Бокоойуга ааҕымаҥ:
Алта салаа муостардаах
Атаралыыр тайах кыыл
Аҥаарытар айаҥҥа
Ааһан баарта суох дииллэр.
Кылатара кытарбыт,
Кыайан көрүө дуо диэмэҥ:
Кытарбытын иннигэр
Кыраан ылар кыҥааһын.
Кыырай халлаан кыстыктаах,
Кыптыгыркаан кынаттаах,
Кындыа көтөр кыыл бииһин
Кыдыйарын сөҕөллөр.
Кэлим элбэх кэлгиэлээх
Кэтириинискэй доруобун
Эҥсилгэннээх эстиитэ
Эккэ эрэ дэһэллэр.
Кэмчи соҕус да буоллар,
Кэнтиктэрэ охтуулаах,
Татым соҕус да буоллар,
Чааркааннара тардыылаах,
Эндэппэккэ таба биэрэр
Эбиэннэрэ иҥсэлээх.
Боччум илии муҥунан
Бобо тутар оҕонньор
Саһыл, саарба арааһын
Сааһылыырын сөҕөллөр.
Ыһыктары билбэтэх
Ыга тутар ытыстаах,
Ылыммытын ыпсарар
«Ыччат» буолар дэһэллэр.
ЫРААХ МУОРА КУМАҕАР
(Поэма)
Муораҕа күөх күдэрик түһэн,
Чуумпуттан чуумпутук доллоһуйар;
Хаһан эмэ хопто, арыт ытаан, арыт күлэн,
Аймыыр аҥааттыбыт чуҥ салгыны.
Хоту дойдуга көстүбэтэх күн тахсан
Холку хомо долгунугар оонньуур;
Хомо уҥуоргу хоптолоох кумаҕыттан
Тууһуурга[1] туоруур тыы эрдиитэ оймуур.
Ол оҥочоҕо дьол туһунан, олох туһунан
Икки киһи кэпсэтэрэ.
Чуумпу долгун, балык умнуллан,
Санаа дьоллоох кэлэргэ тиийэрэ.
– Эн, – диирэ эр киһи куолаһа, –
Эрэн биһиэхэ – доҕотторгор,
Олоххо баар бары куһаҕан
Сырдык, ыраас аргыстаах буолар…
Дьахтар куолаһа махтанара
Ыар күнүгэр кээспэтэх доҕотторугар.
Ол курдук уста турбуттара
Муора доллоһуйар долгунугар.
1
Хатыҥ үрэх үрдүгэр
Баар ээ маҥан балаҕан,[2]
Ол дьиэ сырдык хоһугар,
Оо, эн кими көрөҕүн?
Сэрии суоҕар ол дьиэҕэ
Эдэр кэргэн олоорто,
Эдэр кэргэн ол дьиэҕэ
Элбэх дьолу билбитэ.
Онно баара эдэркээн
Бу дьиэ кэргэн аҕата,
Ааҕааччыа, эн кэрэхсиир
Театрыҥ артыыһа.
Онно баара оһуордаах
Түннүктэрин муҥунан
Сибэккини кэккэлиир
Мин эдэр героиням.
Онно баара дьиэ сэргиир
Эдэр кэргэн чыычааҕа,
Мэник киһи, кыра кэргэн –
Хара харах Валентина.
Онно баара үөрэ кырдьар,
Дьон таптыыр эмээхсинэ –
Дьиэни дьиэлиир, сиэнин иитэр
Маанылаах эбэлэрэ.
Хатыҥ үрэх үрдүгэр
Турар маҥан балаҕан…
Бур-бур буруо бургуйар:
Көр суох, чуҥкук, куһаҕан.
Бу дьиэ сырдык хоһугар
Хаалбыт сиэннээх эмээхсин.
Аһыы баттыыр, саас ылар…
Ол да буоллар ыал ээ син.
Кини кэпсиир бар дьоҥҥо:
– Күн-дьыл