Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Багдарыын Сүлбэ
Издательство: Бичик
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3890-9
Скачать книгу
түүн тахсан, били саар булгунньахха буолбакка, абааһы уола киирэн тохтуур тиитигэр тахсан турар. Ол турбутун кэннэ, Хатырыктаах Санньылҕа барыта муус маҕан таҥаһы таҥыннаран таһаарар. Дьэ, эмиэ уруккутун курдук, сарсыарда тыҥ хатыытын саҕана, ол аата айан киһитэ туруутун саҕана, били тиит төрдүгэр Былыт уола убайар уот кугас, түөт атаҕа баһырҕастаах, хараҕын анныттан ылата сирэйэ муус маҕан хастаххай тумустаах, муус маҥан чакырыас харахтаах, түөт атаҕа баһырҕастаах, хатыҥ баһырҕаһын 5 курдук, кутуруга туос элэмэс, туос ала убайар уот кугас акка мэҥэһиннэрэн, дьахтары көтүппүт дииллэр. Ити аата Көтөр Бүөбэхпит, Былыт уолугар кэргэн тахсан, үөһэ көтүспүт.

      Былыт уола, тоҕус хонон баран, Хатырыктаах Санньылҕаҕа биир киһини ыытар. Хатын балтыҥ Көтөр Бүөбэх иистэнэр малын, иһитин умнан кэбиспит. Ону сүгэн таһааран биэриэҥ үһү диэн. Көтөр Бүөбэх иистэнэр малын Хатырыктаах Санньылҕа үс төгүл төхтүрүйэн, илбиһирэн кыыран баран, кыайан сүгэн таһаарбатаҕа үһү.

      Итинтэн ылата Күөттээни оҕонньор алааһыгар, дайдытыгар олорор. Иккис уола Лыгый Бөҕө, үһүс уола Адаҕымда Бэт баһылаан-көһүлээн, салайан бараллар.

      Хатырыктаах Санньылҕа, ол-бу дойдуну кэрийэн, кыырар идэлэнэр, хас да сыллар усталарыгар оннук идэлэнэ сылдьан, биирдэ биһиэхэ, Хатырык нэһилиэгэр, аҕа уустаһыыта үөскээбитин кэннэ, ити Чачы аҕатын ууһун сиригэр, Бэс Тумуһах диэн тумулга Пөдүөрэ күөл илиннии соҕуруу тэллэҕэр, баараҕай улахан бэс тэллэҕэр икки бэс силиһин икки эрдигэр киирэн, сонун сыттанан баран утуйа сыттаҕына, Чачы аҕатын ууһун оччотооҕу баһылыга, ити Тиэрэхэптэр төрүттэрэ, аата кимэ да биллибэт, сэттэ сүгэлээх киһини ыытан, били Хатырыктаах Санньылҕаны баһын быһа оҕустарар. Быһа оҕустарбытын кэннэ, били, быһан бараннар, сэттэ киһи, аттарын үрдүгэр түһэн, төттөрү ол баһылык оҕонньордоругар киирэн, Хатырыктаах Санньылҕаны, дьэ, кыайдыбыт-хоттубут, өлөрдүбүт, баһын быстыбыт дииллэр. Ол диэн бараннар, кэпсии турдахтарына, Хатырыктаах Санньылҕа баһын түөһүгэр көтөхпүтүнэн: «Дьолгун-соргугун тоҕо бырахтаҕым буоллун», – диэн баран, Чачы баһылыгын түөһүгэр Хатырыктаах Санньылҕа көҥдөй көхсө, быстыбыт төбөтүн илиитинэн тутан ылан, түөһүгэр быраҕар. Сэттэ киһи, куттананнар, үрүө-тараа ыстаналлар. Оҕонньордоох эмээхсин, сүрэхтэрэ хайдан, уолуйаннар, сонно тута өлөллөр.

      Онон Чачы аҕатын ууһа ити үс киһини онно тута көмөллөр. Ол кэнниттэн хас да сыл буолан баран, бу Нам сиригэр киирэн, Хатырыктаах Санньылҕа сүппүтүн, өлбүтүн туһунан сурах иһиллэр. Кини бэйэтин сиригэр, дьэ, онно үҥсэннэр, ол Бүтэй Үөттээҕи уларыттараннар, Хатырыктаах Санньылҕаны кэриэстээн, бу сири Хатырык нэһилиэгэ буоллун диэн ааттаабыттар үһү диэн сурах баар.

      Итини кэпсээбиттэрэ: Чурапчы улууһун киһитэ Сахаарап Сэмэн диэн киһи. Намҥа, Үөдэйгэ киирэн олохсуйа сылдьыбыта. Итиэннэ Кыычыкын Хабырыыс (Хабыанньа) диэн киһи. Түбэ киһитэ Лиэбэдьэп диэн, ойуун дииллэр этэ, киһи эмиэ кэпсиирэ. Үһүөн биир тылынан кэпсииллэр этэ. Мин үһүөннэрин кэпсээнин истэр этим.

      Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

       1