Дойду ахтылҕана. Семён Данилов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семён Данилов
Издательство: Бичик
Серия: Саха народнай суруйааччылара
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4217-3
Скачать книгу
миинэбин,

      Мин эмиэ айаҥҥа турабын.

      Иннигэр элбэхтэр тураллар

      Дууһаҕын абылыыр санаалар,

      Олох уон охсуулаах суолугар

      Араастаан ыҥырар халлааннар.

      Эн санньы долгуйа көрөҕүн

      Кэннигэр хаалларар дойдугун,

      Ол эрэн көппүччэ көтөҕүн,

      Санааҕын ырыанан дуйдуугун…

      Ол ырыа – эн дойдуҥ симэҕэ,

      Кининэн эн дьолгун кэпсиигин.

      Ол иһин хойукку эн сиэниҥ

      Өйдүөҕэ ол ырыаҥ кэрэтин.

      Өйдөөтүн. Олоорпут биһиги

      Сарсыҥҥы дьол иһин охсуһа,

      Өлөртөн, тиллэртэн кырдьыгы

      Ордорон оҕолуур туһугар.

      АЙМАХ ДЬОНУМ

      (1949–1954)

      ПАРТИЯ ТУһУНАН ЫРЫА

      Күөх мыраан күлүгэ аларга түһүүтэ

      Өлүөнэ чэлгийэр биэрэгэр,

      Колхозтаах хочоҕо, бу дьоллоох дойдуга

      Өрүүтүн биир ырыа дьиэрэйэр.

      Сүрэхтэн тахсаллар ол ырыа тыллара,

      Ырыаҕа партия туойуллар.

      Аан дойду билбэтэх махтала, таптала

      Этиллэр ол ырыа тылыгар:

      – Уйгулаах олоххо, бу дьолго, көҥүлгэ

      Коммунист партия тиэрпитэ,

      Баттанан олорбут сахаҕа, эбээҥҥэ

      Кэхтибэт кэскили биэрбитэ.

      – Туойуоҕуҥ, сахалар, кыайыыттан кыайыыга

      Тиэрдээччи партия сирдьити,

      Мэһэйтэн иҥнибэт, ыардартан чаҕыйбат

      Коммунист дуулаҕа кэккэтин.

      Кылбаарар кыыс кэрэ Өлүөнэм биэрэгэр

      Ол ырыа сатарыы дуорайар.

      Колхозтаах хочобор ол көҥүл сахалар

      Партия сирдьити туойаллар.

      НУУЧЧАЛЫЫ МИН БИЛИИМ

      Я русский бы выучил только за то,

      что им разговаривал Ленин.

      В. Маяковский

      Мин сахабын.

      Мин ырыам

      Сахалыы

      Сатарыыр,

      Баай тыл – мин тылым,

      Ол эрээри ардыгар…

      (Ардыгар, атастар)

      Дьадайар,

      Тардыастыыр.

      Оччоҕо дууһабар

      Оргуйар санаабын

      Нууччалыы тобулан,

      Толорон туойабын,

      Нууччалыы

      Баай тыллаах буоламмын.

      Долгуйбут дууһабар

      Нууччалыы чочуллан

      Номоҕон дорҕооттор

      Тохтоллор,

      Сахалыы

      Сатарыыр туһугар!

      Мин ырыам

      Сахалыы

      Сатарыыр,

      Нууччалыы

      Мин тыллаах буоламмын,

      Аан дойду үөрэҕин,

      Аан дойду талаһар баҕатын

      Барытын истэбин,

      Барытын билэбин,

      Нууччалыы

      Тыл баайдаах буоламмын.

      Нууччалыы

      Саҥарар буоламмын,

      Доҕордуу дьоннордуун,

      Негрдиин, маврдыын –

      Сүүс араас омуктуун

      Сүбэбин холбуубун,

      Сүрэхпин холбуубун.

      Нууччалыы

      Саҥарар буоламмын,

      Аан дойду көй үгүс

      Эйэни көмүскүүр дьонунуун

      – МИР! – диэммин билсэбин. –

      – Миру – мир! – дэһэбин.

      Нууччалыы

      Мин