Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Егор Неймохов
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2010
isbn: 978-5-7696-3310-2
Скачать книгу
саҕаланнаҕа. Ким да ыгылыппат, бэйэҥ таптыыргынан бириэмэҕин аттарар түгэниҥ, сынньаныы, тыйаатырынан, киинэнэн сылдьыы… Кыыс ол олорон Бэргэнниин билсибитин санаата, кини билиҥҥитэ биир да уоллуун доҕордоһон көрө илигэ, арай оскуоланы бүтэрбиттэрин бэлиэтиир киэһэҕэ бииргэ үөрэммит Колята кыратык шампанскай испититтэн өрө көтөҕүллэн, олус долгуйан хараҥа муннукка сиирэ-халты сыллаан ылбытыгар соһуйан: «Хайа, хайдах буоллуҥ?!» – диэн саҥа аллайбытыгар, уол борук-сорукка да биллэр гына дьэс кытаран хаалбыттааҕа.

      Оттон бу биэрбит Сергей Крутилин «Косой дождь» диэн сэһэнин ааҕан сөбүлээтэ, кырдьык, киһини толкуйдатыах кинигэ эбит. Эр киһи ойоҕо өлбүтүн кэнниттэн кини суруна сылдьыбыт тэтэрээтин – күн ахсын бэлиэтэнэн испит күннүгүн булан ааҕан, аттыгар адьас атын өйдөөх-санаалаах киһи олорон ааспытын, эр киһи туохха да аахайбатын түмүгэр дьылҕалара дьаалатынан устан, дьоллоох ыал буолар түгэннэрин куоттарбыттарын хойутаан өйдөөн кэмсинэрин эҥин туһунан судургу тылларынан эрээри, киһи кэрэхсээн, тартаран ааҕарыныы суруллубут.

      Сэһэн геройа таптаан-сөбүлээн ыал буоллаҕа уонна бииргэ олорбуттарын тухары кэргэнигэр кыһаллыбатах, өлбүтүн кэнниттэн дьэ биирдэ бабат-татат диир, ол эрээри хайыаҥ баарай – хайдах да ытаабыт иһин, хантан кэлэн харах уута киһини тилиннэриэ, урукку олохторун саҥаттан эргитиэ баарай? Таптал кими баҕарар долгутар, кэрэхсэтэр, хайа баҕарар киһи ол дьоллоох түгэни кэтэһэр, кими эмэ сөбүлүү көрдөҕүнэ: «Кини дуо мин күүтэр олоҕум аргыһа?» – дии санаан эрдэҕэ, оттон бу уол, Бэргэн, кимий? Кыыстаах дуу, суох дуу, Динаттан ыйыталаһан көрүөххэ баара…

      Түннүк өстүөкүлэтигэр сахсырҕа омунугар охсулла-охсулла көтөр тыаһа дыыгынаабытыгар хонос гына түстэ: «Сахсырҕа тиллибит, бэл бу таас дьиэ хоһугар баар буолбут, ол аата саас кэллэҕэ, ол күүтүүлээх кэми кытта таптал кэлиэ дуо? Аны бу билиэт, тоҕо босхо биэрдэ, арай киинэҕэ бииргэ сылдьыахха диэн ыҥырбыт буоллун, оччоҕо хайыа этэй, арааһа, аккаастыа этэ, хаһан да билбэтэх уола ыҥырдаҕын аайы, иһиттиэм-истибэтим диэбиттии, өмүрэх курдук хайаан барсан иһиэҕэй? Билигин Дина кэллэҕинэ иккиэн бииргэ киинэҕэ барыахтара, биллэн турар, дьүөгэтин оннугар олоҕун аргыһа буолар эрэллээх уоллуун киинэлиир быдан ордук буолуо этэ да, билиҥҥитэ кини көстө илик, ону хайыаҥый… Ханна сылдьара, хайа уулуссанан кэлэн ааһара буолуой кини – саха хорсун-хоһуун ыччата, кэрэ кыысчаан күүтэр Ньургун Боотура?..»

      2

      Күн-дьыл ааһан күлүмэхтэтэн, сайын буолан, устудьуон аймахха бэс ыйыгар эксээмэн туттарыыта субу кэлэ охсубута. Уочараттаах эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэр консультацияҕа сылдьан баран, уопсайдарыгар төннөн бэлэмнэнэ олордохторуна, консультация кэнниттэн ханна эрэ элэс гына охсубут Ылдьаа соруктаах аҕайдык туттан-хаптан киирэн кэллэ. Кини ааны ыга сабан баран, ким эрэ истиэ диэбиттии, сипсийэн биир тыынынан субурутта:

      – Уолаттар, бардыбыт! Бүгүн биир куорат уола табаарыһым квартиратыгар бобуулаах киинэлэри видеомагнитофонунан көрдөрүөх буолла, аһыы-аһыы сынньаныаххайыҥ, кэлэр эксээмэнтэн санаарҕаамаҥ.