Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Егор Неймохов
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2010
isbn: 978-5-7696-3310-2
Скачать книгу
уол киһилэрин батыһан иһирдьэ киирдилэр, кэҥэс уһаайба, хортуоска уга саҥа бытыгыраан эрэр ыһыллыбыт сонуога, олбуору кыйа сарай, туох эрэ тутуулар бааллар, улахан дьиэттэн өссө антах, уһаайба иһигэр турар буруус маһынан тутуллубут дьоҕус дьиэҕэ кэлэн киирдилэр. Ортотугар сыбаҕа суох кирпииччэ оһох, ситэ ыпсыбатах быыстарыттан хаппыт буор долгуннура быгар, оһох хаҥас өттүгэр биир эркини барытын киэптии кэтит тимир орон кураанах боробулуоханан көрөн турар, үрдүгэр кырааската суох хаптаһын долбуур, ону аннынан «Огонек» сурунаалтан кырыллан ылыллыбыт хайа эрэ сыл халандаара – эдэр уоллаах кыыс бугул тэллэҕэр көҕүс-көҕүстэринэн өйөнөн олороллор. Кинилэр уопсайдарыгар Крамской ааспыт үйэтээҕи «Биллибэт дьахтара» улуутуйа туттан, карета түннүгүнэн кынчыатыы көрөр эбит буоллаҕына, манна билиҥҥи кэм уоллаах кыыһа тыаҕа, бугул түгэҕэр олороллоро хайдах эрэ кинилэр олохторугар маарынныыр буолан дуу – быдан чугас курдук. Ити хартыынаҕа сайыҥҥы тыа сирин чуумпу киэһэтэ нуурайбыта-нусхайбыта бу быыкаайык дьиэ иһин холку, истиҥ, нуһараҥ көрүҥнүүр. Оһох уҥа өттүгэр бэйэ оҥоһуута остуол, икки эрэ киһи батыан сөп быһыылаах.

      – Устудьуон дьонтон элбэҕи көрдөөбөппүн, ыйга отут солкуобай уонна уокка оттор маскытын бэйэҕит булунаҕыт, – хаһаайын боппуруоһу быһаччы быһаарсар киһи буолла.

      Устудьуон ыйдааҕы истипиэндьийэтэ 56 эрэ солкуобай, онон холбоон мөһөөх уон иккиттэн чиэппэрэ куортамҥа барарыттан Бэргэн иһигэр төһө да ыарырҕата санаатар, сөбүлэһэригэр тиийдэ: «Ыксаатахха, харабыл эҥин курдук туох эмэ быстах үлэҕэ киириллиэ уонна эһиил бүтэрэр сылбытыгар истипиэндьийэбит арыый эбиллиэхтээх, оттон дьиэ диэн дьиэ, үрдүбүтүгэр кэм кырыыһалаах буолабыт», – дии санаата уонна ыйытта:

      – Хас массыына маһынан сыл тахсарбыт буолла?

      – Ээ, пахай, биир массыынан ыллыы-туойа кыстыыгыт, кыратык отуннугут да, таһырдьа куотардыы итиинэн оргуйар баанньык буолар, – диэн хаһаайын дьиэтин хайҕаата уонна дьээбэлэнэн мүчүк гынна: – Бачча эдэр оҕолор уотунан умайа сырыттаххыт, оттубатаххытына да ити орон үрдүгэр түүҥҥү үлэ-хамнас тоҥорбото буолуо ээ, һа-һа-һаах! Биир биллэр бэйиэттэн: «Оҕоҥ тоҕо элбэҕий?» – диэтэхтэринэ: «Дьиэм тымныы, дьиэм тымныы», – диир сурахтааҕа. Һа-һа-һаах!

      Бэргэннээх Ксенья сирэй-сирэйдэрин көрсөн эрэ кэбистилэр, киһилэрэ толоос соҕустук үөрэрин-көтөрүн хайалара да биһирээбэтэ, арай кыыс моонньуттан саҕалаан, иэдэстэрэ кытаран хааллылар.

      – Чэ, ити курдук, – диэтэ Бэргэн, киһилэрин халыҥ соҕус оонньоһуутуттан саллан, кэпсэтиини бүтэрэ охсоору, – Ксенья сотору соҕуруу сынньана барар, мин иһит-хомуос аҕалыам уонна каникулбар дойдулуубун, аны күһүн үөрэх аһыллыбытын кэнниттэн кэлиэхпит.

      – Чэ, сөп, – Дьарааһыннара боччумура охсон Бэргэнниин илии тутуста уонна үһүөн таһырдьа таҕыстылар, дьиэлээх хаһаайын олбуор ааныгар диэри атаарарыгар саҥата-иҥэтэ хам буолбат:

      – Биир усулуобуйалаахпын – түүн олус хойутаабаккыт, уонтан киэһэ кэлииккэ лип хатанар.

      – Биирдэ эмэ бырааһынньыкка хойутаатахпытына, ыалга хоно хаалыахпыт, онтон атыныгар эрдэ баар