Уһуга суох
үөрүү тыына
сүрэххэ кутулунна.
САРСЫАРДА
Көр эрэ: сырдык дьол
Мичээригэр маарынныыр,
Көр эрэ: сардаҥа
саҕахха сыдьаайда.
Аан дойдум уһуктан,
Сырдыкка сыламныыр,
Аан дойдум саҥанан
сандаарда.
Саҥа күөх солкоҕо
Сууланан турдулар
Саҥа күөх
унаарар мырааннар,
Эн курдук мөлүйүөн
Дьон турар,
уһуктан,
Эн курдук,
хомунар,
тараанар.
Советскай киһи, эн,
дьиэ тута
тахсаҕын
Советскай Союзка –
мөлүйүөн.
Сүгэҕин эн маска батары охсоҕун,
Охсуллар сүгэлэр –
мөлүйүөн…
Дирбийэн-дарбыйан
үлэлии тураҕын;
Ыраатта
эн үлэҥ ырыата.
Дирбийэн-дарбыйан
сатарыы турдаҕа
Советскай сир ийэ
барыта.
Мас суоран, таҥастаан
Истиэнэ уураҕын –
Мөлүйүөн
истиэнэ ууруллар.
Эн түргэн
тутуунан
Сарайдаан бүтэҕин –
Мөлүйүөн
саҥа дьиэ
сандаарар.
Эн ыллыыр
ырыаҕар
Сардаҥа сыдьаайар,
Эн ырыаҥ иһиллэр
сир аайы.
Эн өлбөт ааккыныы
саҥа дьиэҥ сандаарар…
Сарсыарда
сайаҕас, ылааҥы.
КҮһҮН
Бурдук сириттэн улардар көттүлэр,
Буруо уһуннук тура унаарар,
Алаас аһыллан ынахтар маҥырастылар,
Амтаннаах кэнчээри сыта тунуйар.
Уонна дуо, доҕоттоор, сайдам салгыным,
Убуруу-сыллыы, уолукпар эриллэр,
Утаппыт сүрэххэ сүдүрүүн нууралым
Уһуннук-уһуннук угуттуу диэлийэр.
Оттообут хотуурун отунан баайан
Оҕонньор киһи хоспоҕор уурар,
Дьиктилээх күнүм, санньыйа ылааран,
Тииттэргэ саһаары тыаһа суох устар.
Ол дьиэҕэ киһи суох: оҕонньор дал тутар,
Хобороос хотону сыбаһа барбыта.
Маҥхааһай таһыгар бурдук астыыллар,
Уйбаан эһиилги сонуогу хорутар.
Көҥүл сир дьонноро олоҕу оҥостор
Күүрээннээх үлэнэн күһүнү көрсөбүт.
Үлэни үмүрүтэн муҥхаҕа, булка
Кыһыны кытта тэҥҥэ туруохпут.
Өйдүүгүөн үүнүүлээх хонуунан
Күүлэйдии миигинниин испиккин,
Хонууга сибэкки хомуйан
Хоскор эн киллэриэх буолбуккун?
Кэмчиэрэ ыйытар саҥабар
Хоруйдаан биир тылы эппиккин,
Сөрүүҥҥэ, сииктээх түүн үөһүгэр
Сэмэйдик сиэттиһэн испиккин?
Өйдүүгүөн олох киэҥ суолунан
Дьоллоохтук хаамыахпыт диирбитин,
Эриэккэс санааттан долгуйан,
Эн онно мичээрдии испиккин?
Оччоҕо мин, хоту көтөөрү,
Кынаппын куурдуна сылдьарым.
Арахсыы ол дьоллоох чаастарын
Ахтаҕыан, мин күндү