олороллоругар эрэ тиийдилэр, түүн үөһүгэр тиийиилэрэ харахтара сабыллан бара турарыттан өрүһүнэ сатаатылар да, сылбай уу улам баһыйан барда…
Сарсыарда Бэргэн уһуктубута – дьыбаан өйөнөрүн уонна ойоҕос ыксары турбут ыскаап муннугар кыбыллан утуйбут, дэлби көһүйбүт, кыыс төбөтүн кини санныгар ууран утуйан, мунна биллэр-биллибэттик сыыгыныыр. Уол сылайбытын да иннигэр, кыыһы уһугуннарымаары хамсаабакка олордо, Ксенья балачча мунна сурдурҕаан баран, хараҕын аста уонна Бэргэн санныгар сытарын өйдөөн хонос гынан тэйэ оҕуста:
– Хайа, Бэргэн, утуйан хаалбыппын дии?
– Олорон эрэ утуйбуппут, чэ, туран суунан-тараанан сэргэхсийиэххэ.
Чэйдии олорон Бэргэн ыйытта:
– Кэлэр субуотаҕа пааркаҕа барабыт дуо?
– Пахай, эмиэ охсуһууга түбэһээри барыам дуо? Ити тэлэкэччиһэ сылдьан киһини дэҥниэхтэрэ, суох…
– Чэ, оччоһо мин өйүүн бүтэһик эксээмэммин туттарабын, ол кэнниттэн эйиэхэ тиийэ сылдьыам, ханна эмэ дьаарбайа барыахпыт.
– Көрүөхпүт.
3
Бэргэн сарсыныгар эксээмэнигэр бэлэмнэнэн, Пушкин аатынан бибилэтиэкэҕэ күнү быһа олорон баран, киэһэриитэ аахпыт кинигэлэрин туттарда уонна сылайбыта таайан Ленин проспегын устун аа-дьуо саллаҥнаан истэ. Оптуобус тохтобулун аттынан ааһан истэҕинэ ким эрэ чуолкайдык: «Бэргэн!» – диэн ыҥырбытыгар тохтуу түстэ. Тохтобулга турар дьон быыһыттан биир дэриэбинэттэн сылдьар киһитэ Көстөкүүн күлбүтүнэн утары хааман кэллэ. Уол кинини көрөн эмиэ мичээрдээтэ, кырдьык, маҥнай үөрэнэ киирдэҕин утаа, куоракка дойдутун киһитин көрүстэҕинэ олус үөрэр буолара, билигин куорат олоҕор син үөрэннэ да, син биир дойду киһитэ күндү, оттон бу Көстөкүүнү